«Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраама чэрчитинэн, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн 36 муниципальнай тэриллиигэ 611 177 300,0 солкуобай аттарыллыаҕа.
Анивера Акимова, https://edersaas.ru
2017 сылга социальнай төлөбүрүнэн өрөспүүбүлүкэ 1005 эдэр ыала туһаныаҕа. Ол курдук, муус устар
10 күнүгэр туһааннаах уураахха СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин илии баттаата.
Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыыга ордук элбэх үбүлээһин Дьокуускай куоракка көрүллүбүт. Уопсайа, 117,0 мөл. солк. Оттон Мирнэйгэ — 65,3 мөл. солк., Тааттаҕа — 62,3 мөл. солк., Өлөөҥҥө — 58,7 мөл.солк., Ленскэйгэ — 58,5 мөл. солк., Алдаҥҥа – 52,5 мөл. солк., Намҥа — 50,0 мөл.солк., Сунтаарга – 39,0 мөл.солк. ордук кээмэйдээх элбэх үбүлээһин оҥоһуллубут.
Социальнай төлөбүр кээмэйэ дьиэ сыанатын 30-35% буолуоҕа. Төлөбүр дьиэ туттааччыларга, ипотекаҕа киирээччилэргэ бастакы усунуос быһыытынан туттуллуон сөп.
Анивера Акимова, https://edersaas.ru