«Эдэр сааска» үлэлээбит дьоллоохпун

18.11.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Вера Макарова тиксэрдэ.

Суруналыыс идэтин таларга ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан булгуччулаахтык быһаарыммытым. Устудьуоннуу сылдьан, оччолорго СГУ саха филологиятын уонна төрүт культуратын факультетыгар үөрэнэр кэммэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ» хаһыакка практикабын барбытым. Салайааччым – биллиилээх суруналыыс Борис Павлов этэ.

Суруналыыс буолуон баҕалаах кыргыттар – Света Пахомова, Света Халгаева, Света Гоголева, Люда Егорова уонна мин –  Борис идиэйэтинэн «Саха сирэ» хаһыат иһинэн ыччакка аналлаах балаһа таһаарар буолбуппут. Ыччакка ананарын быһыытынан, «Эдэр саас» диэн ааттанара ордук диэн быһаарбыппыт. Бастакы нүөмэрбит 1992 сыл ахсынньы 2 күнүгэр тахсыбыта. Балаһабыт ыйга биирдэ бэчээттэнэн, барыта тоҕус нүөмэри таһаарбыппыт. Бүтэһик нүөмэрбит 1993 сыл алтынньы 28 күнүгэр бэчээттэммитэ.

Онтон ити балаһабытыттан силис тардан, 1993 сыл сэтинньи 18 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыат ыччакка аналлаах туспа сыһыарыыта күн сирин көрбүтэ. Саҥа хаһыат аатын толкуйдааһын мөккүөрдээх соҕустук барбытын бу баардыы өйдүүбүн. Хас да барыйаантан «Тэтим» диэҥҥэ тохтоон, нуул нүөмэрдээх хаһыаппыт ити аатынан тахсыбыта. Ону хайдах эрэ дууһабытынан ылыммакка, ыччат хаһыата «Эдэр саас» диэнтэн атыннык ааттаныан сатаммат диэн күүскэ туруосан, итинник ааттанарын ситиспиппит.

Биһигини, оччолорго университеты бүтэрээри сылдьар устудьуон оҕолору, «Эдэр саас» бастакы эрэдээктэрэ Уйбаан Уһунуускай, суруналыыстар Сардаана Баснаева, Валентина Бочонина үөрэ көрсүбүттэрэ. Хаһыат бастакы нүөмэриттэн саҕалаан, тигинэччи үлэлэһэн киирэн барбыппыт. Хаһыаппыт штатыгар талааннаах худуоһунньук Иннокентий Пестряков, «аттар» диэн баран муннукка ытаабыт доҕорбут Иннокентий Аммосов, «ийэбит» диэн ааттыыр аҕа табаарыспыт Зоя Кривогорницына эбиллибиттэрэ.

Эһиилигэр, мин үөрэхпин бүтэрээт, «Эдэр сааспар» кэрэспэдьиэнинэн үлэлии кэлбитим. Ол курдук олук уурсубут хаһыаппар сэттэ сыл биир тыынынан үлэлээбитим. Хайдах эрэ дууһаҕа чэпчэки, мэлдьи үөрүү-көтүү, сырдык сыдьаай аргыстаах үчүгэй да кэмнэр этэ! Хаһыаппыт бастакы нүөмэриттэн ааҕааччыга сөбүлэтэн-биһирэтэн, киэҥник аатырбыта-сураҕырбыта. Ол сылларга бииргэ үлэлии сылдьыбыт дьоммун, суруйбут дьоруойдарбытын, хаһыаппыт доҕотторун барыларын истиҥник, сылаастык ахтабын-саныыбын.

Сыл-хонук. Номнуо 30 сыл элэҥнэтэн ааһа охсубут эбит! Олоҕум күөгэйэр күннэрэ, ыллыыр-туойар, ойор-тэбэр кэрэ саастарым ыччат хаһыатыгар «Эдэр сааска» ааспыттарын дьолбунан ааҕабын.

Вера Макарова (оччолорго Слепцова),

«Эдэр саас» 1994-2001 с.

с. кэрэспэдьиэнэ,

2001-2019 с.с. «Саха сирэ» хаһыат суут-сокуон тиэмэтигэр ырытааччыта.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0