2021 сылга 370-тан тахса эдэр ыал олорор усулуобуйатын тупсарар.
Бу туһунан СӨ Тутуу министиэристибэтиттэн иһитиннэрдилэр диэн СИА бэлиэтиир.
Олорор усулуобуйаны тупсарар сыаллаах СӨ Ил Дархан ыйааҕынан (897 №, 13.12.2019), «2020-2024 сылларга хаачыстыбалаах олорор дьиэнэн хааччыйыы уонна олох-дьаһах коммунальнай өҥөлөрүн тупсарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама бигэргэтиллэн, бу иитинэн эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы тэрээһинэ олоххо киллэриллэр.
СӨ Бырабыыталыстыбатын 2020 сыл муус устар 1 күнүнээҕи 65 №-дээх «О мерах по обеспечению жильем молодых семей в Республике Саха (Якутия)» уурааҕынан эдэр ыал олорор дьиэни ылалларыгар эбэтэр тус олорор дьиэни тэринэллэригэр социальнай төлөбүрдэри биэрии бэрээдэгэ бигэргэтиллибитэ. Бырагыраамаҕа олорор дьиэҕэ наадыйар 35 саастарын ааһа илик ыал кыттыахтарын сөп. Бырагыраамаҕа киирэргэ эдэр ыал олорор сирдэринэн олохтоох дьаһалтаттан чопчулаһаллар.
Бырагыраама кыттыылаахтарыгар 400 тыһ.солкуобайтан 2 мөл.солк. диэри бэриллиэн сөп. Бу дьиэ кэргэн хас чилиэннээҕиттэн тутулуктаах.
Харчынан субсидияны ипотекаҕа бастакы усунуос быһыытынан, эбэтэр сүрүн иэһи, дьиэ кирэдьиитин бырыһыанын төлүүргэ эбэтэр дьиэни тутууга туһаныахха сөп.
2021 сылга судаарыстыба бу бырагырааматын үбүлүүргэ бары таһымнаах бүддьүөт суотуттан эдэр ыалларга социальнай төлөбүрдэргэ 354,7 мөл. солк. суума көрүллүбүтэ өрөспүүбүлүкэ 33 улууһуттан 373 дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарынарыгар кыаҕы биэрэр.
Бырагыраамаҕа кыттааччыларын ахсаанынан быйылгы сылга ордук Ленскэй куорат (36 эдэр ыал), Амма улууһа (32 эдэр ыал), Дьокуускай куорат (30 эдэр ыал) инники күөҥҥэ сылдьаллар.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1