Эдэр саас тапталын тиллиитэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Балыыһа түннүгүн иннигэр кырдьа барбыт киһи таһырдьаны, саҥа түһэн эрэр хаар быыһынан ырааҕы анааран көрөрдүү туттан, кими эрэ кэтэһэрдии трассанан ааһар массыыналары ааҕа одуулаһар. Туохтан эрэ долгуйбута киһи хараҕар быраҕыллар. Кини аҕыйах хонуктааҕыта олус соһуччутук сүрэҕинэн инфарктыы сыһан суһал көмө массыынатынан балыыһаҕа киирбитэ. Саас сааһынан кэпсээтэххэ маннык.

Уйбаан быйыл 70 сааһын туолар. «Дьыл-хонук» дииллэрин эдэригэр улахаҥҥа уурбат этэ. Отутун туолан баран билигин да эдэрбин, түөрт уон саас ыраах дии саныыра. Үлэ ухханыгар уйдара сылдьан үйэ аҥаара олорон баран «бабат» диэбитэ. Биирдэ өйдөммүтэ кур бэйэтинэн олорорун, оҕото, ойоҕо суоҕун санаан, эр киһи да буоллар уйадыйан ылбыта. Билигин соҕотоҕун биир хостоох кыбартыыраҕа олорор. Үйэтин тухары хоту уулуустарга бэтэринээринэн үлэлээбитэ. Таба ыстаадаларыгар күүтүүлээх, кэтэһиилээх киһи этэ. Үлэтин олус сөбүлээн, таба ыарыйдаҕына суһал көмөҕө барар курдук, ыксаан тиэтэйэн барара. Кэлин кырдьар сааһыгар тоҥуу-хатыы содулуттан уҥуох ыарыылара буулаан, биэс уон сааһын ааһаат биэнсийэҕэ тахсан, үлэтиттэн тохтообута. Тиксиигэ толору хааччыллыылаах кыбартыыра биэрбиттэригэр, онно биэс сыл олорон баран ахтылҕана тардан, төрөөбүт-үөскээбит улууһугар көһөн кэлбитэ.

Бэйэтин курдук сааһыра барбыт Тамара диэн огдообо эмээхсини кытта олохторун холбообуттара. Үчүгэйдик тапсан бэйэ-бэйэлэрин харыстаһан, өйөһөн олорбуттара. Хомойуох иһин, былырыын эмээхсинэ анараа дойдуга аттаммыта. Онно хаһан да хараастыбатаҕын хараастыбыта, уйадыйбыта. Кэлин соҕотох олорон ааспыт олоҕун саныыра үксээбитэ. Кини да эдэр сааһыгар таптал уоттаах уутун ыймахтаан ааспыта эбээт. Таптыыр, таптатар Полина диэн кыыстаах этэ. Холбоһуохпут диэн бүк эрэллээх сырыттахтарына икки өттүттэн төрөппүттэрэ бобоннор икки эдэркээн сүрэхтэри араарбыттара. Кэлин анааран билбиттэрэ, кыыс ийэтинэн хос эһэтэ былыр көрсүүгэ оҥорбут оҕото Уйбаан эбэтэ буолан хаалбыта.

Кыыһа Полина ытаан-соҥоон баран Иркутскайга үөрэнэ барбыта. Уол дьонугар өстүйэ санаабытын ыһыктыбакка, Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ.
Үөрэҕин бүтэрэн баран Кэбээйигэ ананан үлэлии барбыта. Төһө да Полинаны аймаҕыҥ диэн араардаллар, кинини умнубат этэ. Оннооҕор буолуох аймахтыылар холбоһон олороллор диэн хом санаатын ыһыктыбакка дойдутугар үктэммэтэҕэ. Кэбээйигэ икки сыл үлэлээн баран өссө хоту Анаабырга түспүтэ. Онно уонча сыл үлэлээн баран социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа буолан, Москванан, Сочинан күүлэйдиир путевка ылан сири-дойдуну көрөн кэлбитэ. Анаабырга барыан иннинэ бииргэ сылдьыбыт атас уола кучуйан Майаҕа баран атын оруйуон олоҕун, дьонун-сэргэтин кытта билсэн кэлбитэ. Дьэ бу сырыыта киниэхэ күүппэтэх өттүттэн олус долгутуулаах түгэни олоҕо бэлэхтээбитэ.

Өлүөнэ өрүһү мотуордаах оҥочонон туораары туран кэннинэн турар биир үрүҥ былааттаах, өрүммүт уһун суһуоҕа самыытыгар тиийбит кыыһы хараҕа таптыы, тоҕо эрэ билэр киһитигэр холуу көрбүтэ. Уочараттара кэлэн оҥочоҕо олороот, утары олорор били кыыһын көрөөт сүрэҕэ тоҕо көтөн тахсыахтыы тиҥиргэччи тэппитэ. Кини иннигэр тапталлаах Полината кини диэки көрөн эмиэ олус соһуйан, умса туттан ыла-ыла олороро. Хараҕыттан уу бычалыйан таххан ыларын кистээн соттон ылара. Сотору уҥуоргу кытылы булааттарын кытта, кыыс уолтан куотардыы түргэнник оҥочоттон ыстанан түһээт, тоҕуоруһа хаамар дьон быыһынан сэниэлээхтик хаама турбута. Уол кыыһын куоттарымаары хараҕын далыттан сүтэрбэккэ кэнниттэн ситэн кэлбитэ.

Сотору кыыс хаамара бытааран, кэнниттэн ким батыһан иһэрин сэрэйбиттии чугас ыскамыайкаҕа олорбута. Уол сэрэнэн үктэнэн кэлэн эмиэ олорбута.

— Полина, дорообо.

— Дорообо, — диэн симик саҥа иһиллибитэ.

— Миигин биллиҥ дуо? Уйбааммын дии.

— Хайдах билиэм суоҕай? — диэт, долгуйбутун биллэримээри туора хайыспыта.

— Полина, мин эйигин билигин да умна иликпин, өрүү саныыбын. Ханна олороҕун, тугу үлэлиигин? — диэн ыйыппыта.

— Покровскайга олоробун, маҕаһыыҥҥа сэбиэдиссэйбин, Бэстээхтэн табаар ылан отчуоттаан иһэбин, — диэбитэ. Сотору өйдөһөн дьон сиэринэн күлэ-үөрэ кэпсэппиттэрэ.

Тоҕо эрэ сүрэхтэрэ, эттэрэ-сииннэрэ тугу баҕарбытын сэрэйбиттии куоракка бииргэ киирбиттэрэ. Гостиницаҕа биир түүн хонордуу оҥостон, хос ылан хоммуттара. Ол түүнү дьылҕалара бэлэхтээбит курдук этэ. Эдэр саастарыгар билбэтэх уохтаах, имэҥнээх тапталларын уотугар умсаахтаабыттара. Халлаан сырдыар диэри харахтарын симсибэккэ сытан, ааспыт олохторун кэпсэппиттэрэ, үгүһү санатыспыттара. Кыыс билигин да ыал буолбакка олорорун билэн, Уйбаан: «Бириэмэ баар, холбоһуохха», — диэбитэ да, кыыс сөбүлэспэтэҕэ. Урут дьоно боппуттарын санаатыттан таһаарбакка сылдьара. Уол араастаан көрдөһө-ааттаһа сатаабыта да, кыыс сарсыарда тураат атын киһи буола түспүтэ.

— Мин бүгүн үлэлиир сирбэр баар буолуохтаахпын. Чэ, Уйбаан, быраһаай, эйиэхэ махталым диэн хаһан да умнубат түүммүн бэлэхтээтиҥ. Баҕар хаһан эмит көрсүөхпүт, — диэт хостон тахсан барбыта.

Уйбаан онно санаата саппаҕыран, өр да өр оронугар олорбута. Оттон суһаллык Үрүҥ Хайаҕа көтөрдүү авиапуорка киирбитэ.

Кэлин дойдутугар кэлэн олорон Полинатын туоһуласпыта, биир уол оҕолооҕун, куоракка олорорун истибитэ. Кэргэннээҕин дуу, суоҕун дуу ким да билбэт этэ. Чугас дьоно өлөн-сүтэн, баран-кэлэн, чуолкайдык да билэр киһи суоҕа.

Дьэ онтон доҕоор, бу уонча хонуктааҕыта сарсыарда суотабай төлөпүөнүн ылбыта. Чугастыы батсаап ситимин холбоон көрө олорон, биир билбэт нүөмэриттэн сурук кэлбитигэр хараҕа хатаммыта. Ачыкытын ылан ким суруйбутун ааҕан иһэн сүрэҕэ тохтоон ыларга дылы буолбута. Түргэнник «Валидол» таблеткатын тылын анныгар уктаат, тиэтэйбиттии ааҕан киирэн барбыта.

— Уйбаан, дорообо. Соһуйума дуу, көрдөһөбүн, бу — Полина суруйан эрэбин. Бука диэн уоскуйа сатаа, билигин бу сурукпун ааҕан баран долгуйуоҥ. Быһата чэ, маннык.

Мин эйигин хаһан да умнубатаҕым. Сүрэхпэр өрүү илдьэ сылдьыбытым. Киһи бастакы таптала хаһан да умнуллубат дииллэрэ кырдьык эбит. Мэлдьи санаам баттыга буолаҥҥын, кимҥэ да кэргэн тахсыбатаҕым. Ыйытар киһи элбэх этэ да буоллар, эн биһикки бастакы уураспыт киэһэбитин, сиэттиһэн хаампыт кырдалларбыт өйбүттэн тахсыбат этилэр. Уонна били бастакы түүммүтүн, сайыҥҥы ферма уопсай хоһугар буолбут, дьон кэлиэ, көрүө диэн тиэтэйэ-саарайа таптаспыт хоспутун өрүү саныырым.

Дьэ онтон маҕаһыын хотуна дьахтар буоллаҕым буолан, эр дьоҥҥо өстүйэ туттар бэйэм били Өлүөнэ өрүһү туораан иһэн эйигин көрсөн ууллан хаалбытым. Ол түүҥҥү кэм миэхэ олохпор дьолу бэлэхтээбитэ. Суох, эн бэлэхтээбитиҥ, хаһан да билбэтэх истиҥ тапталы, сыһыаны. Араас санаа быыһыгар буккулла сытаммын, эн этиигин оронтон тураат киэр илгибитим. Дьиҥэ, онно миэхэ икки санаа киирэн утары харсыбыттара. Уйбааҥҥа сөбүлэс, холбос диэн, уонна суох, сөбүлэһимэ, кини аймаҕыҥ диэн ийэм кынчарыйар хараҕа одуулуура. Мин иккис санааны ылынан эйиэхэ аккаас биэрбитим уонна гостиницаттан тахсан иһэн төттөрү төннөн киирээри гынан иһэн, утары санаам баһыйан бара турбутум. Үлэбэр да тиийэн нукаай курдук буолбутум. Били тимир курдук туттар хотуннара сымнаан хаалла диэн үлэһиттэрим дьиктиргээбиттэрэ буолаахтыа. Сотору ыарахан буолбуппун билбитим. Уйбаан, ол эйигиттэн үөскээбит оҕо буолан олус үөрбүтүм.

Сир үрдүгэр саамай дьоллоох курдук санаммытым. Нөҥүө сыл ыам ыйыгар уол оҕоломмутум. Аҕам аатынан Киэсэ диэн ааттаабытым, эйигинэн Уйбаанабыс буолбута. Кимҥэ даҕаны, бэл аймахтарбар ким оҕото буоларын эппэтэҕим. Дьэ ону бу эйиэхэ эрэ этээри суруйабын. Уолуҥ тутуу инженерэ үөрэхтээх, кэргэннээх, икки уол сиэни бэлэхтээбитэ, оскуоланы бүтэрэллэрэ буолла. Онон Уйбаан эн биһикки хааммыт салҕанар.Эн хотуттан көһөн кэлбиккин, кэргэннэммиккин истибитим. Онтон бу соҕотох буолбуккун истэн, эйигин саныырым күүһүрэн иһэр буолан суруйдум. Уолгар барытын кэпсээбитим. Олус үөрбүтэ, аҕалаах эбиппин диэн. Онон эйигиттэн атаххар умса түһэн сытар  курдук көрдөһөбүн. Миигин бырастыы гын, миигиттэн хом санааҕын таһаар диэн. Биһиэхэ көһөн кэлэргэр көрдөһөбүн, мин, уолуҥ уонна сиэннэриҥ күүтэбит. Эн эдэр сааһыҥ доҕоро Полина. Суруккун күүтэбин.

Бу суругу ааҕан бүтээт, Уйбаан өй-мэй барарга дылы буолбута. Хата, түргэнник суһал көмөнү ыҥырбыта кэлэ охсоннор быыһаабыттара. Балыыһаҕа киирэн баран Полинатынаан истиҥ суруйсуулар саҕаламмыттара. Кырдьаҕас да дьоҥҥо эдэр саастарын санатыһар истиҥ таптал тыллардаах суруктар аныгы батсаап ситиминэн хотоҕостуу субуллубуттара. Дьэ онтон бүгүн балыыһаттан тахсар күнүгэр уола, оҕото Киэсэ уонна эдэр сааһын таптала Полина «Ленд-крузер» массыынанан көрсө кэлэллэрин күүтэн түннүгү манаан турдаҕа.

Сотору маҥан массыына кэлэн тохтообута. Массыынаттан маҥнай эдэр сылбырҕа киһи ойон түһэн илин ааны арыйбыта, онуоха сып-сырдык сонноох, эмиэ оннук бэргэһэлээх кини Полинатын курдук киһи тахсыбыта уонна балыыһа ааныгар чугаһаан кэлбиттэрэ…

edersaas.ru саайтка анаан Виктор Васильев.
Сургуулук. Үөһээ Бүлүү.

Хаартыска — pnp.ru

+1
13
+1
0
+1
4
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2