Дэриэбинэлэр икки ардыларыгар дьиэлэри туттулар

05.01.2017
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун саамай уһук сытар нэһилиэгэр Туобуйаҕа кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына биирдэ массыыналар сырыылара саҕаланар.

«Билигин Трэкол вездеходтаах уонна сөмөлүөт көтөр буолан абыранныбыт. Урут сайыҥҥы өттүгэр хас да хонугу быһа сатыы хааман улуус киинигэр киирэрбит»,- диэн баһылык Степан Алексеев кэпсиир. Туобуйа сэлиэнньэтэ Үөһээ Бүлүүттэн 250 килэмиэтир тэйиччи сытар. Кыһыҥҥы эрэ суоллаахтар. Ааспыт сайын субсидиялаах 19 рейс оҥоһуллубут. Биир хайысхата 4500 солкуобай. Кэлэ-бара 9000 солкуобай. Дьэ, кытаанах сыана. Өссө бу чэпчэтиилээҕэ.
Оттон вездеход билиэтин сыаната төһөнүй диэн Степан Ивановичтан ыйыппыппар:
— Ээ, дьону босхо таһабыт. Сорохтор уматык кутан биэрэллэр. Икки Трэколлаахпыт. Нэһилиэккэ 320-тэн тахса киһи олорор. Сайын сырыы элбиир, — диэн этэр.
Үс-хас сылтан бэттэх, Үөһээ Бүлүү — Туобуйа хайысхатынан 4×4 иэннээх алта дьоҕус дьиэни тутан үлэҕэ киллэрбиттэр. Бэйэ-бэйэлэриттэн 15-20 килэмиэтир тэйиччи тураллар. Суол кытыытыгар, тута харахха быраҕыллар сиргэ туппуттар. Онон уһун унньуктаах айаҥҥа массыыналаах дьоҥҥо абыраллаах дьиэлэр. Дьиэлэр бары тимир оһохтоохтор. Айанньыттар массыыналара алдьаннаҕына бу дьиэлэргэ киирэн быыһаналлар.


— Син балачча харчыны көрдөххүт? Бюджет харчытын суотугар туттугут дуо?
— Биир дьиэни бэйэм харчыбынан туттарбытым. Атыттарын улуустааҕы резервнэй фондаҕа көрүллэр үбүлээһинтэн. Биһиги улуус кииниттэн ыраах олоробут. Биһигиттэн чугас — 160 килэмиэтирдээх сиргэ Быракаан сэлиэнньэтэ баар. Урут Быракааҥҥа диэри массыынанан кэлэн баран, сатыы Туобуйаҕа түһүнэллэрэ. Аны сирбит хайалаах. Онон ол эбиискэ буолан, массыына сырыытын харгыстаһар. Таһаҕастаах массыыналар сатаан сыырыы тахсыбат да түгэннэрэ баар буолааччы, — диэн хардарар.
СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чэрчитинэн, Арктика уонна хоту улуустарыгар вездеходунан хаачыллыы бырагыраамата үлэлиир. Ол эрээри туобуйалар бу бырагыраамаҕа сатаан хапсыбаттар.

Аны кыһыҥҥы суол алтынньы бүтүүтэ аһыллан баран, муус устар ортото сабыллар.

Анивера Акимова, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0