Эдэр ырыаһыттары Айхал айхаллыы көрүстэ!

22.07.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы "Snow Voice" бөлөх тиксэрдэ.

«Snow Voice» бөлөх саҥа састааба номнуо үһүс сылын үлэлиир. Сонуннартан үллэстэр эбит буоллахха, эдэр ырыаһыттар хостуруолга сылдьаллар. Ол курдук, икки нэдиэлэ анараа өттүгэр Мииринэйгэ сылдьыбыттара. Аҕыйах хонуктааҕыта Айхалтан үөрүү, иэйии аргыстаах айаннаан кэллилэр. 

“Кырдьык да, Айхал куорат уруйдуу – айхаллыы көрүстэ. Сэҥэрээччилэрбитин кытта илэ көрсөн, ситимнэһэн дьоллоннубут. Аҥаардас истиҥ мичээр, көрүү, тэҥҥэ үҥкүүлэһии, автографтары биэрии биһиэхэ сырдык эрэли саҕар. Сүгүрүйээччилэрбит биһиги өссө да айа сылдьарбытыгар күүс биэрэллэр», — дииллэр уолаттар.

Хаартысканы "Snow Voice" бөлөх тиксэрдэ.

Кинилэри кытта сиһилии билсиэҕиҥ

Айсен Иванов – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу – Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун выпускнига, билигин филологическай факультет  «Реклама и связи с общественностью» факультет магистрана:

— Төрөөбүт дойдум — Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэ. Оҕо эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбүн. Араадьыйаттан магнитофоҥҥа ырыа устарбын өйдүүбүн. Кыыһырыллыахпар диэри ыллааччыбын. Кирпииччэ оһохпун — сыана, оттон скалканы микрофон курдук көрөөччүбүн. Муусука оскуолатыгар дьарыктаммытым. Чиэһинэ эттэххпинэ, оҕо эрдэхпинэ ырыа көннөрү иллэҥ бириэмэҕэ аналлаах дьарык эрэ буолуо дии саныырым. Ол эрээри, испэр ырыаһыт буолар ыралаах этим.  Устудьуоннуур кэммэр бэйэм бэйэбэр ыллыыр этим.

2020 сыллаахха саҥа састаап тургутуута буолбута. Өр да өр толкуйга түһэммин, барарга санаммытым. Уочаракка бүтэһик турбуппун өйдүүбүн. Билигин олус сөптөөх да быһаарыныыны ылбыт эбиппин диибин. Семен Павлович Ченянов курдук таһымнаах, идэтин толору баһылаабыт киһини кытта үлэлиирбиттэн дьоллоохпун.

Егор Сивцев ХИФУ Автодорожнай факультетын выпускнига:

-Чурапчы улууһун Төлөй – Дириҥ сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Оҕо эрдэхпиттэн айар эйгэҕэ баарбын, ырыаҕа интэриэстээхпин. «Snow Voice» бөлөххө бэйэбэр саҥа саҕахтары, кыахтары арыйаары киирбитим. Дьиҥэр, биһиги атын ырыаһыттартан улахан уратыбыт суоҕун да иһин, биһиги дьоҥҥо үөрүүнү саҕаары, ыччаты сэргэхситээри үлэлиибит. Бастаан саҕалыырбар син биир симик этим. Онтон аһыллан, сайдан бөлөххө үлэбин дьиҥнээхтии таптаабытым.

Бөлөх саҥа кыттааччыта Айтал Попов – ХИФУ омук филологиятын уонна регионоведение институтун иккис кууруһун устудьуона:

— Томпо улууһун Хандыга бөһүөлэгэр улааппытым. 2015 сыллаахха Дьокуускайга көспүппүт. Онно тута Туйаара Томская Level up диэн үҥкүү оскуолатыгар суруттаран, элбэх куонкурустарга кыттыбытым. Салгыы моделинг өттүнэн кэккэ ситиһиилэммитим. Бөлөх саҥа састаабыгар былырыын киирбитим. Семен Ченянов айар үлэтин уруккуттан сэҥээрэ көрөр этим.

Мин санаабар, ыччат ырыаларбытын олус сөбүлүүр. Даҕатан эттэххэ, араас хабааннаах дьарыктаах ыччаттар инникибит сайдыылаах, сырдык буоларын туһугар улахан кылааттарын киллэрсэллэр, стереотиптары көтүрэллэр. Мин сайда турар ыччат ахсааныгар киирсэрбиттэн киэн туттабын.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0