Бу күннэргэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова Үөһээ Бүлүү улууһугар сылдьан, дьаһалта салайааччыларын, нэһилиэнньэни кытта көрүстэ.
Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүгэ олохтоохтор Бүлүү өрүс биэрэгэ сылын аайы халаан уутуттан түргэнник сиҥнэрин туһунан этиннилэр уонна кытылы бөҕөргөтүүгэ сөптөөх үлэ ыытылларыгар туруорустулар. Галина Данчикова өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар итинник кыһалҕа баарын ыйда. Дьокутаат бу боппуруоһунан РФ үпкэ миниистирэ Антон Силуановка уонна РФ экэниэмикэҕэ миниистирэ Максим Решетниковка анал сурук ыыппыт уонна ити кыһалҕаны үмүрүтэргэ 780 мөлүйүөн солкуобай наадатын ыйбыт.
Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова уонна СӨ норуотун дьокутаата Феодосия Габышева улуустааҕы үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйдааҕы мунньахтарыгар кыттан, үөрэхтээһин саҥа ыстандаартарын, патриотическай иитии боппуруостарыгар, үлэ төлөбүрүн саҥа систиэмэтигэр анаан ирэ-хоро кэпсэттилэр, санаа атастастылар.
Улуустааҕы киин балыыһа саҥа дьиэтэ икки сыллааҕыта тутуллубута. Билигин манна дьон доруобуйатын көрөргө-истэргэ сөптөөх усулуобуйа баар. Улуус кылаабынай бырааһа Вероника Стручкова салгын ыстаансыйата суоҕун этэн туран, дьокутаакка ити боппуруоһунан дьарыктанарыгар көрдөстө.
Улуус нэһилиэктэрин баһылыктара Галина Данчиковалыын көрсүһүүгэ тыа хаһаайыстыбатын терроторияларын сайыннарыы, тыа сирин олохтоохторугар аналлаах ипотека кирэдьиитин туһунан бэрт аһаҕастык кэпсэттилэр. Итини тэҥэ, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан Бүлүү өрүһү туруохтаах күргэни тутуу боппуруоһа эмиэ таарыйылынна. Галина Данчикова муостаны тутууга үп федеральнай бүддьүөттэн көрүллүбүтүн уонна билигин бырайыак экспертизаҕа сылдьарын эттэ. Ити этэҥҥэ быһаарылынна да, тутуу саҕаламмытынан барыаҕа.
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ сайдыы саҥа түһүмэҕэр үктэннэ. «Билиҥҥи туругунан Үөһээ Бүлүүгэ олох хаачыстыбата куорат таһымыгар чугаһаан эрэр. Бастакытынан, 2024-2025 сылларга Бүлүү өрүһү туоруур муоста тутуллуоҕа. Иккиһинэн, ууну ыраастыыр ыстаансыйа баар буолан, уунан хааччыллыы сылы мэлдьи барыаҕа. Бу үбэ федеральнай бүддьүөттэн тыырыллар. Тустаах национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2021 сылга уу ситимин тардыыга 200 мөл. солк. уонна ыраастыыр ыстаансыйаны тутууга 238 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Үлэ эһиил түмүктэниэҕэ», — диэн улуус баһылыга Владимир Поскачин иһитиннэрдэ.