Бастакы түгэн
Балыыһаҕа сиэстэрэнэ үлэлиир эдьиийим саҥа куоракка кэлбит сыла. Ас маҕаһыыныгар киирэн сыана көрө турдаҕына биир эр киһи аттыгар кэлэн сыана көрө туран кэпсэтэр:
-Дорообо!
-Биһиги киһибит хап-сабар хоруйдуур:
— Дорообо.
— Хайа төһө бэркэ олордугут?
— Ээ бэрт буоллаҕа, — ити туран толкуйдуур «бээ, бу хайалара буоллаҕай?», саатар, сылдьыбыт сирэ элбэҕэ, киһини барытын өйдүү сылдьыах диэтэххэ айыкка.
— Оҕолор, сиэннэр амалар дуо?
— Амалар… — бээ, бу букатын үчүгэйдик билэр киһитэ эбит, тыый, хайдах өйдөөбөт бэйэтэй? Онтон «чэ, бээ, синэ биир» дии санаат:
— Бэйи эрэ, эн кимҥиний доҕор? — диэтин кытта киһитэ эргиллэ биэрээт, атын сир диэки тэскилээтэ. Биһиги киһибит «оо, дьэ, аны киһини өһүргэттим» дии санаат эккирэтэр аакка түстэ:
— Чэ, бырастыы гын, олох өйдөөбөппүн дии, эйигин… — диэмэхтиир. Киьитэ өһүргэммитэ сүр быһыылаах, эргиллэн да кербет. Биһиэнэ олох ыксаата, дьээдьэтин таптайан көрбүтүгэр киһитэ соһуйан ходьох гынаат эргиллэ биэрдэ. Онно дьэ, биирдэ өйдөөн көрдө: кулгааҕар аныгы кэпсэтэр тэрили уктан олох да атын киһилиин төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сылдьар эбит. Дьэ саат-суут диэтэҕиҥ. Тугу да эппэккэ бэйэтэ тэскилиир аатыгар барда. Тугу да атыыласпакка таҕыста…
Иккис түгэн
Аймахтарыгар дэриэбинэҕэ тахсар. Маҕаһыыннарын көрө диэн тиийбитэ биир эдэрси киһи киниэхэ чугаһаата. Былыр үйэҕэ билэр киһитин курдук кэпсэтэн барар.
— Оо, дорообо. Хайа бу хаһан кэллиҥ? — дэтэлиир.
— Дорообо, — биһиги киһибит эмиэ толкуйга түһэр, — куораттааҕы мучумаанын өйдөөн кэллэ. Кимин таайа сатыыр. Кулгаахтарын эҥин керер. Кэпсэтэр тэрилэ суох эбит.
— Балбаараларга бааргын дуо? — били киһи ыйыталаһар.
— Суох, кийиит дьонугар… — биһиги киһибит аат эрэ харата хоруйдуур.
— Хайа күтүөт үлэ булунна дуо? — кини дьонун кыһалҕаларын бэркэ билэр киһи буолла.
— Суох, илик ээ.
— Чэ, эдьиэй миэхэ 100 солкуобайда иэһээ эрэ — диэччи буолла кэпсэтээччитэ. Биһиги киһибит мөһөөҕүн биэрбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла — билбэтэҕэ саат, биир мөһөөҕүн кэрэйиэ дуо.
Дьиэтигэр тиийэн маны кэпсээн дьонуттан мөҕүлүннэ. Арыгы иьэр дьон аны итинник билбэт киһилэрин кытта кэпсэтэн, итэҕэлгэ киирэн харчы ылар албастаммыттар.
Үһүс түгэн
Үлэлии олорор. Биир дьүлэй устудьуон ыалдьан кэлэн көрдөрбүтүгэр, быраас эмп аныыр. Биһиги киһибит уолга күөмэйин сайҕаттарар «Фурацилин» эми биэрэр уонна тарбаҕынан күөмэйин туора сото-сото аны күҥҥэ үстэ маннык маннык ититэр мааһынан соттон эмтэниэхтээххин диэн илиитинэн-атаҕынан быһаарар. Уола барбытын кэннэ күлэр: дьэ, тугу-тугу быһаарбытым буолла? Туох диэн өйдөөбүтүн айбыт таҥара бэйэтэ билэр — диир.
Өр-өтөр буолбата, уол кураатара киирэн кэллэ:
— Хайа уолбут тугунан ыалдьыбытый? «Олох бүппүт үһүбүн» диэн сууланан баран сытар, турбатаҕа үһүс күнэ үһү. Кураатарыгар бырааһын кытта быһааран биэрэллэр: күөмэйэ эрэ ыалдьыбыт, күҥҥэ үстэ эмп иһэр, сайҕанар диэн быһаарбыт дьүһүнүм — диэн күлэр. Дьэ, ыарахан сурдо-тылбаасчыт!
Л.Н.
(социальнай ситимтэн ыллыбыт).