Үөһээ Бүлүү дьокутааттарын таллылар

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, муус устар 10 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү дьокутааттарын бэһис ыҥырыылаах сэбиэтин быыбара буолбута. Олохтоохтор быыбарга 49,8 % кытыннылар.

Өрөспүүбүлүкэ быыбарын киин хамыыһыйатын дааннайынан, 19 биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктарга дьокутааттары таллылар. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү 1-6 быыбардыыр уокуруктарыгар Александра Михайлова (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Родион Егоров (КПРФ), Алена Босикова (кандидатураны бэйэ туруорунуута), Иван Тарасов (бэйэ туруорунуута), Спиридон Борбуев (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Тимур Максимов (“Биир ньыгыл Арассыыйа”) талылыннылар.

Кэнтик-Үөһээ Бүлүү уокуругар – Василий Алексеев (бэйэ туруорунуута), Үөдэйгэ – Варвара Васильева (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Үөдэй-Нам уокуругар – Игорь Сортолов (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Намҥа – Сардаана Петрова (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Өргөххө – Василий Ченохов (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Ороһу-Балаҕаннаах уокуругар – Афанасий Бырдакаров (бэйэ туруорунуута), Тамалакаан-Харбалаах уокуругар – Васмар Руфов (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Хороҕо – Николай Николаев (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Онхойго – Иннокентий Хобусаров (“Сиэрдээх Арассыыйа-кырдьык иһин”), Далырга – Альберт Гаврильев (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Боотулу-Сургуулук уокуругар – Никита Архипов (“Биир ньыгыл Арассыыйа”), Кырыкыйга, Дүллүкүгэ – Иван Ан (“Биир ньыгыл Арассыыйа”) уонна Дүллүкү-Хомустаах быыбардыыр уокурукка – Дмитрий Гаврильев (бэйэ туруорунуута) дьокутаат буоллулар.

Бэлиэтээн эттэххэ, кулун тутартан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муниципальнай быыбардар буола тураллар. Кулун тутарга Эдьигээн нэһилиэгин олохтоохторо баһылыктарын, Уус Маайа бөһүөлэккэ дьокутааттарын талбыттара. Бу ый саҥата Өлүөхүмэ куорат баһылыгын талыы буолбута. Муус устар 17 күнүгэр Алдан оройуонун баһылыгын быыбардыахтара. Ону таһынан Чурапчы улууһун Хоптоҕо, Соловьев нэһилиэктэригэр баһылык быыбардара буолуоҕа. Ыам ыйыгар Анаабыр улууһун олохтоохторо баһылыктарын талыахтара. Бэс ыйыгар Өлүөхүмэ дьокутааттарын сэбиэтигэр эбии быыбар буолуоҕа.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0