Эдэр учуонайдарга туох өйөбүл баарый диэн көрөөччүлэр СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай социальнай ситимнэринэн быһа сибээскэ тахсар кэмигэр ыйыталастылар.
Миниистири солбуйааччы эдэр учуонай төһө кыалларынан кыратыттан билимҥэ сыстара суолталааҕын ыйар. Итиэннэ, хомойуох иһин, харчы барытын быһаарар диэн хайдыһар санаа баарын ыйар. Тустаах боппуруоска кини сөпсөспөтүн биллэрэр. Тоҕо диэтэххэ, аспирантураны ааспыттарын, диссертацияларын көмүскээбиттэрин кэннэ, бу көмөтүнэн өрүү чинчийээччини, эдэр учуонайы тустаах систиэмэҕэ хаалларар өрүү кыаллар буолбатаҕын этэр. “Онон, бастатан туран, биһиги судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн докторскай уонна кандидатскай диссертацияны көмүскүүргэ өйөбүл миэрэлэрин сөргүттүбүт. Иккиһинэн, научнай үлэһиттэргэ уонна эдэр научнайдарга туспа судаарыстыбаннай истипиэндьийэҕэ сыһыаннаах төлөбүрдэр сөргүтүлүннүлэр. Быйыл манна хапсар кыахтаахтар. Итини таһынан, инники күөҥҥэ сылдьар научнай оскуолалары өйүүр миэрэлэргэ болҕомто ууруллар”, — диэн хоруйдаата.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.