«Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраамаҕа докумуон хомуйуута саҕаланна

06.07.2020
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бүгүҥҥүттэн, от ыйын 6 күнүттэн,  «Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы» диэн бырагыраамаҕа докумуону хомуйуу саҕаланна.

Бу судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа сайаапкалаһар туһуттан e-yakutia.ru саайтка «Личнай кабинекка» киириэххэ наада, манна «Госуслугалар» саайтын нөҥүө киириэххэ сөп.

Сайабылыанньа бэриллибитин, бэрэбиэркэни ааспытын кэнниттэн, сайабылыанньа биэрээччи тус кабинетыгар («Госуслугаҕа») дьиэ-уот сыһыаннаһыытын департаменыгар докумуон чахчытын бэрэбиэркэлиир күнэ-дьыла, бириэмэтэ ыытыллыаҕа.

Бэлиэтээн эттэххэ, докумуону хомуйуу от ыйын 6-29 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Бу нүөмэргэ эрийэн сиһилии билсиҥ: 8(4112) 22-60-18

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0