Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтара үлэтин саҕалаата

27.03.2018
Бөлөххө киир:

21-с төгүлүн ыытыллар Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара бүгүн 2-с №-дээх бырабыыталыстыба дьиэтин саалатыгар арылынна.


Сүбэ мунньахха барыта 107 сайаапка киирбититтэн, 72 кыттааччыны талан ылбыттара. Бастакы күн 70 кыттааччы кэлэн регистрацияланна. Икки күн устата барыта алта секция үлэлиэҕэ: сахалыы проза уонна поэзия, нууччалыы литература, хотугу норуоттар литературалара, кириитикэ уонна драма.

Мунньах арыллыытыгар ыччат миниистирэ Афанасий Владимиров, култуура миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева, СӨ суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров уонна норуодунай суруйааччылар кыттыыны ыллылар. Кинилэр эдэрдэргэ бэйэлэрин түс-бас тылларын, үтүө сүбэлэрин анаатылар.

Дьиҥнээх суруйааччы буоларга сиппит-хоппут толкуйдаах киһи олоҕун бүтүннүү литератураҕа аныахтаах. Онон эдэр ааптардар талаан кыымын хараххыт харатын курдук харыстаан, үөрэнэн, элбэхтик ааҕан, билэн-көрөн, сайдан иһэргит ирдэнэр. Литература сиэркилэ курдук, олоҕу тыктаран көрдөрөр. Биһиги кэммит историятын эһиги тыктаран көрдөрүөххүт, онон бэйэҕитигэр улахан ирдэбиллэри туруоруҥ”, — диэн сүрүннээн сүбэлээтилэр.

Сүбэ мунньах 1989 сылтан тохтуу сылдьан баран, 2004 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ. Ол кэмтэн ыла сүүрбэччэ кинигэ, хомуурунньук бэчээттэнэн таҕыста, 14 эдэр ааптар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар мэктиэлэнэн киирдэ. Эдэр литератордар сэбиэттэрэ тэрилиннэ. Ити барыта эдэрдэри кытары үлэ түмүгэ.

Наталья Харлампьева литератураны сайыннарарга улахан суолталаах тэрээһини өйүүллэрин иһин Ил Дархаҥҥа, ыччат, култуура министиэристибэлэригэр, “Бичик” кинигэ кыһатыгар махтанна. Ол да буоллар, айар эйгэҕэ кэккэ кыһалҕалар суох буолбатахтар. “Саха литературатын классиктара”, “Норуодунай суруйааччылар”, “Хотугу норуоттар суруйааччылара” көмүс сериялар былааннанан тахса тураллар, номнуо 30 том бэчээттэннэ. Быйыл бу сериялары үбүлүүргэ көрүллүбүт субсидия кээмэйэ 30 мөлүйүөнтэн икки төгүл кыччаата. Бу 14 мөлүйүөҥҥэ 40 эрэ кинигэ тахсар кыахтаах. Онон маннык тэтиминэн бардаҕына, серия толору тахсыар диэри, 30 сыл ааһыахтаах.

Тылбаас кыһалҕата сытыытык турар. Урут Семен Данилов сойууһу салайан олорон, Литературнай институкка саха оҕолорун ыытан, тылбаасчыттар бөлөхтөрүн астарбыта. Билигин маннык дьаһаныы кэм ирдэбилэ буолбута көһүннэ.

Секциялар үлэлэрин түмүгүнэн, алта бастыҥ ааптарга 10-нуу тыһ. солк. бириэмийэни туттарыахтара. Эдэрдэри Дьокуускай куорат аэропордун салалтата өйөөн, бу бириэмийэлэри анаата. Ону тэҥэ бастыҥнар айымньылара хомуурунньукка, кинигэҕэ тахсарга мэктиэлэниэхтэрэ, хаһыакка, сурунаалга бэчээттэниэхтэрэ. Бары кыттааччылар саҥа кинигэлэрдээх, сурунааллардаах, уруучукалаах, блокноттаах  паапканы, миниистирдэр илии баттааһыннаах сертификаттары илиилэригэр тутуохтара.

Эбиэт кэнниттэн секцияларын арахсан үлэлээтилэр, Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар “Тыыннаах автограф” диэн Поэзия киэһэтэ буолла.

Сарсын секцияларынан үлэ салҕаныа. Ону тэҥэ Ил Дархан Егор Борисов эдэр ааптардары кытары көрсүһэрэ былааннанар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0