Эдэрдэр туспа буочардаах буолалларыгар көмөлөһөбүн

31.01.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Ювелирдар аан дойдутааҕы күннэрэ. Түгэнинэн туһанан, 20-тэн тахса сыл устата ювелирнай киэргэллэри оҥоруунан идэтийэн дьарыктаммыт, билигин даҕаны “Уран-Саха” ХЭУо-ҕа үлэлии сылдьар Иван Захаровы кытта кэпсэттибит. Санатар буоллахха, оруобуна кинилиин кэпсэтэр күммэр, тохсунньу 27 күнүгэр 68 сааһын туолбут этэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

—Иван Алексеевич, кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын кылгастык билиһиннэр эрэ уонна бу ювелир идэтин хайдах баһылаабыккыный?
— Чурапчы улууһун Төлөйүттэн төрүттээхпин. Оҕо эрдэхпиттэн тустуунан күүскэ дьарыктаммытым. Биллиилээх тренер Коркиҥҥа дьарыктаммыт дьоллоохпун. Иккис выпуск буолабын, мин иннинээҕи выпуска Сахаачча баара. Интэринээккэ үөрэнэр кэммэр значоктары, мэтээллэри, көмүс киэргэллэри оҥорор Иван Дьячковскай үлэлиирин өрүү сөҕө-махтайа көрөрүм. Устунан интэриэһиргиирим бэргээн, киниэхэ үөрэнэн көмүс киэргэллэри оҥоруунан үлүһүйбүтүм. Салгыы “Сардаана” фабрикаҕа бэйэм баҕа өттүбүнэн туруулаһан киирэн үлэлээбитим. Манна, билигин бииргэ үлэлии сылдьар “Уран Саха” ювелирнай фирма дириэктэрэ Лука Митрофанович Егоровтыын билсибитим. Кэлин бу “Уран Саха” фирманы бииргэ тэрийэн, бэркэ диэн тапсан, биир санаанан салайтаран үлэлии сылдьабыт.
—Урукку кэми билиҥҥини кытта тэҥнээтэххэ хайдаҕый? Ол эбэтэр көмүс киэргэллэри оҥоруу технологията төһө сайынна?
— Сайдан бөҕө буоллаҕа. Саҥа технология киирэн, оҥорон таһаарыы лаппа улаатта уонна манан дьарыктанар дьон эмиэ элбээтилэр. Холобур, урукку өттүгэр көмүс киэргэллэри оҥоруунан “Якутзолото” уонна “Сардаана” фабрика эрэ дьарыктаналлара. “Сардаана” фабрикаҕа мельхиорунан эрэ киэргэллэри оҥороллоро. Кыһыл көмүһү “Якутзолото” эрэ баһылаан-көһүлээн сылдьыбыта.
Сойуус ыһыллаатын кытта чааһынай тэрилтэлэр тэриллибиттэрэ. Оччотооҕу ырыынак сокуонун тулуйбуттар билигин таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
—“Уран Саха” тэрилтэҕэ саамай аҕалара эн быһыылаах. Эдэрдэргэ ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама биэрэн эрдэҕиҥ.
—Сөпкө эттиҥ. Саамай аҕалара – мин. Саҥа үлэлээн эрэр эдэр уустарга туспа буочарданалларыгар көмөлөһөбүн. Талааннаах ыччат элбэх. Биир хомойордоох эбиппин ээ. Көмүс киэргэллэри оҥорууну ымпыгар-чымпыгар диэри үчүгэйдик баһылаан баран, туспа чааһынай тэрилтэ тэринэн, тилэхтэрэ хараара тураллар. Кыһыылаах соҕус ээ. Дьэ, аһыллан эрэллэр диэн эрдэххинэ, туспа баран соһуталлар.
— Туспа бараллара үчүгэй буолбатах дуо? Ол аата, чахчы бэйэлэригэр эрэнэр уолаттары “уһааран” таһаартыыр оскуола буоллаххыт.
— Биир өттүнэн эмиэ даҕаны оннук ээ. Туспа баран, бэйэлэрэ бур-бур буруо таһаарынан бэркэ үлэлии сылдьар оҕолорбут элбэхтэр. Этэргэ дылы, тарбахтарыгар талааннаахтар, ураты харахтаахтар хайдах биир сиргэ олоруохтарай?
— Айар үлэҕэр аналлаах быыстапканы тэрийдэҕиҥ буолуо?
— 55 сааспын туолбут үбүлүөйдээх күммэр тэрилтэм анаан-минээн “Комдрагмет” саалатыгар оҥоһуктарбынан улахан быыстапка оҥорбута. Барытын бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, иилээн-саҕалаан тэрийбиттэрэ. Быыстапкаларга сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Дьокуускайга ыытыллар анал тэрээһиннэргэ көтүппэккэ сылдьа сатыыбын.
Кэлиҥҥи кэмҥэ сахалыы көмүс киэргэллэри оҥоруу элбээтэ диэн көрөбүн. Европалыы истииллээҕэр быдан ордук курдуктар.
— Төһө кыалларынан, саха киһитин айылгытыгар чугаһы, барсары оҥоро сатыыбыт. Европалыы да истиилтэн туора турбаппыт. Ол гынан баран, сүрүн болҕомтону син биир сахалыыга уурабыт. Аны туран, киин куораттарга, омук дойдуларыгар ыытыллар быыстапкаларга сахалыы тыыннаах, сахалыы ураты буочардаах оҥоһуктары ордук сэргээн, умсугуйан көрөллөр. Биһиги ураты истииллээх оҥоһуктарбыт, киэргэллэрбит дьон болҕомтотун өрүү тардаллар.

Хаартыскаҕа: Иван Захаров эдэрдэри кытта (бастакы – Николай Кириллин, үһүс – Павел Михайлов)

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0