Үөһээ Бүлүү бэтэринээрдэрэ үлэлэрин күүһүртүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хааһырҕас ыарыы биир түбэлтэтэ тахсан, Үөһээ Бүлүү бэтэринээрдэрэ үлэлэрин өссө күүһүртүлэр.

edersaas.ru

Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар бэтэринээринэй сулууспа тэриллибитэ 85 сылын туолар. 1935 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуона Бүлүү оройуонуттан арахсан, туспа баайдаах-дуоллаах: 27 477 гектар оттуур ходуһалаах, 3 149 гектар ыһыы сирдээх, 27 201 ынах  сүөһүлээх, 10 902 сылгылаах, 1 485 киһи нэһилиэнньэлээх  саҥа оройуон  тэриллибитэ. Оройуоннааҕы сир салаатын иһинэн  көрүллүбүт биир  бэтэринээринэй быраас  штатыгар олоҕуран,  учаастак сэбиэдиссэйэ диэн дуоһунас  баар буолбута.  Дьэ ити кэмтэн саҕыллан, соҕотох сэбиэдиссэйтэн силис тардан, күн бүгүн улуустааҕы бэтэринээринэй   управление Людмила Бугулова салалтатынан, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир  чинчийэр-бэрэбиэркэлиир  лабораториялаах, нэһилиэктэргэ үс бэтэринээринэй учаастактардаах, 18 бэтэринээринэй пууннаах, барыта 67 анал үөрэхтээх исписэлиистээх бөдөҥ судаарыстыбаннай сулууспаҕа кубулуйан, үлэлии-хамсыы олорор.

— Улуус 21 нэһилиэгэр барыларыгар, сүөһү-сылгы ахсаанынан көрөн, кыра  нэһилиэктэргэ биирдии, ортолорго иккилии, бөдөҥ нэһилиэктэргэ үстүү-түөртүү бэтэринээринэй исписэлиистэрдээхпит, – диир Людмила Егоровна. – Инньэ гынан, ирдэнэр эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары былааннаахтык тэрийэн, сүөһү-сылгы чэгиэн-доруобай, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата куттала суох буоларын туһугар хонтуруолу  кытаанахтык тутабыт. Быйыл сайын куйаас күннэр олус уһуннук тураннар, почваҕа уонунан сылларга  саһан сыппыт эмфизематознай карбункул (эмкар), сахалыыта “хааһырҕас” диэн сүөһү сыстыганнаах ыарыыта Мэйик нэһилиэгэр көбөн, биир ньирэй өллө. Онон, бу нэһилиэккэ от ыйын 21 күнүттэн харантыын биллэрилиннэ, сүөһү киириитэтахсыыта булгуччулаахтык бобулунна.

Бэтэринээрдэр үс ыйдарын туолбут борооскуларга, субан сүөһүлэргэ эмкары утары быһыылары биэрдилэр. Нэһилиэк ынах сүөһүтэ барыта быһыллан, бүтэһик ыалдьыбыт сүөһү көстүбүтүн кэнниттэн 14 хонон баран, эбии ыалдьыбатахтарына, нэһилиэк харантыынтан босхолонорун, быһыы ылбыт сүөһү этэ 14 хонон баран сиэниэн сөбүн, хотоннор булгуччу эминэн ыстарыллыахтаахтарын туһунан нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-сэрэтэр үлэни ыыттылар.

Хааһырҕас ыарыы куйааска көбөр, киһиэхэ уонна сылгыга сыстыбат, ынах сүөһүнү хабар, сүрүннээн ыччат сүөһү 3 ыйыттан саҕалаан 4 сааһыгар диэри сыстан ыалдьыан сөп. Онон улуус атын нэһилиэктэригэр эмиэ сэрэтэр-өйдөтөр үлэ күүскэ ыытыллар.

 Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0