Владислав Пермяков нэһилиэгин олохтоохторун иһэр уунан хааччыйар баҕалаах буолан, маны бизнес биир көрүҥүн быһыытынан интэриэһиргээбитэ ыраатта.
Биллэн турар, барыта анал тэриллээх, дьиэлээх-уоттаах буоллаххына табыллар буоллаҕа. Онуоха бу баҕа санаатын толороругар социальнай хантарааҕы туһаныыта уонна Дьарыктаах буолуутун киинэ олус улахан өйөбүлү оҥорбуттара. Аны манна эбэн кэбис нэһилиэктэригэр атахтарыгар саҥа туран эрэр урбаанньыттары өйүүр Бизнес-инкубатор аһыллыбытын.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Владислав Пермяков номнуо бастайааннай килийиэннэрдээх — отучча киһини анал үлэҕинэн ыраас уунан хааччыйар. Сыаната ырыынак сыанатынааҕар удамыр: бэйэ иһитигэр уу куттуу – 50 солкуобай, сакаастаммыт ууну дьиэҕэ илдьэн биэрии – 100 солкуобай.
Ууну хантан аҕалан хайдах ыраастыырын ыйыппыппар, Владислав Пермяков бу курдук быһаарда:
— Ууну «Тииттээх» күөлтэн баһан аҕалабын. Бу Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторо былыр былыргыттан аһаан олорор күөллэрэ.
Тэрилтэбэр бэйэбин кытта түөрт үлэһит баар. Судаарыстыбаттан өйөбүлэ суох бэйэ дьыалатын тэринии — олус уустук. Социальнай хантараак түһэрсэрбэр бизнес-былаан суруммутум. Бастаан нэһилиэгим, онтон улуус таһымнаах түһүмэхтэри ааспытым. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун куонкуруһугар эмиэ хас да түһүмэҕи ааспытым. Ол түмүгэр ылбыт үбүм: социальнай хантараак — 195 тыһыынча солкуобай. 152 тыһыынча солкуобай – Дьарыктаах буолуу кииниттэн уонна 100 тыһыынча солкуобай – бэйэм үбүм. Дьэ, ол кэннэ бэйэ дьыалатын арыммытым. «Сахафильтр» диэн тэрилтэ баар. Ырыынак эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ 9 сыл буолбут. Ол дьонтон уу ыраастыыр тэрили ылбытым. Интэриниэккэ көрбүтүм – маннык тэрилгэ барытыгар «ынырыктаахай» сыана этэ. Оттон бу тэрилтэ сыаната — чэпчэки. Маннык тэрил, барытын холбоон аахтахха, мөлүйүөҥҥэ тиийэр суумалаах. Онон уолаттар тэриллэри бэйэлэрэ таҥан туруораллара, саҥа атаҕар туран эрэ киһиэхэ олус улахан өйөбүл. Бу Бизнес-инкубаторга үлэлээбитим уонча хонно, — диэн кэпсиир Владислав Пермяков.
Эдэр урбаанньыт үөлээннээхтэригэр туһаайан, бэйэтин санаатын маннык тиэртэ:
— Бастаан дьыаланы саҕалыыргар, кырдьык, уустук. Былааннана үөрэниэххэ наада эбит. Биллэн турар, биир-икки сыл тулуур ирдэнэр. Нолуогу үчүгэйдик төлүөххэ наада. Биэнсийэни үчүгэйдик төлөөтөххүнэ нолуоккуттан босхолоноҕун диэххэ сөп. Бүддьүөт үлэһитинэн да үлэлии сылдьыбытым. Маҕаһыын арынан, предприниматель эмиэ буолан ылбыттаахпын. Билигин бэйэ дьыалатын тэринэн баран, дууһам талбыт идэтинэн дьарыктанарым ордук да эбит диэн санааҕа кэллим.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.