Эдьигээн орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр анаан сайыҥҥы оҕо лааҕыра үлэлээтэ. Бэс ыйын 21 күнүгэр лааҕыр үлэтэ түмүктэннэ. Манна, Өлүөнэ өрүс кытылыгар, Баахынай таба иитэр община сиригэр-уотугар сүүрбэччэ оҕо эбэҥки норуотун үгэс буолбут дьарыгар үөрэннилэр. Табаны иитиигэ, көрүүгэ-харайыыга, булка, балыктааһыҥҥа. Лааҕыр салайааччытынан уопуттаах учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Алексей Шадрин үлэлиир.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1