Буоларын курдук, ханнык баҕарар нэһилиэккэ арыгы атыыта бобулуннаҕына, манна интэриэстээх дьон баар буолаллар. Бу да сырыыга хартыына улаханнык уларыйбата. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр буолан ааспыт быыбардары тэҥэ, арыгы бобуутун референдума буолан ааста. Бүгүн мин сыыппараларга тирэҕирэн, тоҕо боппуттарын быһаарарга сананным.
Бастакытынан, кэнники 10 сылга өлбүт дьон 65,3 бырыһыаннарыгар эттэригэр-хааннарыгар арыгы састааба баара биллибит, ол аата дьон аҥаарыттан ордуга арыгылаан баран, араас оһоллорго түбэһэн өлбүттэрэ дакаастаммыт. Өлбүт дьонтон улахан аҥаара эр дьон эбит.
Дьон туохтан ордук өлөллөр эбит диир буоллахха, Арассыыйа статистиката этэринэн, бастакы миэстэҕэ сүрэх-тымыр ыарыылара эбит буоллахтарына, Эдьигээҥҥэ дьон
10,2 %-ра сүрэх уонна тымыр ыарыыларыттан өлөллөр эбит. 55,1 % -ра тас дьайыылартан өлөллөр, ол аата, суол саахалыгар түбэһии, охсуһуу, тоҥон өлүү. Маны таһынан, ити тас дьайыылартан өлбүт дьон 77,1 % хааннарыгар арыгы састааба баара дакаастаммыт. Сүрэх уонна тымыр ыарыыларыттан өлбүт дьон 62,5 % хааннарыгар эмиэ арыгы састааба баара биллибит.
Саастарынан ылан көрөр буоллахха, саамай элбэх киһи 20-30 сааһыгар суорума суолланар эбит, ол аата саамай үлэлиир, үөрэнэр, төрүүр-ууһуур саастара, дьоннорун-сэргэлэрин көрүөхтээх-истиэхтээх дьоммут. Манна эбэн этэр буоллахха, сүрэх уонна тымыр ыарыыларыттан өлбүт дьоммут эмиэ 50-60 диэри саастаах дьон эбит.
Онон эдьигээннэр саамай сөпкө өтө көрөн, норуоттарын инникитин толкуйдаан дьаһаммыттара улахан хайҕаллаах суол. Маннык хартыына атын да улуустарга баара саарбаҕа суох, онон Саха сирин бука бары олохтоохторо, күөх моҕойу аллараа баттаатахпытына эрэ, инникибит кэскиллээх буоларын өйдүөх тустаахпыт.
Саха киһитэ, аҕыйах ахсааннаах омук буоларбытынан, норуотуҥ иннигэр эппиэтинэһи сүгэргин, чөл туруктаах үүнэр көлүөнэни хаалларыахтааххын умнума, арыгыны атыылаһыма, “абааһыны” аһатыма.
Матвей Лыткин, «Трезвая Якутия» хамсааһын салайааччыта.