Үөһээ Бүлүү баһылыга Владимир Поскачин суруналыыстары кытары көрүстэ
Быйыл сайын бэс ыйыгар Үөһээ Бүлүү уйгулаах туонатыгар Олоҥхо ыһыаҕа буолуоҕа. Онно бэлэмнэнии өссө былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Бүгүн Үөһээ Бүлүү баһылыга Владимир Поскачин салайааччылаах дэлэгээссийэ суруналыыстары кытта көрсөн, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниини билиһиннэрдэ.
«Бастатан туран, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт маннык хабааннаах көрсүһүүнү тэрийбиккитигэр махтанабын! Бэрт сотору өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕа. Кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, былырыын сөптөөх үп көрүллэн, ыһыах ыытыллыахтаах түһүлгэтэ, күрүөтэ-хаһаата улахан аҥаара үмүрүтүллүбүтэ. Хас биирдии нэһилиэктэрбитигэр аналлаах сахалыы эбийиэктэри туттубут.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллара 100 күнэ хаалбытын кэрэһэлиир улуус үрдүнэн дьоһун тэрээһиҥҥэ нэһилиэктэрбититтэн саҕалаан улууспут дьоно-сэргэтэ олус көхтөөхтүк кыттыбыттара. Нэһилиэктэрбитигэр улуустартан ыалдьыттыы кэлиэхтээх дэлэгээссийэлэри хайыы-үйэ сыһыартаатыбыт. Бэлэмнэнии үлэтэ былаан быһыытынан баран иһэр», — диэн улуус баһылыга Владимир Семенович эттэ.
Салгыы Олоҥхо ыһыаҕын режиссера Руслан Тараховскай: «Ааспыт нэдиэлэҕэ Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн нэһилиэктэринэн сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии туһунан быһаарыстыбыт, кэпсэттибит. Сценарийбытыгар олохтоохтор тус санааларын эттилэр. Сөптөөх этиилэри оҥордулар. Олору үксүн ылыныахпыт. Тоҕо диэтэххэ, бастакы уочарат олохтоохтор баҕа санаалара, этиилэрэ учуоттаныллыахтаах. Сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ Олоҥхо тэрээһинин бары өттүттэн сиһилии, дьоһуннук сырдатыаххыт диэн эрэнэбин», — диэн санаатын үллэһиннэ. Санатар буоллахха, муус устар саҥатыгар Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо тиэмитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа.
Александр Тарасов, edersaas.ru