Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр үүт туттаран үптэнэр ыал ахсаана эбиллибит
“Саха Кирэдьиит” өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кирэдьииттиир кэпэрэтиибин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов Үөһээ Бүлүү улууһун Туобуйаттан ураты бары нэһилиэктэригэр сылдьан, үүт туттарааччылардыын көрсөн, сэминээр ыытан кэллэ.
Кинини кытта улуустааҕы “Үөһээ Бүлүү” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай хааччыйар кэпэрэтиибин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Поскачин уонна “Үөһээ Бүлүү” ХЭУо толорооччу дириэктэрэ Герман Отов сылдьыстылар. Сергей Иванов “Үөһээ Бүлүү” ТХПХК кэтээн көрөр сэбиэтин бэрэссэдээтэлин быһыытынан, нэһилиэктэргэ үлэ-хамнас төһө сыҕарыйбытын билистэ. Эрдэ нэһилиэктэрдээҕи үүт тутар кэпэрэтииптэр хас биирдиилэрэ хастыы да исписэлииһи тутан хамнастаан олорбут буоллахтарына, ааспыт сылтан кииннээбиттэр. Ол түмүгэр хааччыйыы иһин өҥөҕө, хамнаска ороскуот уонна нолуокка төлөбүр 9-12 бырыһыантан 1,5 бырыһыаҥҥа диэри намтаабыт.
“Үүт харчыта кэмигэр тиксэриллэр буолан, дьон санаата бэттэх кэлбит. Былырыын сылдьарбар 400-тэн тахса паайсык баар эбит буоллаҕына, быйыл 500-тэн тахсыбыттар. ТХПХК чилиэнигэр паай киниискэтин туттарабыт. Уопсай мунньахха ол киниискэлэринэн, мандаат курдук, куоластыыллар. Үрүҥ ас, сүөгэй-арыы сыанатын бэйэлэрэ куоластаан олохтуур буоллулар. Холобур, хантан хас бырыһыаҥҥа, төһө кээмэйдээх кирэдьиити ылары бэйэлэрэ быһаараллар”, — диир Сергей Иванович.
Быйыл суола суох нэһилиэктэртэн Кырыкыйга симиэнэҕэ 300 лиитирэ үүтү астыыр саҥа арыы сыаҕын, оттон улуус киинигэр, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр уонна Оҥхой, Мэйик нэһилиэктэрин холбоон Хороҕо 1-дии туонна үүтү астыыр арыы сыахтарын арыйан үлэлэтэргэ былаанныыллар.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru