Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтигин сиригэр-уотугар аракыата тобоҕо түспүтүн байыаннайдар хомуйа сылдьаллар үһү диэн сурах тарҕаммыта. Кэнтик аттынан ааһар Тоҥуо үрэҕинэн тимир тиһиликтээх тиэхиньикэлэринэн көрдүү сылдьалларын көрбүт аатыран, нэһилиэнньэни аймаабыттара.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев ити сураҕы истээт, Үөһээ Бүлүүтээҕи Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтигэр Кэнтик түбэтин кэрийэн, балаһыанньаны билсэллэригэр сорудахтаабыта.
Үөһээ Бүлүүтээҕи тустаах иниспиэксийэттэн уонна улуустааҕы «Быыһыыр сулууспа» салаатыттан түөрт киһилээх биригээдэ «Буранынан» көрө-истэ барбыттар. Новосибирскай куораттан «Сибгеотех» ХЭУо исписэлиистэрэ кэлэн, геофизическэй чинчийиини оҥоро сылдьаллар эбит.
Валерий Никифоров, Үөһээ Бүлүүтээҕи судаарыстыбаннай иниспиэктэр:
— Анал экспедиция геологическай хабааннаах чинчийии оҥоро сылдьара. Гаас уонна ньиэп баарын-суоҕун көрдүүбүт диэн малтаччы эппиттэрэ. Өссө уонтан тахса күн үлэлээн баран, салгыы Анаабыр диэки айанныахпыт диэбиттэрэ. Түөрт тимир тиһиликтээх танкеткалаахтар. Салайааччыларын кыайан таба тутан кэпсэппэтэхпит. Өссө эбии исписэлиистэр кэлиэхтээхтэр эбит. Онон олохтоохтор байыаннайдар аракыата тобоҕун көрдүү сылдьаллар диэн дьиксиниилэрэ оруна суох буолан тахсар.