Кэлэр ый саҥата Үөһээ Бүлүү улууһугар спорт национальнай көрүҥнэригэр «Манчаары оонньуулара» ХХ-с спартакиада ыытыллаары турар. Үөһээ бүлүүлэр бу тэрээһиҥҥэ бэлэмнэммиттэрэ хаһыс да сылыгар барда.
Улуус киинигэр чэпчэки атлетикаҕа манежтаах стадион, спортивнай комплекс, ипподром, оттон Нам сэлиэнньэтигэр спортивнай былаһаакка тутулла тураллар. Мантан саамай улахан эбийиэгинэн 3000 миэстэлээх сылы эргиччи үлэлиир стадион буолар.
Улуус баһылыгын тутууга солбуйааччыта Сергей Кылбановы кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сылдьыбыппар: «Үлэ күөстүү оргуйар. Билигин стоянка, итиэннэ аатырбыт хапсаҕайдьыттар Н.К. Докторов-Бычырдаан, В.И. Степанов-Буучугурас, А.П. Васильев-Мордьоноохоп ааттарын үйэтитэн, стадион иннигэр өйдөбүнньүк туруохтаах миэстэтин оҥоро сылдьаллар», – диэн кэпсээтэ.
Хаартыска: батсааптан.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru