Эдэрдэр куоластара: “Үчүгэйи, үйэлээҕи суруйуох баҕа үөскээтэ…»
Эдэр суруйааччылар XXI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар араас улуустартан 70-тан тахса ааптар кэлэн кытынна. Бастыҥнар ааттара ааттаммыта, икки күннээх сэминээрдэр үлэлэрэ түмүктэммитэ. Эдэр ааптардар бу күннэртэн тугу туһаммыттарын, туох түмүгү оҥостуммуттарын, хайдах туох санаалаах баран эрэллэрин туһунан, кинилэри сырдата таарыйа, ыйыталастыбыт.
—Мин ааспыт сүбэ мунньахха аан бастаан кыттарбар бэлэмнэммэккэ эрэ, бу турар бэйэбинэн кэлбитим. Тэтэрээккэ илиинэн суруллубут лиистэри аҕалан көрдөрбүтүм. Онно этиллибит сиэрдээх сэмэни, сүбэни ылынан, бу сырыыга оҥостон, хоһооннорбун бэчээттээн, чочуйан, бэлэмнэнэн кэлбитим. Сүбэ мунньах үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Элбэх сүбэни-аманы иһиттибит, талааннаах дьону кытары алтыһан, киэҥ билиини-көрүүнү ыллыбыт. Үгүс доҕоттордоннубут. Салгыы үрдүккэ, сырдыкка тардыһан, айар эйгэҕэ умсугуйан туран үлэлиэхпит диэн эрэннэрэбит.
Анатолий Кириллин-Толикус, Сунтаар:
—Бэйэбин суруйааччыбын диэн улаханнык санаммаппын эрээри, нэһилиэгим дьоно күүскэ өйөөн, күүстэринэн кэриэтэ тэрийэн ыыппыттара. Манна бэйэм эйгэм эбит диэн сүрэхпинэн сэрэйдим…
Кылгас да кэмҥэ буоллар, айар куттаах дьону кытта бииргэ алтыспыппыттан астынным уонна батыһыахпын баҕардым. Барыларыгар айар умсулҕан, дьоҕур, эниэргийэ баар эбит. Элбэҕи билиэххэ, үөрэниэххэ наада диэн сыал туруоруннум. Сүбэ мунньах айар үлэбэр аартыгы арыйыа диэн эрэнэбин…
Татьяна Поскачина-Татыйык, Таатта:
— Мин урут маннык сүбэ мунньах ыытылларын билбэт этим. “Батсаабынан” биллэриини көрөн, соһуччу кыттарга быһаарыммытым. Инники эрээккэ олорон, атын дьону ырыталларын болҕойон иһиттим, суруннум. Миэхэ туһаайбыт сүбэлэрин ылынным. Хайдах эрэ иһим кычыгылана олордо, туох эрэ үчүгэйи, үйэлээҕи суруйа охсуох баҕа үөскээн кэллэ. Уопсайынан, үчүгэй тиэмэ наада эбит.
Билиини-көрүүнү кэҥэтэр, маастарыстыбаны үрдэтэр наадатын бигэтик өйдөөтүм.
Кэпсэттэ Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru