Үөһээ Бүлүүгэ «Литературнай баал» буолла (хаартыска, видео)
21.10.2017
Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүүгэ норуодунай учуутал М.А.Алексеев аатынан интэринээт-лиссиэйгэ сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут «Литературнай баал» буолла.
edersaas.ru
Оҕолор, учууталлар Пушкин кэминээҕи олох култууратын, уратытын, сайдыытын итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр, хоһоон аахтылар.
Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга:
– Быйылгы тэрээһиҥҥэ лиссиэй эрэ оҕолоро буолбакка, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин 2, 4 №-дэрдээх уонна Ороһу нэһилиэгин оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, учууталлара кытыннылар. Тэрээһин бэрт сэргэхтик, уратытык ыытылынна.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1