Эдьигээҥҥэ таас кулууп тутуллуоҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эдьигээҥҥэ  култуура таас дьиэтин тутуута инвестбырагырааманан былааҥҥа киирэн, быйыл үлэтэ саҕаламмыта.

edersaas.ru

Тутууну 20-тэн тахса киһилээх «Сахастрой 2002» ХЭУо  биригээдэтэ тутуу үлэтин ыытар.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, биригээдэ улахан аҥаара — олохтоох ыччаттар.

Прорабынан Новосибирскайдааҕы университеты бүтэрэн, землеустроитель  идэтин баһылаан эрэр эдэр исписэлиис  Антон Тосукаев үлэлиир.

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев улахан тутууларга олохтоох дьону үлэлэтиэххэ диэн ыҥырыыта олоххо киирэн эрэрэ барыбытын үөрдэр.

Былырыын балаҕан ыйыгар эрдэттэн бэлэмнээн 152 сыбаайаны туруорбуттара.

Билигин тутааччылар култуура дьиэтин тутуллар  сирин ыраастаан бэлэмнииллэр.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан Ирина БУРЦЕВА,

Эдьигээн. 

Ватсабынан 3-4 хаартыска ыытыам

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0