Туймаада хочотугар аны Эдуард Соколов туһунан «Тулусхан чаҕылхай олоҕо» кинигэ сүрэхтэннэ. Бу кинигэ «Сунтаар — Олоҥхо дойдута» көмүс серияҕа 19-с туомунан таҕыста. Ааптардар — кини бастакы кэргэнэ Ксения Соколова — Таммах Өксүү уонна кыыһа Марина Соколова. Дьоро киэһэни олус истиҥник, уратытык уонна суруйааччы туһунан элбэх билиини хаҥатардык Ольга Захарова иилээн-саҕалаан ыытта.
edersaas.ru, Мария Кобельянова
Улуус аатыттан Гаврил Еремеев, Мария Кобельянова — Тускулаана, Маар Күөл баһылыга Владимир Данилов истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Онтон ХИНТуоКИ декана Гаврил Торотоев уонна уһуйааччы Матрена Попова бу кыһаттан элбэх суруйааччылар тахсыбыттарыттан чаҕылхайдара Эдуард буоларын бэлиэтээтилэр. Үөрүүлээх түһүлгэҕэ анаан-минээн Айылҕа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Семен Яковлев кэлэн, Эдуард Соколовы санатар уоттаах-төлөннөөх тылынан «Айылҕаны харыстыахха, бииргэ буолуохха!» диэн ыҥырыы оҥордо. Тэрээһин «Саха» НКИХ Сунтаардааҕы филиала уонна Валерий Коротов устууларын көмөтүнэн Тулусханныын тыыннаахтыы алтыһыы кэриэтэ буолла.
Сүрэхтэниигэ кыыһа Марина Эдуардовна бииргэ төрөөбүттэринээн, оҕолорунаан, сиэн балтыларынаан кэлэн аҕаларын, эһэлэрин туһунан үтүө тыллар ахтылыннылар. Эдуард учуутала Василий Илларионов кини норуот тылынан уус-уран айымньыга сүҥкэн кылааттааҕын, экспедиция тэрийэн Сунтаар фольклора сайдыытыгар улахан үлэни оҥорбутун аҕынна, ону кытта Баһылай кэргэнигэр тыыннаах ньургуһун бэлэхтээбитин бу баардыы ойуулаан көрөрүн иһитиннэрдэ. Суруйааччы уолаттара Спартак анаан-минээн Ангарскайтан кэлбит, Руслан эмиэ баар, кинилэр аҕабыт баарына «улахан киһи» диэн санаабат буоллахпытына, билигин киэн туттабыт, баара буоллар таптыырбытын, ахтарбытын, киэн туттарбытын этиэх эбиппит диэн истиҥ тылларын эттилэр. Табаарыһа, суруйааччы Николай Винокуров — Урсун билигин Эдуард баара буоллар, норуот суруйааччыта буолуохтаах этэ диэн аҕынна.
Афанасий Гуринов — Арчылан төһө да чугастык алтыспатар, кыра сылдьан көрөрүм, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх суруйааччы аатынан бириэмийэ олохтуохха баара диэн санаатын үллэһиннэ. Саргылана Гольдерова — Саргы Куо устудьуоннуу сылдьыбыт атаһыгар биир тыынынан «Дорообо, доҕорум Эдуард» диэн анабыл хоһоонун доргуччу ааҕан уйадытта. Бииргэ Бүлүү өрүс көмүскэлигэр туруммут чугас киһитэ Иван Бурцев уот тыллаах атаһын суохтуурун биллэрдэ, кини чаҕылхай хамсааһыннара айылҕа харыстабылыгар олук буолбуттара, билигин баара буоллар, барыны бары кыайыа-хото тутуо этибит диэн долгутта. Тойбохойтон бииргэ үөрэммит кыргыттара кэлэн күндүтүк да аҕыннылар, Маар Күөлтэн Василий Емельянов кыра бөһүөлэктэн маннык улуу дьонноохпутунан киэн туттабыт диэн тылын анаата. Онтон «Ньургуһун» түмсүүгэ салайааччынан үлэлээбитин, хайдах суруйааччыга кынаттаммытын Саргылана Спиридонова — Кэрэмэс кийиитэ кэпсээтэ. Агитбиригээдэҕэ бииргэ алтыспыт доҕотторо Миитэрэй Иванов, Людмила Акимова-Спиридонова, Людмила Уарова, Галина Самойлова ырыаларын бэлэх ууннулар. Кинилэри кытта сэргэ «Чараҥ» ырыа бөлөҕө, «Сэргэлээх уоттара» хоһоонньуттар бөлөхтөрө, Жанна Иванова, сиэн балта Күннэй Соколова ырыаларынан түһүлгэни киэргэттилэр уонна сиэнэ Анжела Соколова «Бүлүү» туһунан хоһоонунан барыбытын долгутта, уйадытта. Билэҕиэт, Эдуард Соколов — Тулусхан бу чаҕылхай олоҕор прозаик суруйааччы, «Ньургуһун» түмсүү, «Бүлүү» түмсүү салайааччылара, айылҕа харыстабылыгар дьаныһан туран үлэлээбит күндү киһибит Сибиэрэп туһунан бастакы чинчийиилэри, экспедициялары тэрийэн Сунтаарыгар бэйэтин кэнниттэн үйэлээх үлэни хаалларбыт ааттаах киһи буоларын, билэҕиэт, кини Сибиэрэп үс түмэлэ арыллалларыгар элбэҕи оҥорбутун, Олоҥхо дойдута ааттанан Киччэй Даарыйа — Кэриэн ымыйатын киниэхэ Борис Андреев бэлэх оҥорон ытык бэлиэ буолбутун… Мин, бүгүн олус элбэҕи кини туһунан билбиппиттэн үөрэбин, ааҕа илик айымньыларын хайаан да ааҕыах тустаахпын диэн сыалланным. Билигин Тулусхан үтүө аатын, айар үлэтин кэргэттэрэ иккиэн Таммах Өксүү уонна Ульяна Виссанионовна, оҕолорунаан үйэтитэ, сырдата сылдьалларыгар махталлаахпыт.
Бу кинигэҕэ Суорун Омоллоон бэйэтинэн хайҕаабыт Таммах Өксүү аҥаардас «К» буукубаттан түөрт уон лиистээх поэма таһаарбыта сөхтөрөр, кини туһунан саҥа арыйыылары сырдаппыта үөрдэр. Дьокуускайга дьэ, бу курдук сунтаардар өссө биир дьоро киэһэни куорат дьонугар бэлэх уунан, устудьуоннарга суруйааччы туһунан дириҥник арыйан умнуллубат бэлиэ күнү ууннубут диэн туран Тулусхан бэйэтэ эппит-тыыммыт кынат тылынан суруйуубун түмүктүүбүн: «Суруйааччы патриот буолуохтаах, общественнай үлэнэн дьарыктаныахтаах, тыа сиригэр, айылҕаҕа олоруохтаах. Үрүҥ-хара диэбэккэ араас үлэни үлэлиэхтээх, кырдьык иһин охсуһуохтаах, ийэ айылҕаны туруулаһыахтаах, саха буоларынан, саха тылын кэрэтин хаһан да умнуо суохтаах!».
Мария КОБЕЛЬЯНОВА-ТУСКУЛААНА, edersaas.ru