Өрөспүүбүлүкэҕэ балаҕан ыйын 14-15 күннэригэр «Траектория карьеры» диэн эдэр ыччаттарга аналлаах үлэ дьаарбаҥката ыытыллаары турар.
Дьаарбаҥка онлайн киэбинэн ыытыллар. Тэрээһиҥҥэ министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбата, ОДьКХ. энергетика, үөрэҕирии, култуура уонна да атын хайысхаларынан баар вакансиялары билиһиннэриэхтэрэ.
Тэрээһин иитинэн алта маастар-кылаас: — «Фабрики будущего. Современные тренды в экономике»; «Метакомпетенции. Транспрофессионализм»; «Построение личной карьерной траектории на Дальнем Востоке»; «Резюме – главный элемент поиска работы»; «Возможности Федеральных и Республиканских проектов в вопросах обучения и содействия трудоустройства молодежи»; «Профориентация и трудоустройство для выпускников с ОВЗ и выпускников с инвалидностью» диэн тиэмэлэринэн ыытыллыаҕа.
Маны таһынан, Ыччат министиэристибэтэ сэминээр-практикум, Дьарыктаах буолуу сулууспата вебинар ыытыахтара.
Бу икки күн 647 тэрилтэ уопсайа 6600 үлэ миэстэтигэр 3000 вакансияны билиһиннэриэхтэрэ. Дьаарбаҥкаҕа «АЛРОСА», «Колмар»,«Якутскэнерго», «ЯТЭК» уо.д.а. бөдөҥ хампаанньалар кытталлара күүтүллэр.
Дьаарбаҥка Zoom платформаҕа ыытыллар. Итиэннэ youtube ханаалга көстөр https://www.youtube.com/channel/UCMeJrUyejc3q4LPjMkaFg6g
edersaas.ru