Эдьиий Дора сир туһунан этиитин санатар

Ааптар: 
26.01.2017
Бөлөххө киир:

Сир ылыы туһунан кэпсэтии билигин тылтан дьыалаҕа киирэр кэмэ кэллэ. Аҕыйах хонугунан Уһук Илиҥҥи гектары биэрии Арассыыйа үрдүнэн көҥүл босхо барар буолла. Уһаттара сатааһыны үрдүкү салалта ылыммат. Билигин даҕаны олохтоох нэһилиэнньэ ситэ өйдөөбөккө, холкутуйан олорор.

Василий Алексеев, «Үлэ күүһэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, https://edersaas.ru

Улууспутугар Уһук Илиҥҥи сири ылыыга үлэ-хамнас сир ахсын тэриллэн иһэр. Билиҥҥитэ онно сайабылыанньа киллэриитэ маннык: Бэрдьигэстээх — 45, Мытаах — 22, Одуну — 21, Маҥаны — 12, Атамай, Кировскай 11-дии, Солоҕон, Маалтааны 9-туу, Октябрьскай — 10. Итинтэн 19 киһи докумуоннарын ылаары сылдьаллар.

Мин улууспут биллиилээх суоппара, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Д.И.Яковлевтан сири хантан ылаары сылдьарын ыйыталаспыппар, маннык кэпсээтэ:

— Сир былыр-былыргыттан айдааннаах, былдьаһыктаах буолар этэ. Өбүгэлэрбит итиннэ олус улахан суолта биэрэллэрэ. Билигин ыччат киин сиргэ үлүһүйэн барыытынан, тыа сириттэн тэйиитинэн, балаһыанньа уустугурар чинчилээх. Дьиҥинэн, маны биһиги табыгастаахтык туһана сатыа этибит дии саныыбын. Мин бэйэм төрөөбүт дойдубар, Атамайга, эһэм Спиридон Дмитриевич Яковлев олорбут, бэйэм төрөөбүт өтөхпөр Кыҥыдахха биир гектар сири ылаары кэпсэтэ сылдьабын. Баар эбит, ким да ыла илик диэбиттэрэ.  

Бэрдьигэстээххэ хас да сыллааҕыта Эдьиий Дора кэлэ сылдьан, дьаһалта тэрийбит көрсүһүүтүгэр, «от-мас, тиит төрдүн аайы дьону көрөбүн, нэһилиэнньэ элбээри турар, куорат икки ардыгар үс нэһилиэнньэлээх пуун баар буолуо» диэбитэ олус дириҥ ис хоһоонноох. Итинник улуу дьон сыыстарбат. Тугу эрэ өтө көрөллөр. Атамайдар аата ааттаммат улуу ойууммут 300 сыллааҕыта «аны дьон от-мас ойуута таҥастаныа, киһи аймах өлүүтэ-сүтүүтэ тахсыа» диэн көрүүлэммитин, оруобуна да эппит дэһэллэрэ. Кырыалаах балаҕаҥҥа кырдьаҕастар сэрии саҕана ол туһунан ибир-сибир кэпсэтэллэрин өйдөөн хаалбыппын. Онон дьонум-сэргэм, босхо бэриллэр сири ыларгытыгар, онно үлэни-хамнаһы тэрийэргитигэр баҕарабын.

Улууспут биир ытыктанар үлэһитэ Дмитрий Иннокентьевич Яковлев бу санатыыта, сиргэ сыһыаммытын уларытарбытыгар көмө буоллун. Арассыыйа салалтата атын сиртэн кэлээччилэргэ, ылааччыларга хас биирдиилэригэр 250 тыһ. солкуобайы биэрэри эрэннэрэр. Кэллэхтэринэ араас көмө салгыы оҥоһулла туруо диэн ымсыырдар. Онон бигэ быһаарыныыларын булгуруппаттара чуолкай буолла.

Василий Алексеев, «Үлэ күүһэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, https://edersaas.ru

 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0