Эдьигээн оройуонугар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт дэкээдэ ахсынньы 4 күнүттэн саҕаланыаҕа.
edersaas.ru
Ахсынньы 12 күнүгэр түмүктэниэхтээх ыытыллар тэрээһин туһунан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Ирина Бурцева маннык кэпсиир:
— «Дьулуур» инбэлииттэр уопсастыбаларын кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэтэ Үүнэр көлүөнэ пуондатын 100 тыһ. солк. гранын кыайыылааҕа. Биэс сыл устата тэрилтэни Айталина Михайлова салайан кэллэ. «Дьулуур» уопсастыба салалтата ити суумаҕа араас иистэнэр массыыналары, матырыйааллары ылбыта уонна нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥорон саҕалаабыта. Ол курдук, утуйар таҥас, суорҕан, мааска, былаат, үтүлүк, о.д.а. олус наадалаах таҥаһы-сабы иистэнэн батараллар. Ону таһынан, уопсастыба чилиэннэригэр барыларыгар эбэҥки национальнай таҥаһын тиктилэр. Улууска доруобуйаларынан хааччахтаах 280 киһиттэн 48-һа — оҕо.
Уопсастыба биир бастыҥ көхтөөх чилиэнэ, көҥүл тустуунан дьарыктанар спортсмен Альберт Петров дьиэ кэргэнин кытта, доруобуйатынан хааччахтаах Никита Слепцов дьиэ кэргэнигэр биир куул күндүөбэйи биэрдэ.
Дэкээдэ чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Холобур, спорт араас көрүҥнэригэр, илиинэн оҥоһукка, уруһуйга, хоһооҥҥо, күндүөбэйтэн бүлүүдэҕэ, харыйа оонньуурдарын кэллиэксийэтигэр, Саҥа дьыллааҕы маскараакка, о.д.а. күрэстэр ыытыллыахтара. Оройуон сугулаанын дьокутааттарын салайааччыта Вадим Тарасенко көҕүлээһининэн, «Дьулуур» уопсастыба чилиэннэригэр сыл аайы ыытыллар «Биһигини аһатар күндүөпкэ балыкпыт» аахсыйаны тустаахтар олус эрэнэ кэтэһэллэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — Ирина Бурцева тиксэриитэ.