Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күүстээх дьаҥ сатыылаабытынан, кыттааччылар, уһуйааччылар уонна тэрийээччилэр чэгиэн туруктаах буолалларын туһугар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 1055 3-дээх ыйааҕыгар олоҕуран уонна туһааннаах тэрилтэлэр сүбэлэрин ылынан, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньата XXII Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын муус устар 1-2 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыыны тохтоторго быһаарда.
edersaas.ru
Тэрийээччилэр барыллаан торумнуулларынан сүбэ мунньах балаҕан ыйын иккис аҥаарыгар ыытыллыа, буолар күнэ уонна сирэ кэлин чопчуланыа.
Балаһыанньа быһыытынан кыттыан баҕалаахтар кулун тутар 20 күнүгэр диэри сайаапка ыытыахтаахтар этэ. Ол түмүгүнэн быйылгы тэрээһиҥҥэ 7 секцияҕа 86 сайаапка киирдэ, ону тэҥэ 5 киһи ыҥырыылаах быһыытынан кыттарга суруттарбыта. Секцияларынан биирдиилээн бэлиэтиир эбит буоллахха: саха поэзиятыгар – 29, саха прозатыгар – 12, нууччалыы тыллаах литератураҕа – 20, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар литератураларыгар – 4, драмаҕа – 6, кириитикэҕэ – 8, оҕо литературатыгар – 7 кыттааччы суруттарда. Саха поэзиятыгар уонна прозатыгар кэтэхтэн сүүмэрдээһиҥҥэ бастакытыгар 29 кыттааччыттан 12, иккискэ 12 кыттааччы бары аастылар.
Күһүҥҥү тэрээһиҥҥэ эбии заявка хомуйуллуоҕа. Онон араас сылтаҕынан заявка ыыппакка хаалбыттарга XXII Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар кыттарга кыах өссө да баар. Араас ыйытыылар баар буоллахтарына ederlit@mail.ru аадырыска суруйан чопчулаһыаххытын сөп.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс-киинэ