«Эдэр саас» сайт регистрацияланна

31.01.2019
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ сахалыы саҥа edersaas.ru диэн сайты таһаарар. Күннэтэ сайт сонуннарын 4-5 тыһ. киһи ааҕар. Ону таһынан, Инстаграмҥа — 53 000, фэйсбукка — 5000 сурутааччылаахпыт. Сайт сибээскэ, информационнай технологияҕа уонна маассабай коммуникацияҕа кэтиир федеральнай сулууспаҕа ЭЛ № ФС 77 — 74960  нүөмэринэн тохсунньу 25 күнүгэр регистрацияланна.

 «Эдэр саас «хаһыат хайдах тэриллибитэй?

«Эдэр саас» эдэрээксийэтэ сыл аайы «Саха ыччатын — промышленноска» идэҕэ туһаайар экспедицияны, «Саха ыччатын — тыа сиригэр» илиинэн үлэҕэ күрэхтэһиини, Ыччат ыһыаҕын пресс-киини, араас өй оонньуутун тэрийэн ыытар.

Сайты сэргэ, төлөпүөҥҥэ Эдэр саас мобильнай сыһыарыыны хачайдыахха cөп.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0