Үөһээ Бүлүүгэ улуус сэбиэтин быыбара муус устарга буолуоҕа

11.02.2022
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьокутааттарын сэбиэтэ баҕа өттүнэн боломуочуйатын устуммутун үгүс дьон соһуйа истибиттэрэ.

Улуустааҕы быыбардыыр хамыыһыйа быһаарыытынан сэбиэт дьокутааттарын быыбара быйыл муус устар 10 күнүгэр буолуоҕа. Дьиҥэр, тустаах быыбар эһиил балаҕан ыйыгар ыытыллыахтаах этэ. Эһиилгиттэн олохтоох салайыныыга саҥа сокуон киириэхтээҕин учуоттаан, реформаҕа арыый хойут киирээри дьокутааттар итинник быһаарыныыны ылыммыттар. Онон быйыл Үөһээ Бүлүүгэ улуус баһылыгын, оройуон сэбиэтин, 21 нэһилиэккэ дьокутааттарын уонна 16 нэһилиэк баһылыгын быыбардара буолуохтаах. Быйылгы быыбар өссө да үлэлии турар 131-с федеральнай сокуонунан салайтаран буолар.

Улуустааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Семен Мироновка эрийэн ыйыппыппытыгар,  «Бу  күннэргэ  муус устар 10 күнүгэр ыытыллыахтаах быыбар хас күн ыытылларын быһаарыахпыт. Ол эбэтэр, икки дуу, үс күн дуу диэн. Быыбарга барыта 19 мандаат бэрилиннэ, ол аата уруккутунан хаалла. Бу иннинэ үлэлии сылдьыбыт дьокутааттар хандьыдаат быһыытынан быыбарга кыттар толору бырааптаахтар», — диэн быһааран биэрдэ.

Манна даҕатан, муниципальнай реформа сүрүн биринсииптэрин туһунан суруналыыс Аграфена Кузьмина матырыйаалыгар салгыы билсиэххин сөп. Үөһээ Бүлүүгэ уонна Горнайга реформа хаамыытыгар дьаһалта хайдах сыһыаннаһарын «Саха сирэ» олунньу 10 нүөмэригэр ааҕыҥ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0