Үөһээ Бүлүү хапсаҕайдьыттара тэҥнээхтэрин булбатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Петр Алексеев кэриэһигэр хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр хамаанданан түмүккэ бастакы миэстэни Үөһээ Бүлүү бөҕөстөрө ыллылар, көһө сылдьар Кубогынан наҕараадаланнылар. Амма уонна Таатта хапсаҕайдьыттара иккис, үһүс миэcтэлэргэ таҕыстылар.

Томпоҕо ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ 21 хамаандаттан 246 бөҕөс кытынна. Хапсаҕай федерациятын Кубогын кыайыылаахтара, өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх чөмпүйүөннэрэ үөһээ-бүлүүлэр быйыл эмиэ кыайыы көтөллөннүлэр.

Ыйааһыннарыгар миэстэлэспит Иван Лопатырев, Рустам Прокопьев, Федор Данилов, Иннокентий Иннокентьев, Станислав Степанов уонна Увар Тимофеев улуустарын хамаандата бастыырыгар төһүү буоллулар.

Хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтин кыайыылаахтара уонна призердара

 

55 кг диэри ыйааһыҥҥа (30 киһи):

1 Айаал Лыткин (Мэҥэ Хаҥалас)

2 Юрий Сыромятников (Томпо)

3 Сергей Александров (Бүлүү)

3 Иван Лопатырев (Үөһээ Бүлүү)

62 кг диэри ыйааһыҥҥа (34 киһи):

1 Афанасий Протопопов (Уус Алдан)

2 Александр Львов (Сунтаар)

3 Дмитрий Ущницкай (Бүлүү)

3 Роберт Окороков (Амма)

70 кг диэри ыйааһыҥҥа (31киһи):

1 Игнатий Андросов (Таатта)

2 Юрий Сергин (ХИФУ)

3 Очиржап Очиржапов (Хаҥалас)

3 Рустам Прокопьев (Үөһээ Бүлүү)

80 кг диэри ыйааһыҥҥа (23 киһи):

1 Олег Чернов (Томпо)

2 Федор Данилов (Үөһээ Бүлүү)

3 Афанасий Матвеев (Бүлүү)

3 Прокопий Петров (Дьокуускай)

90 кг диэри ыйааһыҥҥа (21 киһи):

1 Игорь Софронеев (Нам)

2 Иннокентий Иннокентьев (Үөһээ Бүлүү)

3 Станислав Степанов (Үөһээ Бүлүү)

3 Алексей Захаров (Амма)

90 кг үөһэ ыйааһыҥҥа (24 киһи):

1 Виталий Тимофеев (Томпо)

2 Увар Тимофеев (Үөһээ Бүлүү)

3 Николай Николаев (Бүлүү)

3 Дмитрий Рахлеев (Таатта)

Бэтэрээннэр ортолоругар

60 кг диэри ыйааһыҥҥа (14 киһи):

1 Алексей Дорожкин (Хаҥалас)

2 Дмитрий Монастырев (Чурапчы)

3 Александр Протопопов (Нам)

3 Клим Наумов (Сунтаар)

70 кг диэри ыйааһыҥҥа (19 киһи):

1 Николай Иванов (Таатта)

2 Василий Уйгуров (Дьокуускай)

3 Семен Павлов (Сунтаар)

3 Алексей Варламов (Мэҥэ Хаҥалас)

80 кг диэри ыйааһыҥҥа (19 киһи):

1 Александр Андреев (Чурапчы)

2 Михаил Тихонов (Мэҥэ Хаҥалас)

3 Алексей Некрасов (Дьокуускай)

3 Владислав Адамов (Үөһээ Бүлүү)

90 кг диэри ыйааһыҥҥа (15 киһи):

1 Сергей Владимиров (Хаҥалас)

2 Алексей Михайлов (Сунтаар)

3 Станислав Афанасьев (Дьокуускай)

3 Василий Бурмистров (Таатта)

90 кг үөһэ ыйааһыҥҥа (16 киһи):

1 Александр Румин (Нам)

2 Николай Устинов (Амма)

3 Лев Афанасьев (Дьокуускай)

3 Николай Тимофеев (Ньурба).

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0