Эдэр учуонайдар уопуттарын Уһук Илин уонна Арктика эригийиэннэригэр туһаныахтара

Ааптар: 
19.11.2021
Бөлөххө киир:

Бүгүн Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка сылдьан, аныгы технология хайысхатынан барар үлэни билистэ.  

ХИФУ Физико-техническэй институтугар графеновай нанотехнологияны үөрэтэр научнай лабораторияҕа графеннаах, сенсорнай пленкалаах электрическэй эттиги көрдөрдүлэр. Учуонайдар молибден дисульфидыгар олоҕуран, чараас пленкалаах күннээх эттик холобурун оҥорбуттар. Бу пленка сыаната чэпчэкитинэн, кытаанаҕынан, тымныыны тулуйарынан, илийбэтинэн кэскиллээх оҥоһук буоларын эдэр учуонайдар бигэгэртэллэр.

Ыччаттар Арассыыйаҕа оҥоһуллубут анал тэриллэргэ кыра үбү туһанан оҥорон таһаарар научнай үлэлэрэ Уһук Илин уонна  Арктика эригийиэннэригэр бастыҥ холобур быһыытынан сыаналаныан сөп. Инники күөҥҥэ сылдьар технологияларга, Арассыыйа курдук халыҥ хамаанда быһыытынан лиидэрдэр ахсааннарыгар сылдьарбыт туһугар,  бу уопуту хайаан да туһаныахпыт», — диэн Алексей Чекунков бэлиэтээтэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0