Бүгүн эдэр судаарыстыбаннай сулууспалаахтар оскуолаларга лиэксийэ аахтылар
“СӨ бастыҥ эдэр судаарыстыбаннай сулууспалааҕа” куонкурус финалга тахсыбыт 10 кыттааччыта бүгүн Дьокуускай куорат оскуолаларын 11-с кылааһын үөрэнээччилэригэр “Лидер” диэн тиэмэҕэ лиэксийэ аахтылар. Мин, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин юриһа Елена Кычкина 26-с нүөмэрдээх оскуола 11 “А” кылааһын үөрэнээччилэригэр ыыппыт уруогар сырыттым.
Биир уруок чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр ааһан хаалла. Елена Максимовна маҥнай оҕолортон лидер диэн кимин туоһуласта, салгыы бэйэтэ лидер хас бэлиэлээҕин, истииллэрин, менеджертэн туох уратылааҕын туһунан быһааран биэрдэ. Онтон икки тус-туспа тест оҥоттордо. Ол түмүгүнэн оҕолор лидер хаачыстыбалара кинилэргэ төһө үрдүгүн бэрэбиэркэлэннилэр. Лиэксийэ ааҕааччы, бэйэтэ үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр үлэлиир буолан, уруок бүтүүтэ бириэмэ аттаран киин куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар туттарсыы туһунан кэпсээтэ. Оҕолор оскуоланы бүтэрэр сыллара буолан, ыйытыылара да балачча элбэх. Онон, хата, сүбэ-ама ылан хааллылар.
“Куонкурустарга, араас бырайыактарга кыттар интэриэһинэй. Юрист идэлээх булан, үлэ чааһа бүтүөр диэри көмпүүтэр иннигэр олоробун. Биир үксүн ол да иһин уонна атын исписэлиистэри кытта билсээри, саҥаны, сонуну билээри кыттарга санаммытым. Оҕолору кытта кэпсэтэн олус астынным, оҕо сааспын санаан ыллым. Оҕолор, хата, олус көхтөөхтөр эбит. Бу кылгас 45 мүн устата тугу эрэ туһалааҕы, саҥаны иҥэрдим ини диэн эрэнэбин”, — диэн Елена Кычкина кылгастык кэпсээтэ.
Санатан эттэххэ, тустаах лиэксиэйэ, куонкурус финал иннинээҕи түһүмэҕинэн буолар. Маны оҕолор үс смайликтан биири талан ылан бэйэлэрэ сыаналыыллар.
Куонкурус эксперэ, СӨ баайга-дуолга сыһыаннаһыытын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ Дмитрий Андреев: “Куонкурус сүрүн сыала – Саха сиригэр үлэлиир эдэр судаарыстыбаннай сулууспалаахтар үлэлэрин көҕүлээһин уонна кинилэри түмүү. Былырыын Эдэр судаарыстыбаннай сулууспалаахтар координационнай сэбиэттэрин тэрийбиппит. Биллэн турар, социальнай хайысхалаах. Былааммыт, үлэбит үгүс. Елена Максимовна лиэксийэтин сөбүлээтим. Мин көрдөхпүнэ, үөрэнээччилэр сэргээтилэр итини таһынан өссө бэйэтин боппуруостарынан оҕолорго сүбэ биэрдэ”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Куонкурус Саха сиригэр аан маҥнайгытын ыытыллар. Уопсайа, 29 сайаапка киирбититтэн финалга 10 кыттааччы хаалла. Түмүктүүр түһүмэх балаҕан ыйын 18 күнүгэр буолуоҕа.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru