Үөһээ бүлүүлэр Ньукуолуҥҥа Салгын күнүн бэлиэтииллэр

22.05.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл кулун тутарга Үөһээ Бүлүү дьокутааттара ыам ыйын 22 күнүн улууска Салгын күнүнэн биллэрбиттэрэ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы Спиридон Борбуев: «Киһи аймах олоҕор-дьаһаҕар, доруобуйатыгар салгын, уу ыраастара улахан суолталаахтар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтэр. Ыам ыйын 22 күнэ — Ньукуолун күнэ. Саха дьонугар сайыммыт саҕаланан, от-мас көҕөрөр, салгыммыт тупсар, айылҕа уһуктар кэмэ. Улуус дьокутааттара саамай сөптөөх быһаарыныыны ылыммыттара. Түгэнинэн туһанан, Сахам ытык-мааны дьонун-сэргэтин сайын кэлбитинэн эҕэрдэлиибин!», – диэн санаатын үллэһиннэ.
Василий Титов, Үөһээ Бүлүү улууһун айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччы:
Улууска Салгын күнүн бэлиэтиир тэрээһин сарсыарда скандинавскай хаамыыттан саҕаланна. «Чэбдик» кулууп чилиэннэрэ 50-тан тахса киһи тахсан, Бүлүү өрүс биэрэгин устун хааман, сарсыардааҥҥы сибиэһэй салгынынан сайа тыыннылар. Маннык хаамыы кииҥҥэ эрэ буолбата, үгүс нэһилиэк дьон-сэргэтэ кыттыста.
Итини тэҥэ, улуус үрдүнэн маһы олордуу аахсыйата ыытылла турар. Биһиги иниспиэксийэбит 20-тэн тахса маһы олордуоҕа. Улуустааҕы экологическэй үөрэтиигэ киин көҕүлээһининэн, бу күн тимир көлөнү миинэртэн туттунуохха диэн анал аахсыйа-флешмоб тэрийиэхтэрэ, суоппардарга анал суруктары түҥэтиэхтэрэ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0