Билсиҥ — «Эдэр саас» саайт сонун сүүрээнэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьиэҕэ олорор кэмҥэ дьон үксэ куйаар ситиминэн кинигэлэри, кэпсээннэри истэр буоллулар.

edersaas.ru

«Эдэр саас» саайт бу күннэргэ «Саха сирэ» хаһыакка тахсыбыт матырыйааллары уонна кэпсээннэри куйаар ситимигэр аудио-матырыйаал быһыытынан билиһиннэрэр буолла.

«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара ааҕыыларын ким баҕарар массыынан айаннаан иһэн, ас астыы, оҕуруотун үүнээйитин бэрийэ, тыаҕа күүлэйдии, хаалыктаах хаама сылдьан, быһата, ханна сылдьар да, онно араадьыйа курдук холбоон истэ сылдьыан сөп.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, куйаар ситимин аныгы көрүҥэ — аудио-ааҕыы муусуканан, тыаһынан-ууһунан киэргэтиилээх буолуоҕа.

Дьэ, онон «Эдэр саас» саайт сонун сүүрээнин билсэргитигэр  ыҥырабыт.

Бүгүн, холобура, «Хараҥа хос» рубриканы «саҥардарга» сананныбыт. Истиҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1