«Эдэр саас уйата» — Бүлүү педкэллиэһэ 100 сылын бэлиэтиир
Бүгүн Саха сирин биир кырдьаҕас үөрэҕин кыһата — Бүлүү профессиональнай педагогическай кэллиэһэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир күнэ.
1922 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр Бүлүү куорат иккис сүһүөх оскуолата “Бүлүүтээҕи педагогияескай хайысхалаах иккис сүһүөх оскуолата” диэн ааттаммыта. Бу Саха сирин наркомпроһун кэллиэгийэтин уурааҕынан толоруу этэ. Түөрт сыл буолан баран, эмиэ Саха сирин наркомпроһун быһаарыытынан үөрэх кыһата педагогическай тиэхиньукум статустаммыта. 1928 сыллаахха Саха АССР Ситэриилээх киин кэмитиэтин президиумун ыйааҕынан тиэхиньукумҥа нуучча улуу суруйааччыта Николай Чернышевскай аата иҥэриллибитэ. 2002 сыллаахха педагогическай училище кэллиэс диэн буолбута. 2020 сыллаахха СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан кырдьаҕас орто анал үөрэх кыһата “Н.Г. Чернышевскай аатынан профессинальнай-педагогическай кэллиэс” диэн саҥа тэрилтэҕэ уларыйбыта.
Ааспыт сылтан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэс орто анал үөрэх кыһатын 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан үгүс араас ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыытар. Бу, биллэн турар, кэллиэс үлэлээн кэлбит устуоруйатын үйэтитии буолар.
Ол курдук, «Учуутал аллеята» бырайыак биллэриллэн, манна 26 улуустан «Учуутал ыскамыайката» оҥоһуллан бэлэх быһыытынан дьон көрүүтүгэр-билиитигэр турда.
Улуустарынан айанныы сылдьар учуутал уонна оскуола символа — «Көмүс Чуораан» Бүлүү педучилищетын уонна кэллиэһин араас сылларга бүтэрбит оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар, эбии үөрэхтээһин кыһаларыгар үлэлии сылдьар сүүһүнэн учууталы, иитээччини бэлиэтээтэ.
Билигин улуустарынан бэрт үгүс былааннаах үлэ барар. Холобура, ыраах Өлөөн улууһугар педучилищены уонна кэллиэһи араас сылларга бүтэрбит выпускниктар үбүлүөйгэ бэлэмнэнэн, батсаапка анал бөлөх тэриммиттэр. Онно 70-тан тахса киһи баар эбит! Санаан көрүҥ, бу биир кыра хоту улууска. Өлөөннөр «Учуутал аллеятыгар» ураһа моһуоннаах ыскамыайка арт-эбийиэги оҥорон ыыппыттар.
— Аҥардас Харыйалаах оскуола-саадыгар Бүлүүтээҕи педучилище 9 выпускнига үлэлиир, — диэн бэлиэтиир Галина Васильева, Өлөөн улууһун Харыйалаах орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, Бүлүү педучилищетын 1985 сыллааҕы выпускнига.
— Биһиги үөрэхпит кыһата биир олус үтүө дьыаланы оҥорорун бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол – оскуола боруогун аан маҥнай атыллааччылар Бастакы учууталларын бэлэмнээн таһаарабыт! Биллэн турар, училищены, кэллиэһи бүтэрбит учуутал үлэлээбитин устата төһөлөөх элбэх оҕону маҥнайгы кылааска сиэтэн киллэрбитэ буолуой! Онон биир улахан бырайыакпыт — “Бастакы учуутал” диэн ааттаах кинигэ сиэрийэтин таһаарыы. Бүгүҥҥү күҥҥэ биир сыл иһигэр маннык түөрт кинигэ баар буолла. Салгыы хас да кинигэни улуустарынан бэлэмнии сылдьаллар, — диэн РФ орто анал үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ бэчээтин туйгуна, Учууталлар учууталлара, үгүс бырайыак ааптара Светлана Мытник сонунун үллэһиннэ.
Училищеҕа 70-80-с сылларга үөрэммит устудьуоннар төһөлөөх элбэх маннык хаартысканы өйдөбүнньүк гынан илдьэ сылдьаллара буолуой! «Бүлүү к., Калинин уул. 30» диэн аадырыска бу дьиэҕэ төһөлөөх элбэх ахтылҕаннаах сурук соҕурууттан-хотуттан, аармыйаттан уонна араас куораттан көтөн кэлэрэ буолуой? Бу барыта — эдэр саас сылаас өйдөбүлэ, ахтылҕана.
Оттон бу ыраах Индияҕа үҥкүүлүү сылдьар Бүлүү педкэллиэһин ыччаттара билигин ханнык улууска, ханнык оскуолаҕа учууталлыы сылдьаллара буолуой? Бу барыта — Саха сирин олохтооҕун үгүс дьонун тапталлаах орто анал үөрэх кыһата — Бүлүү педагогическай училищета уонна кэллиэһэ!
Быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланар саҥа үөрэх дьыла Бүлүү профессиональнай педагогическай кэллиэһигэр үбүлүөйдээх сылынан биллэриллиэҕэ. Бу сылы быһа араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Бүгүн үбүлүөйдээх күн Бүлүү педучилищетыгар уонна кэллиэһигэр олохторун анаабыт бэтэрээн учууталларга, үгүс көлүөнэ өйдүү-саныы сылдьар педагогтарыгар Николай Куличкиҥҥа, Нина Егороваҕа уонна Ульяна Кондаковаҕа мемориальнай дуоскалары арыйдылар.
Бары выпускниктары түмэр үгэс буолбут үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ Бүлүү педучилищетын уонна кэллиэһин бүтэрбит дьон ыраахтан-чугастан кулун тутар бүтэһигэр — сааскы каникулга Бүлүү куоратыгар эдэр саастарын эргитэ, саныы-ахта, көрсүһэ тиийиэхтэрэ.
Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэс 100 сылыгар аналлаах матырыйаал — Саха сирин кырдьаҕас орто анал үөрэҕин тэрийэр үлэҕэ салайааччыта Светлана Мытнигы кытта кэпсэтии чэппиэрдээҕи хаһыакка тахсыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.