Эдэр сааһым сарыала – ахтар саныыр «Сарыалым»

21.04.2017
Бөлөххө киир:

«Сарыал» ырыа уонна үҥкүү ансаамбыла ааспыт үйэ 70-с сылларын саҕаланыыларыгар тэриллибитэ.


Ансаамбыл бастаан кэнсиэр нүөмэрдэрин бэлэмнииригэр туспа ырыа толорооччулартан, хомусчуттартан ураты, үҥкүүлэри оркестр доҕуһуоллаах хор ырыаһыттарын толоруутунан  арыаллатар гына оҥоһуллубута. Инньэ гынан, ансаамбыл бэйэтэ үс бөлөхтөн таҥыллан тэриллибитэ. Ол курдук үҥкүүһүттэртэн, ырыаһыттартан ураты ансаамбыл хордаах, оркестрдаах этэ. Хор тэрийээччитинэн, салайааччытынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище дирижерскай-хоровой салаатын сэбиэдиссэйэ Виктор Птицын, оркестр салайааччытынан музыкальнай училище преподавателэ Николай Кисленко буолбуттара. Үҥкүү туруорааччыларынан Москваҕа, ГИТИС-кэ анал балетмейстер үөрэҕин бүтэрбит Александра Мохотчунова уонна саха бастакы балерината Аксения Посельская буолбуттара. Маны барытын хара маҥнайгыттан тэрийээччинэн, көҕүлээччинэн, ол саҕана Дьокуускай куорат Култууратын отделын сэбиэдиссэйэ Александр Ломако буолбута.

Ансаамбыл бастакы кэнсиэрэ 1972 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр, В.И. Ленин төрөөбүт күнүн көрсө, Партия обкомун политическай-сырдатар дьиэтин аһыллыытыгар ананан, ол дьиэҕэ буолбута. Кэлэктиип сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Бу Дьокуускай куоракка аан бастакы ырыа уонна үҥкүү кэлэктиибэ тэриллиитэ этэ. Дьон-сэргэ ортотугар көстөн, биһирэнэн, ансаамбыл куоракка эрэ буолбакка, куорат тас өттүгэр, чугас оройуоннарынан гастроллаан барбыта. Куоракка ыытыллар араас култуурунай тэрээһиннэр, бырааһынньыктар «Сарыала» суох сатаммат буолбуттара.

Ансаамбыл бастакы улахан кыайыытынан буолар — Бастакы Бүтүн Союзтааҕы уус-уран көрүү фестивалыгар ситиһиилээхтик кыттыыта. Ол курдук, 1976 сыллаахха Магадан куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы бэстибээл зонатааҕы тууругар тиийэн лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ. Эһиилигэр, 1977 сыл ыам ыйыгар, Съезтэр Кириэмиллээҕи дыбарыастарыгар буолбут түмүк кэнсиэргэ Саха сириттэн тиийэн ситиһиилээхтик кыттыбыта.  ЫБСЛКС КК Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Ансаамбыл хас биирдии кыттыылааҕа харыга кэтэр анал суруктаах чаһынан бэлиэтэммитэ. Ансаамбылы ССРС Киин тэлэбиидэнньэтигэр, «Останкиноҕа» илдьэн, хас да үҥкүүнү устубуттара, интервью ылбыттара. Ону таһынан ансаамбыл кыттыылаахтара «Һээдьэни» толорууларын Бүтүн Союзтааҕы «Мелодия» фирма грампластинкаҕа уһулбута. Бу ансаамбыл култуура киэҥ аартыгар аан бастаан тахсыыта этэ. Ити сыл күһүөрү атырдьах ыйыгар ССРС уонна Венгрия Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин ыччаттарын Ленинград куоракка ыытыллар  Доҕордоһуу III фестивалларыгар кыттар буолбута. Ол бэстибээлгэ, дойдуга киэҥник биллэр Красноярскайдааҕы Сибиир судаарыстыбаннай үҥкүү ансаамбылын, «Пламя», «Кавказ», Грузияттан сылдьар «Мзиури» ВИА –лары, Галина Ненашева, Эдита Пьеха курдук ырыаһыттары кытары биир сыанаҕа тахсан, саха үҥкүүтүн өрө таһаарыылаахтык көрдөрбүтэ. Бу сыл сэтинньи ыйыгар ССРС Киин тэлэбиидэнньэтэ ыытар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньыктааҕы бырагырааматыгар кытта Москваҕа, Шаболовкаҕа баар телетеатрга уһуллан турар. Манна улуу артыыс Юрий Никулины, композитор Эдуар Ханогы кытта алтыспыттара, биир биэриигэ уһуллубуттара.

«Сарыал» ансаамбыл кыраныысса таһыгар аан бастаан 1978 сыллаахха тахсар. Буолаары буолан, ыраах Латинскай Америкаҕа баар Панама Өрөспүүбүлүкэтигэр. Манна Ленинскэй комсомол 60 сылыгар анаммыт Сэбиэскэй фотобыыстапка аһыллыбыта. Ол култуурунай бырагырааматын хааччыйарга бүтүн Сэбиэскэй Сойуустан соҕотох «Сарыал» ансаамбылга уонна оччотооҕу Саха музыкальнай тыйаатырын балетын биллиилээх эдэр артыыстарыгар Наталья Христофороваҕа уонна Анатолий Ултургашевка сорук сүктэриллибитэ. Бу улахан эппиэттээх сырыыны ансаамбыл ситиһиилээхтик толорон кэлбитэ. Сэбиэскэй фотобыыстапкаҕа кыттыытын таһынан ансаамбыл сахатын үҥкүүтүн Панама олохтоохторугар көрдөрбүтэ.

Маны таһынан аан дойду таһымнаах көрүүлэргэ кыттыыларыттан «Сарыал» ансаамбыл 1980 сыллаахха Германия Демократическай Өрөспүүбүлүкэтин уонна Сэбиэскэй Сойуус ыччаттарын 5-с бэстибээллэригэр дойду ыччатын дэлэгээссийэтигэр киирсэн, Карл-Маркс-штадт (ГДР) куоракка баран кэлбитин чорботуохха сөп. Дэлэгээссийэ састаабыгар дойдуга киэҥник биллэр дьоннор, олимпийскай чемпионнар, артыыстар киирбиттэрэ. Олор ортолоругар космонавт Валерий Быковскай, ЫБСЛКС бастакы сэкэрэтээрэ Борис Пастухов, композитор Александра Пахмутова, поэттар Роберт Рождественскай, Андрей Добронравов, олимпийскай чемпионнар Ирина Роднина, Ирина Моисеева, Андрей Миненков, Лариса Бестемьянова, Андрей Букин уо.д.а. бааллара.

«Сарыал» ансаамбыл 1980 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт XXII сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар аһыллыыларыгар аналлаах Съезтэр Кремиллээҕи дыбарыастарыгар буолбут кэнсиэргэ кыттыыта – айар  кэлэктиип уонна кини салайааччыларын өр сыллаах сыралаах үлэлэрин түмүктэринэн буолуон сөп. Бу таах путевканан барыы дуу, хайа эрэ куонкуруска кыттыы дуу, көннөрү бырааһынньыктааҕы кэнсиэр дуу буолбатах этэ. Сэбиэскэй Сойуус саамай биллэр артыыстара, аатырбыт идэтийбит судаарыстыбаннай ансаамбыллар, бары 15 Сойууһунай Өрөспүүбүлүкэлэр баар суох киэн туттар уус-уран  кэлэктииптэрэ үгүс-элбэх сүүмэрдээһини ааһан, бу кэнсиэргэ кыттар быраабы ылбыттара. Ол курдук, биир сценаҕа ССРС народнай артыыстара Людмила Зыкинаны, Муслим Магомаевы, Олег Попову, Игорь Моисеев салалталаах ССРС үҥкүүтүн, Молдавскай ССР «ЖОК», Хотугу Осетия «Алан», «Мэнго» судаарыстыбаннай ансамбыллары кытта «сарыаллар» тахсыбыттара. «Сарыал» бу кэнсиэргэ кыттыыта – кэлэктиип дойдуга бэйэтин көрдөрөн, киэҥник биллэн, бэйэтин талаанын үрдүктүк сыаналатыыта буолар.

1981 сыллаахха НХСБ-гар «Туойабын Аҕа дойдубун» диэн дэбииһинэн ыытыллыбыт Бүтүн Сойуустааҕы көрүү-куонкурс түмүк кэнсиэригэр эмиэ ситиһиилээхтик кыттан турар. Ол түмүгүнэн кэлэктиип чилиэннэрэ НХСБ кыһыл, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Үбүлүөйдээх 1982 сылга ансаамбыл Москваҕа, Ульяновскай уобаласка ыытыллыбыт Саха сирин Күннэригэр кыттыбыта. Бу сыл Турцияҕа Самсун куоракка буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор бэстибээлигэр «Сарыал» ансаамбыл үрдүк таһымнаахтык кыттан турар.

«Сарыал» ансаамбыл толоруутугар сахалыы ырыаны-тойугу, үҥкүүнү-битиини Югославия, Венгрия, Германия, Турция, Польша, Болгария, Испания, Кытай, оннооҕор ыраах Латинскай Америкаҕа баар Панама дойдуларын олохтоохторо сэргии көрбүттэрэ. «Сарыал» ансаамбыл өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга ыытыллыбыт араас бэстибээллэр лауреаттара, ол иһигэр Бүтүн Сойуустааҕы уус-уран самодеятельность 4 төгүллээх лауреата буолар.

Бу үрдүк ситиһиилэр сындааһыннаах сыраттан, үлүскэннээх үлэттэн, көмүс көлөһүнтэн, бүтэн биэрбэт күннээҕи түбүктэн кэлэллэр.

Ансаамбыл бу ситиһиилэрэ, сахалыы ырыаны, үҥкүүнү киэҥ аартыкка таһааран көрдөрбүтэ, биһирэппитэ Сахабыт сиригэр профессиональнай ырыа, үҥкүү кэлэктииптэрэ үөскүүллэригэр кыаҕы биэрбитэ, олук уурбута. Ол курдук, билигин киэн туттар С.Зверев-кыыл Уолун аатынан Судаарыстыбаннай үҥкүү театра, «Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл «Сарыалтан» кынаттанан тахсан, куорсун анньыммыттара.

«Сарыал» народнай ырыа уонна үҥкүү ансаамбылын үрдүк ситиһиилэрин оҥорсубуттара биллииллээх балетмейстердар Александра Николаевна Мохотчунова, Ангелина Григорьевна Лукина, Любовь Алексеевна Никитина, хормейстердар Зоя Егоровна Романова, Светлана Павловна Иванова, тэрийэр-салайар үлэһиттэр Валентин Филаретович Слепцов, Любовь Дмитриевна Неустроева (Аммосова), Яна Викторовна Игнатьева уо.д.а. Ансаамбылга араас кэмҥэ кыттыбыт дьонтон култуура эйгэтигэр үчүгэй үлэһиттэр, үтүөлээх ааты сүгээччилэр тахсыбыттарынан киэн туттабыт. Ол курдук, искусство үтүөлээх деятелэ Октябрина Птицына, үтүөлээх артыыстар Афанасий Афанасьев, Анна Дьячковская, Александр Бурнашев, култуура үтүөлээх үлэһиттэрэ Алексей Калининскай, Иннокентий Романов, Владимир Корякин (Индигирскэй), Клара Ксенофонтова, Сима Толстякова, Вера Захарова, култуура туйгуннара Людмила Рехлясова, Федор Шарин, Александра Христофорова (Элякова), Александра Попова, Лидия Николаева, Елена Васильева, Любовь Аммосова (Миронова), Үҥкүү тыйаатырын артыыстара Лена Ноговицына (Баишева), Галина Захарова (Тарабукина), Лариса Бурцева, Надежда Мордовская, Наталья Иевлева, Ольга Скобелева, Ольга Гурьева уо. д.а.

Хомойуох иһин, «Сарыал» курдук бэйэтин кэмигэр аар-саарга аатырбыт, саха ырыатын, үҥкүүтүн сайыннарбыт, киэҥ сиргэ таһаарбыт, элбэх уус-уран самодеятельность кэлэктииптэрэ тэриллэллэригэр холобур буолбут ансаамбыл бүгүн бэйэтин айар үлэтин тохтотон турар. Ол да буоллар, кэлэктиип урут аатыра сылдьыбытын санаан, махтанан, ытыктаан, «Сарыал» ансаамбыл 45 сыллааҕыта бастакы кэнсиэрэ буолбут күнүгэр, буолбут сиригэр муус устар 21 күнүгэр, урукку Обком Политическай үөрэхтээһин, билигин Оҕо искусствотын оскуолатын дьиэтигэр, урут бу ансаамбылга сылдьыбыт ыччаттар сүүрэн-көтөн тэрийсэн, бэйэлэрэ кыттыылаах кэнсиэр ыытылларыттан урукку “сарыаллар” олус диэн үөрдүбүт, долгуйдубут.

«Сарыалга» бииргэ үҥкүүлээбит, элбэх көлөһүннэрин тохпут оҕолорбун, ансаамбыл бары кыттыылаахтарын бу буолаары турар Өрөгөй киэһэтинэн эҕэрдэлиибин, барыгытыгар үтүөнү-кэрэни баҕарабын!

Афанасий ДЬЯКОНОВ,

 СӨ култууратын туйгуна,

 СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна,

«Сарыал» ансаамбыл 1975-1984 сылларга кыттыылааҕа.

Хаартыскаҕа: “Сарыал” бастакы кэнсиэрин кыттыылаахтара ансаамбылы тэрийээччи, Дьокуускай куорат Култуураҕа салаатын сэбиэдиссэйэ А.И.Ломаконы кытта. 1972 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0