Эдэр саас — киһи өйө — санаата, кэрэҕэ тардыһыыта муҥутуурдук сайдар, айар — тутар сатабыла, араас хабааннаах талаана арыллар саамай тоҕоостоох кэмэ. Хас биирдии эдэр үлэһит саҥа кэлэктиипкэ киирдэҕинэ долгуйуон, толлуон сөп. Мин, эдэр суруналыыс быһыытынан күн бүгүн көрүүбүн үллэстэрбин көҥүллээҥ.
Күнтэн күн, ыйтан ый, сылтан сыл ааҕааччыларбар бэйэбин арыйабын, ону кытта улаатабын, сайдабын, араас санааларбын аһаҕастык сурукка тиһэбин. Ону ылынар, өйдүүр дьон бааллара миигин үрдүккэ кынаттыыр. Оҕо эрдэхпиттэн суруналыыс буолар баҕалаахпын. Тоҕо диэтэр, мин санаабар, суруналыыс — күннээҕи олоҕу алмаас таастыы арылыйа оонньуур гына бары өттүттэн көрдөрөр дьоҕурдаах киһи. Билигин ол туһугар үөрэнэ, айа-тута, үлэлии-хамныы сылдьабын.
Элбэхтэ суруйан, эрчиллэн, сахалыы тылынан дьон сүрэҕэр, өйүгэр — санаатыгар тиийиэхпин сөбүн өйдөөбүтүм.
Суруналыыс үлэтэ айаннаах, кэлиилээх-барыылаах. Сахабыт сирэ эчи киэҥэ, улахана. Кыаллара буоллар, тайаан сытар улуустары барыларын кэрийиэм этэ. Дьонун кытта алтыһан, бодоруһан, кэпсэтэн. Уопсайынан, киһи сүргэтэ саҥа билсиһиилэртэн, арыйыылартан көтөҕүллэр. Былырыын саас Горнай улууһун Бэрдьигэстээх, Маҕарас нэһилиэктэригэр, Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр, Аллараа Бэстээххэ, Өлүөнэ очуостарыгар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар баран үлэлээбитим.
Айаннаан истэхпинэ маннык санаалар киирээччилэр: сахалар куруутун майгыбытынан, өйбүтүнэн, ордук эдэр дьон, чорбойо, туруулаһа сатыыбыт. Ол курдук, олохпут кэриэтэ көнө, сороҕор аппалардаах суол устун айаннаан иһэн саныыгын: тоҕо сахалар бэрт былдьаһабытый, тоҕо маннык кэрэ дойдуга олороммут, бэйэбитин ситэри дьоло суох ааҕынабытый, тоҕо айар дьон эрэйдэнэрий, суруналыыстыка дьиҥ ис хоһооно туохханый? Кэпсэтэ олорон, түннүк нөҥүө көстөн ааһар киэҥ алаастары, тыалары, дьиэлэри, нэһилиэктэри көрөммүт, олох суолларын син биир тобула, була, көрдүү, өйдүү сатыыбыт.
Чайнойдарга тохтоон, билбэт дьоҥҥун кытта: «Эһиги бүтэһиккит дуо, суол хайдаҕый, суруналыыстаргыт дуо?» эҥин диэн кэпсэтиһэн барабыт. Бу эмиэ — дьол. Маны этэн эрдэхтэрэ: «Ынах маҥыраһан, сылгы кистэһэн, киһи кэпсэтэн билсэр» диэн…Бу мээнэ халтай сырыттаххына буолбатах, үлэҕэ, дьарыкка, алтыһыыга сырыттаххына тахсар өйдөбүллэр, иэйиилэр, санаалар.
Хаһан баҕарар билинии, ылынааһын – үрдүк наҕараада. Бу маны ааттаах – суоллаах улахан суруйааччылар, суруналыыстар билэллэр. Биллэн турар, суруналыыс дьон туһугар үлэлиир. Баҕар, кып – кыра да хамнаска буоллун. Ол эрээри, этэрин этэн, суруйарын суруйан баран уоскуйар. Тоҕо диэтэххэ, кини ааҕааччытын иннигэр иэһин курдук сананан кэбиһэр.
Кэнники сылларга суруналыыстыка эйгэтигэр ыччат аҕыйаҕын бэлиэтиэххэ сөп. Таһым намтаатар намтаан иһэр, биир да сахалыы этиини кыайан суруйбат буоллулар дииллэр. Бу маны сытыытык буолбакка, арай олоххо баар кыһалҕа курдук этиэхпин баҕарабын. Билиҥҥи ыччат бэрэстэбиитэлэ буоларым быһыытынан, эдэр суруйар баҕалаах дьон баар диэн этэбин. Тыл күүһэ олус сүҥкэн. Биһиги инникибит — оҕо уонна ыччат. Кинилэр кэскиллээх олоҕу түстэһэр дьон буолалларын туһугар үлэлиибит. Онно сахалыы сөптөөх саҥа, сурук – бичик элбиэн наада. Ол аҕам саастаах уонна эдэр дьон үтүө ситимнэриттэн тахсар.