Суола-ииһэ суох улуу куйаар туундара… Кини кыаҕын ыла сатаан баран, кыайтарбыт элбэх. Муммуттартан чулууттан чулуу булчуттар, кыахтаахтан кыахтаах эр бэртэрэ эбэтэр Үөһэттэн ананан халыҥ харысхалланан төрөөбүттэр эрэ тыыннаах ордоллор. Оттон бу саҥа олоҕу олорон эрэр нарын сибэкки, ып-ырааһынан кини диэки эрэммиттии көрөн олорор кыыһа – Кэрэчээнэ туох буруйугар манныкка түбэстэ? Аҕата Олег иһигэр муҥатыйа да санаатар, таһыгар биллэрбэтэ. Кыыһын атаах тылыгар киирэн биэрэн илдьэ кэлэн, өлөр өлүү ыы муннугар тиийэн кэлбиттэриттэн бэйэтин эрэ буруйданар. Билигин барыта кини, сырыыны сылдьыбыт булчут кыаҕыттан, билиититтэн, хайдах дьаһанарыттан тутулуктаах. Кыыһын туһугар бүтэһигэр диэри туруулаһарга бэлэм!
Олег муна сылдьыбыт биир дойдулаахтарын санаан кэллэ. Туундара киэҥ уорҕатыгар бугуллаах окко иннэ курдук сүтэн, симэлийэн хаалбыт элбэх. Биир эмит дьоллоох ордон кэлээччи. Ол дьон сорохторо киһи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын кэпсээччилэр. Ити Ороссуольнук да оҕонньору ылан көрдөххө. Эмиэ чэпчэкитэ суох олоҕу олорбут киһи. Хас-хас оҕолооҕо эбитэ буолла, уон икки-уон түөрт баар буолуохтаах. Биир кыһын улааппыт уолун кытта айаннаан иһэн, бураннара моһуоктаан туундара ортотугар олорон
хаалбыттар. Араастаан оҥоро сатаан, сиртэн- уоттан, күнтэн-ыйтан көрдөһө сатаан муҥнаммыттар, онтон уола сатыы, дьонноох сиргэ көмө көрдүү барарга күһэллибит. Оҕонньору суолу кыайыаҥ суоҕа диэн бураҥҥа хаалларбыт, ханна да хаампатыгар, бурантан ырааппатыгар эппит. Уола барбытын кэннэ балачча кэм ааспытын кэннэ, оҕонньор тоҥон ыксаан, ирээри хаамыталаабыт. Бастаан буранын аттыгар тэпсэҥнии сатаабыт, кэлин тэһийбэккэ ырааттар ыраатан, ыырын кэҥэтэн испит. Ол сылдьан буранын сүтэрэн кэбиспит. Дьэ иэдээн, тоҥ куйаарга собус-соҕотох, тиэхиньикэтэ, аһа-үөлэ суох хаалар кыһалҕа кыһарыйбыт. Хайыаҕай, оннук нэлэмэн туундара дойдуга өр соҕус муна-тэнэ, тоҥо-хата сылдьыбыт. Тоҥуу хаарга дьөлөҕөс хастан хонон, хаарынан утахтанан, сэниэ киллэринэн иннин хоту баран иһээхтээбит. Ол тухары биир тыынар тыыннааҕы, саҥарар саҥалааҕы, үрдүнэн да аннынан да ааһары көрбөтөх. Бу киэҥ дуол маҥалайа киэҥин көр, ыйыстан да кэбистэҕинэ, ким да эйиигин булан ылыа суох! Ол баран иһэн ыраахтан хараҥаҕа уот кыламныырын көрбүт. Бүтэһик күүһүн мунньунан, ол диэки түһүммүт. Чугаһаан көрбүтэ: уот хайа хаспаҕыттан тыгар эбит. Эспэдииссийэ дьоно буоллаҕа диэн олус үөрбүт. Хараҥаҕа балыйтаран бэйэлээх бэйэтин дойдутун биир биллэр тутаах бэлиэ сирин – Харабыл Хайатын бастаан утаа билбэтэх.
Хаспахха киирбитэ оттук уот сырдыгар үөмэхтэс киһи үһү. Бастаан киирээт, билэр киһитин көрсө түһэн соһуччута бэрдиттэн сэгэс гынаат, дорооболоспут. Киһитэ да хаалсыбакка эҕэрдэлэспит. Ааһа көтөн иһэн эмискэ оройугар баттаҕа хамсаабыт, этэ аһыллыбыт. Ити кэпсэппит киһитин, бииргэ бултаһар атаһын оттон аҕыйах ыйдааҕыта тиһэх суолга атаарбыта дии? Онно дьэ хаспах ортотугар киирэн туран өйдөөн көрбүтэ: тулатыгар барыта бокуонньуктар эбит. Барыта кини атастара, биир дойдулаахтара. Куттанан өйүн сүтэриэҕин дьоно отой илэ курдуктар, сирэйдэриттэн-харахтарыттан да көрдөххө, туох да куһаҕаны оҥоруох санаалара суох курдук. Кэлэн биирдии-биирдии дорооболоһоллор, отур-ботур дьоннорун, дойдуларын ыйыталаһаллар. Ороссуольньук дьоллоох хайыа баарай, кэпсэтэригэр эрэ тиийбит. Илиилэрэ тыыннаах дьон киэнин курдук сылаас, сирэйдэрэ даҕаны итии хаспах иһигэр тиритэн, тэтэрэн өлбүт дьоҥҥо майгыннаабат. Холобур, бу кэлэн дорооболоһо турар хаһааҥҥы эрэ ыала киһи муннугар көлөһүнэ бычыгыраан, үөрбүт харахтарын аттыгар дириҥ мырчыстаҕастара ойууланан эчи, эриэккэһин! Эмискэ ол маахайдана сырыттахтарына, киирэр сир диэкиттэн үс уһун да уһун, суон да суон хара күлүктэр барыҥнаһан көстүбүттэр. Бокуонньуктар бары саҥата суох барбыттар, ол күлүктэргэ
суолларын арыйан кэннилэрин диэки чинэриҥнэспиттэр. Били баҕайылар чугаһаан кэлбиттэрэ оҕонньортон икки төгүл үрдүктэр эбит, киһи диэҕи киһи курдук буолбатахтар, абааһы диэҕи киһилии саҥарар буолан биэрбиттэр. Ол да буоллар, инчэҕэй эттээх, итии хааннаах сатаан сирэйдэрин утары көрбөт эбит. Харахтаах диэҕи хараҕа суох курдуктар, муннулаах диэҕи муннулара суох курдук, айахтаах диэҕи саҥардахтарына айах аһыллара көстүбэт. Оҕонньор тыбыс-тымныы көлөһүнэ сарт түспүт, сүрэҕэ сэлибирээн, тыына хаайтаран, кулгааҕа куугунаан, сүһүөхтэрэ уйбакка үс күлүк иннигэр тобуктуу түспүт. Күлүктэр кумааҕы курдугу таһааран тугу эрэ ааҕан добдугураппыттар, ол иһиттэҕинэ билэр-билбэт дьонун ааттара ахтыллан ааһаллар эбит. Дьэ ол кэннэ: “Оҕонньор, эн манна эрдэ кэлбиккин, өссө да уһуннук олоруоҥ, киэр бара оҕус”,– диэн буолбут… Оҕонньор биирдэ өйдөммүтэ дьиэтин таһыгар тоҥон салыбырыы турар үһү… Буолаахтаамына, Харабыл Хайаттан кини дьиэтэ бу турдаҕа, түүлүгэр да булан кэлэр сирэ буоллаҕа дии …
Оҕонньор билигин да баар, тэтиэнэх, өйүн тута сылдьар. Арааһа 90-чата буоллаҕа буолуо. Кыратык “тэп” гыннарда да, ити түбэлтэтин кэпсиир идэлээх. Харабыл Хайатыгар оннооҕор буолуох түбэлтэлэр буолуталаан, дьон үксэ оҕонньорго итэҕэйэр. Уонна оттон били, хаһааҥҥы эрэ
айдааннаах Саҥа дьыл бырааһынньыгын кэннэ, ким да оҕонньору күлүү гыммат буолбута.
Ол күн нэһилиэк барыта өрө көтөҕүллэн бырааһынньыктаабыта. Буолумуна, бары кэмигэр хамнастарын, бириэмийэлэрин ылан үөрүү, көтүү. Маҕаһыыҥҥа саҥа табаар, ас бөҕө кэлбитэ. Онон ыал бары хотойор остуол, ас-үөл, таҥас-сап, бэлэх-туһах. Ол эрээри түүннэрэ аймалҕаннаах соҕус буолбута. Бастаан бөртөлүөт пордун үлэһитин биллибэт күүстэр моһуоктаабыттарын туһунан сурах кэлбитэ. Дьэкиими ол күн үлэтигэр, дьуһуурустубалыы сырыттаҕына сарылаппытынан атаҕыттан ким эрэ соһон сүрэҕин хайыппыт этэ. Дьон дьээбэлиэхтэрин ол түүн Саҥа дьыллаабакка ким тэйиччи порка анаан дьээбэлэнэ барыай? Дьэкиим да улаханнык испэт-аһаабат, үлэтигэр кыһамньылаах киһи. Чэ сөп. Ити түгэни ырыта олордохторуна аны Лида эмээхсин айманан турда. Түүн үөһэ арай дьиэтигэр үс уһун да уһун, суон күлүктэр барыҥнаһан киирбиттэр. Киһи диэҕи киһиэхэ майгыннаабаттар, сирэйдэрэ суох үһү. Өлө куттаммыт эмээхсин эрэйдээх сирэйдэрин оннугар хара баата этэ диэхтиир. Ол күлүктэр киирбиттэригэр эмээхсин хоско утуйа сытар сиэннэрин көмүскүүр баҕаттан утары ойон тахсыбыт. Уонна былыр үйэҕэ өлбүт ийэтэ үөрэтиитинэн абааһылары
түҥ былыргылыы тылынан бастарыттан атахтарыгар диэри быдьардык үөҕүтэлээбит. Абааһылара кумааҕы курдугу тута сылдьан тугу эрэ доргуччу ааҕа сатыыллар үһү. Чэ ол да буоллар, эмээхсин тылыттан саллыбыттара дуу, барар кэмнэрэ буолбута дуу, киэр тахсан барбыттар. Дьон курдук аанынан эрэ киирэллэр-тахсаллар эбит. Бу айдааннаах сурах ааһа илигинэ аны үһүс сурах күөрэйэн тахсыбыта. Өссө биир дьахтарга ол үс күлүк киирбиттэр. Дьахтар кутталыттан таһырдьа, кыһыары тымныыга, аҥаардас наскынан эрэ куотан тахсыбыт. Таһырдьа ытыы, тоҥон, куттанан салыбырыы олорорун ыала дьахтар булан дьиэтигэр киллэрбит. Дьэ дьикти. Биир эрэ киһи манныгы кэпсээбитэ буоллар, итэҕэйимиэххэ сөп этэ. Ол эрээри хас да киһи тэҥинэн уҥуохтара халыр-босхо барыар диэри куттанан олорон кэпсииллэрэ дьиибэ. Ол күн нэһилиэк дьоно бары дьиибэлээх-дьиктилээх Харабыл Хайаларын диэки хайыһан туран ааттаспыттара, көрдөспүттэрэ, иччилэрин аһаппыттара. Ааттарын этиппэт улахан ойууттар көмүллэн сытар сирдэрэ судургу буолбатаҕа чахчы. Кинилэр дойдуларыгар айылҕалаах эмчиттэр, көрбүөччүлэр хаһан да кэлбэттэр. Кэллэхтэринэ даҕаны, ойууттаргыт киллэрбэттэр диэн бөртөлүөттэрин сиргэ түһэртэрбэккэ халлаантан төннөөччүлэр. Туундара диэн – сир куйаара, туох-туох
кистэнэн сытара биллибэт. Ону айылҕа оҕолоро, хоту дьоно эрэ, билэн эрдэхтэрэ. Дэлэҕэ да былыргы өбүгэлэрэ Анаабыр диэн аат Аан Баар диэн тыллартан тахсыбыта диэхтэрэ дуо? Арай ол Аан кинилэр нэһилиэктэрин аттыгар буоллун? Оттон Харабыл Хайата ону харабыллыырга анаммыт буоллун? Дэлэҕэ да Харабыл диэн мээнэ ааттаннаҕай? Тугу, кимтэн, тоҕо харабыллыыр буоллаҕай?
Олег ити кэпсэллэртэн ходьох гына түстэ, ыарахан санааларын кыйдаан илгистэн ылла. Кинилэргэ суол тугу тоһуйан турара биллибэт, ол суол түмүгэр туох күүтэрэ көстүбэт. Ол эрээри бу тургутуу Үөһэттэн анаммыт буоллаҕына, хайыыр да кыахтара суох. Кытаанах санаа ылыммыттыы, аҕа эрчимнээхтик буранын собуоттаата уонна чэпчэкитик үрдүгэр тахсан олорунан кэбистэ. Тимир көлөлөрө эрэ алдьанымыан наада, оччоҕо тыыннаах хаалыахтарын сөп. Буран уордаахтык барылыы түһээт, иннин хоту түһүнэн кэбистэ…
Любовь Готовцева. “Эдьиий, биһиги тыыннаахпыт!” кинигэттэн быһа тардыы