Үөһээ Бүлүүгэ Кыайыы искибиэрэ тутулунна

12.08.2020
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһугар Трудовой учаастагар Кыайыы искибиэрэ тутулунна.

edersaas.ru

Марыына уонна Никиитэ Сэмэнэптэр хос-хос сиэннэрэ 8-с кылаас үөрэнээччитэ Чэмэлиинэ Семенова улуус баһылыгын 150 тыһыынчалаах граныгар тиксибитэ. Бу гран искибиэр тутуутугар улахан көмө буолла.  Маны сэргэ, үтүө дьыалаҕа сүүстэн тахса киһи, аҕа уонна ийэ уустара,  биир дойдулаахтар бары түмсэн 300-тэн  тахса тыһыынчаны  кыттыспыттар.  Стелаларга сэрииттэн эргиллэн кэлбит, кыргыһыы хонуутугар охтубут уонна килбиэннээх үлэлээх, холкуос дьонун хоргуйууттан быыһаабыт сатабыллаах салайааччы Игнатий Чомчоевка турбут мэҥэ бэлиэ көһөрүллэн туруорулунна.  Онон Кыайыы сылыгар үөһээ бүлүүлэр улахан үлэни оҥордулар.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0