Маннык ааттаах саҥа кинигэ, Саҥа Дьылы көрсө, күн сирин көрдө.
Күндү ааҕааччылар, эһиги үгүскүт, ордук аҕа көлүөнэ өттө, бука, сэрэйдэххит буолуо, бу – сахалыы тыллаах бэчээт сэбиэскэй кэминээҕи историятын кэрэһитэ, хомсомуол Саха уобаластааҕы кэмитиэтин уоргана “ЭДЭР КОММУНИСТ” уонна бу ыччат хаһыатын эрэдээксийэтигэр араас сылларга айымньылаахтык үлэлээбит суруналыыстар тустарынан кинигэ.
Хаһыат аан бастаан 1924 сыллаахха тэриллиэҕиттэн, бириэмэ-кэм хаамыытынан аата төһө да уларыйдар (“Хотугу ыччат”-“Эдэр бассабыык”- “Эдэр коммунист”-“Сахаада”), олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, Саха сирин эдэр ыччатын, өрөспүүбүлүкэ комсомолецтарын охсуулаах үлэҕэ угуйбута, ситиһиигэ сирдээбитэ, кыайыыга кынаттаабыта. Үөрэхтээһин, култуура, духуобунас, устуоруйа, сиэр-майгы тиэмэлэрин хаһыат эмиэ мэлдьи инники күөҥҥэ тутара. Бу көннөрү үрдүк тыллар буолбатахтар, биһиги дойдубут, олохпут историята. Ону сотон кэбиспэккин. Ыччат хаһыата хайдах курдук ааҕыллымтыатын, көдьүүстээҕин, туһалааҕын ол кэмнэргэ тахсар ахсаана 40-50-ча тыһыынчаҕа тиийэрэ да туоһулуур.
Кинигэ ааптара – биллиилээх суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, 40-ча сыл устата ыччаттарга аналлаах “Эдэр коммунист” уонна оҕолорго аналлаах “Бэлэм буол!” (“Кэскил”) хаһыаттарга суруналыыһынан, эрэдээктэри бастакы солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Варвара Николаевна УГАРОВА.
Саха бэчээтин, суруналыыстыкатын бэтэрээнэ Варвара Угарова, бэйэтэ да этэринэн, “Мин буолбатахпына, ким?” – диэн санаанан сиэттэрэн, бу кинигэтин суруйарга санаммыта. 60-70-с сылларга үлэлээн-хамсаан ааспыт суруналыыстар, хаһыаччыттар тустарынан уонна, чахчыта да, ким суруйуой… Онон, “Эдэргэ” эдэр да этибит…” кинигэҕэ эһиги ыччат хаһыатыгар күөгэйэр күннэригэр сылдьан айбыт-туппут, суруйбут-бичийбит ааттаах-суоллаах суруналыыстар, суруйааччылар Савва Тарасов, Анастасия Сыромятникова, Александр Егоров, Николай Герасимов-Айталын, Терентий Халыев, Иван Егоров-Сүгэһэрдээх, Варвара Потапова, Вениамин Миронов, Лидия Лопатина, Иван Кычкин, Василий Васильев, Николай Чуор, Владимир Варламов, Егор Неймохов, Василий Дедюкин, Георгий Борисов, Гаврил Егоров-Дьурантай, Петр Федоров, Федор Стручков, Реворий Кривогорницын, Сергей Егоров, Василий Платонов, Александр Слюгров, Ариан Егоров, эрэдээксийэ тутаах дьоно корректордар Евдокия Николаевна Готовцева, Клара Ильинична Герасимова, уо.д.а. тустарынан ааптар уонна кини кэллиэгэлэрин истиҥ суруйууларын ааҕыаххыт.
Кинигэҕэ ыччат хаһыатын эрэдээксийэтин араас сылларга салайбыт — саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева “Эдэр коммунист” миэхэ күндү”, Ил Түмэн V ыҥырыылаах Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков “Үс түгэн”, СӨ бэчээтин туйгуна Гаврил Стручков “Эдэр коммунист” бүтэһик эрэдээктэрэ этим” диэн дириҥ ис хоһоонноох суруйуулара, биллиилээх суруналыыс Реворий Кривогорницын “Олоҕум умнуллубат сулуһа” диэн 1998 сыллаахха суруйан хаалларбыт ыстатыйата уонна “Эдэр коммунист” хаһыакка айымньылаахтык үлэлээбит саха норуодунай суруйааччыта Семен Попов-Тумат, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, суруналыыстар, суруйааччылар Иван Ушницкай, Анатолий Гоголев, Галина Нельбисова, Айталина Никифорова, Владимир Степанов, Маргарита Сон, Станислав Алексеев, уо.д.а. эдэркээн, хомсомуол саастарын эргитэр иһирэх ахтыылара ааҕааччылар болҕомтолорун тардыаҕа.
Ааптар Варвара УГАРОВА бэйэтин санаатын бу курдук үллэстэр:
— 52 сыл диэн эттэххэ эрэ дөбөҥ дии… 1968 сыллаахха университеты бүтэрэр сылбар “Эдэр коммунист” хаһыат боруогун атыллаан, хаһыаччыт аатырбытым. Эдэрдэргэ “бэйэ киһитэ” буолан, сүүрбэччэ сыл устата үлэлээбитим. Бу хаһыакка ити кэм тухары саха дьоно бүтүннүүтэ иннилэригэр уктар суруйааччыларын, суруналыыстарын кытта бииргэ эҥэрдэспитим. Кинилэр миигин хаһыаччыт буоларга сиэтэн, сирдээн киллэрбиттэрэ. Бары да талбыт курдук дьон мааныта, сытыы бөрүөлээҕэ этилэр. Төһөлөөх элбэх киһини суруйбуттара, үйэтиппиттэрэ, хаһыакка тиспиттэрэ буолуой!?. Оттон бэйэлэрин тустарынан суруллубуттарын булар бэрт сэдэх. Онтон атыттара хаһан да, ханна да ааттаммакка хааллылар. Ол бииргэ үлэлээбит доҕотторум үгүстэрэ, киһи хомойуох, бу күн сириттэн күрэммиттэрэ ыраатта, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Хайдах эрэ гынан сурукка тистэххэ табыллар диэн санаа үүйэ-хаайа туппута ыраатта. Онон, хайдах эмэ гынан кинилэри сурукка тистэххэ табыллар диэн санаабын бииргэ үлэлээбит доҕотторбор Таня Марковаҕа, Галя Нельбисоваҕа тириэрдибитим. Кыргыттарым идиэйэбин үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, бэлэмнээбит былааммын өссө ситэрэн-кэҥэтэн биэрбиттэрэ: “Эн кэннигиттэн үлэлээбит дьоммутун суруйааччылар элбэхпит, үллэстиэхпит, оччоҕо “Эдэрдэр” бары эйэлээх дьиэ кэргэн курдук биир кинигэҕэ түмсүө этилэр…”.
Суруналыыстар Александр Архипов, Варвара Угарова, эрэдээктэр Валерий Васильев саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйыныын.
Ол ыра санаабыт Саҥа дьыл субу буолаары аҕай турдаҕына туолла. “Эдэргэ” эдэр да этибит…” диэн ааттаабыт кинигэбит күн сирин көрдө. Кинигэбит тахсарыгар сүбэ-ама буолбут доҕотторбутугар Александр Жирковка, Наталия Харлампьеваҕа, Галина Бочкареваҕа, Анатолий Гоголевка уонна биһиэхэ “Эдэр коммунист” (“Сахаада”) хаһыакка үлэлээбит, билигин “Сайдам” кинигэ кыһатын салайааччыта, көрөн-истэн, таҥан, бэрийэн таһаарбыт киһибитигэр Марфа Лыткинаҕа истиҥ махталбытын биллэрэбит!
ХХХ
Варвара Угарова кинигэтигэр киирбит суруйуулар – баһыйар үгүстэрэ урут хаһан да, ханна да бэчээккэ тахсыбатах олус сэдэх матырыйааллар. Саха суруналыыстыкатын сайдыытыгар биллэр кылааттарын киллэрбит дьоһуннаах дьоммут, ыччат хаһыатыгар айбыт-үлэлээбит ытыктыыр кэллиэгэлэрбит-суруналыыстар сорохторун тустарынан бу аан бастакы сырдатыы буолар. Кинигэ биир сүрүн сыаннаһа итиннэ дии саныыбын.
Сүрүн хаартыскаҕа: Планерка кэмигэр. Ортоку эрэдээктэр Николай Герасимов-Айталын, (хаҥастан уҥа) Варвара Угарова, Мария Колосова, Вениамин Миронов, Иван Егоров-Сүгэһэрдээх, Василий Васильев, Петр Федоров.
Татьяна МАРКОВА,
“Эдэр коммунист” (“Сахаада”) хаһыакка 1980-1993 сылларга кэрэспэдьиэн, отдел сэбиэдиссэйэ.