Үөһээ Бүлүүгэ Чөл олох уонна Спорт сылын биллэрдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн 2017 сылы чөл олох уонна спорт сылынан биллэрдилэр. Бу күннэргэ улууска толоруулаах былаас отчуота ыытыллан түмүктэнэн эрэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин Үөһээ Бүлүү олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы Спиридон Борбуев:
— Быйыл сайын улууспутугар үбүлүөйдээх Манчаары спартакиадата ыытылларынан улууспутугар чөл олох уонна спорт сылын биллэрдибит. Онон олунньу 17 күнүгэр диэри бу сылга аналлаах тэрээһиннэри ыытар анал хамыыһыйа састааба биллиэҕэ. Олунньу 27 күнүгэр диэри хамыыһыйа тустаах сылга аналлаах тэрээһиннэр былааннарын оҥорон бигэргэтиигэ киллэриэҕэ. Түгэнинэн туһанан, улуус дьаһалтатын аатыттан Үөһээ Бүлүү олохтоохторун эҕэрдэлиибин!

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0