Ханна баҕарар, былыр да, быйыл да, саха норуотун ааттатар ураты дьарыктаахтар олорон да аастахтара, билигин да төрөөн сырыттахтара ини…Олохпут барыбыт да киэнэ таабырын буоллаҕа. Дьылҕатын эрдэ суруммут уонна кинини туох күүтэн турарын урутаан билбит эмиэ суох. Ону билэ сатыыры кырдьаҕастар сөбүлээбэттэрэ, “аньыы” дииллэрэ оруннаах.
edersaas.ru
Ол эрээри, оҕо улаатар сааһыгар толкуйдуур киэпкэ киирдэр эрэ, кэнэҕэскитин ыраланар, күүтэр, билэ сатаан сэрэбиэй кээстэрэр, кыһын таҥхалаан муҥнанар, араас албаһынан барытынан кэнэҕэскитин “өҥөйө” сатыыр. Баа буолбатах, бары ону билэбит, бопсо-хаайса сатыыбыт эрээри, бэйэбит туһанар түгэннэрдээхпит. Тоҕо буолуой? Тоҕо диэтэххэ, итинник кыахтаахтар киһи-аймахха көмөлөһөр хайысхалара арыый да атын. Ыксалга, иэдээҥҥэ, мүччүрүйбэт кыһалҕаҕа түбэспит… булгуччу туспа дьарыктаахтарга тиийэр.
Кырдьыга оннук. Быйыл кыһын тохсунньу ый үүнээтин, «АЙАР» кинигэ кыһата айан суруйууга күрэх биллэрбитэ. Ол онно, сөп түбэспитэ да баара, оруобуна Саха АССР үбүлүөйдээх бэлиэ кэмин көрсө курдук, 100 айымньы киирэн, түмүгэ тахсан, туһааннаахтарга биһирэбиллэрин туттаран, үөрэн-көтөн «айардар» анаан суруйбуттара инстаграмҥа тахсан турар. Кинигэни сэргээччи, суруйууну сэҥээрээччи үксүү турар эбээт. Ол киирбит үлэлэртэн холбуу тутан, бу 9 ааптары—“Дьикти күүс” туһунан дьүһүйээччилэри мунньан, хайы-үйэ үчүгэйкээн бэйэлээх “Таайыллыбат дьикти күүс” диэн кинигэни таһаара охсубуттара үчүгэйин баҕаһын!
Мария Дьячковская, Акулина Егасова, Мария Барашкова, Светлана Данилова, Римма Корякина-Хотууна, Нюргуяна Иванова, Варвара Кононова, Марианна Товарова, Клавдия Мексярова-Оросунская диэн саҥа ааптардары билсиэҕиҥ. Сорохторо инники атын үлэлээх эбит буоллахтара, үгүстэрэ саҥалар. Сабыс-саҥа холонон эрэр, суруйар эйгэҕэ сонун уонна “эдэр” дьон.
Эзотериканы умсугуйааччы суох диир сатаммат. Сахаҕа былыр-былыргыттан иччи, сибиэн, абааһы диэн өйдөбүллэри истэ улааппыт дьоммут. Оттон иһин-баһын, дьиҥ төрүөтүн маннык эбит диэн оннооҕор наука кыайан быһаарбатаҕа баар суол. Онон, ити хас биирдии киһи маҥкытыгар чуолкайдык киириэр, күүстээхтик охсуллуор диэри, “кистэлэҥ эйгэни” кэрэхсиирбит, дьулайдарбыт даҕаны, чуҥнуурбут тохтообото биллэр.
Итинник кэрэхсэбил киһини үөрэтэр, дьарыйар уонна сэрэтэр. Ол иһин, маннык кинигэлэри мин олус биһириибин. Били “тыла суох үөрэх” диэбит курдук, ардыгар көннөрү истибит уонна долоҕойгор тус толкуйгун хатыырыҥ туһалаах буолбакка?
Бу кинигэҕэ бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн араас үлэлээх-дьарыктаах, көрүүлээх-истиилээх ааптардар бааллар. Онон, биир дойдулаахтарбытын сэҥээриэҕиҥ, суруйуу кырдалыгар үктэммиттэринэн эҕэрдэлиэҕиҥ уонна сыаната быһыаҕыҥ диэн этиилээхпин. Кинигэҕэ талыллан киирбиттэригэр бэйэлэрэ да соһуйбут буолуохтаахтар, тоҕо диэтэргит, бу ааптардар күрэххэ миэстэлэспит буолбатахтар. Тиэмэтин таба тайанан дьүһүйбүт уонна баары-баарынан ууран биэрэн, ааҕааччыга туһаайан иһирэхтик кэпсээбиттэрэ—кинилэр кыайыылара. Ол эрэдээктэрдэр болҕомтолорун тардыбыта уонна кинигэ буолан таҥыллан тахсыбыта үйэ тухары “Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ” сиэрийэҕэ кылаат курдук дьапталлар дьылҕаламмыта туспа үөрүү!
Онон, доҕоттор, сааскы сылыйыы саҕаланна, сиртэн быгар ньургуһуну кытта тэҥҥэ, саҥа кинигэ күн сирин көрдө! Доҕоттор, киэн туттуоҕуҥ! Кинигэни «АЙАР» бары маҕаһыыннарыгар атыылаһыахха сөп.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Ася НЕУСТРОЕВА