Эдэр сааһы уһатыы эбэтэр 40-наах киһи эдэр диэн ааттаныан сөп
«Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” хос бырагыраама кыттааччыларын сааһынан хааччахтааһыны 35-тэн 40-ҥа диэри үрдэтиэхтэрин сөп. Билигин, ыал буолуу сааһа хойутаан, киһи үйэтэ уһаан турар кэмигэр, эдэр саас 40-ҥа диэри уһуура кими да дьиктиргэппэт.
Туохтан саҕаламмытай?
Бу сайын Югра олохтоохторо Владимир Путиҥҥа эдэр дьону сааһынан араарыыны 35-тэн 40-ҥа диэри үрдэтэр туһунан көрдөһүү түһэрбиттэрэ. Кинилэр этэллэринэн, эдэр ыаллар дьиэ субсидиятын ылаары, уһун уочаракка турар кэмнэригэр, 36 саастарын туолан, көмөттөн көрө матан хаалаллар. Холобур, Ханты-Мансийскай уокурукка бырагыраама үлэлиэҕиттэн, 6000 дьиэ кэргэн бу уочараттан тахсыбыттар, субсидияттан маппыттар. Бу боппуруоһу уокурук дьокутаата Виктор Сысун туруорса сылдьар.
Аны Федерация Сэбиэтин экэнэмиичэскэй бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов вице-премьер Виталий Муткоҕа сурук суруйбут. Онно этиллэринэн, субсидия ылар бырагыраамаҕа кыттар эдэр ыаллартан 80%-нара 36 саастарын туолан, уочараттан туоратыллаллар.
Госдуума дьокутаата Федор Тумусов Уһук Илиҥҥэ 2%-наах ипотеканы ылааччылар саастарын 40-гар диэри үрдэтэри туруорсар.
— Уһук Илин эрэгийиэннэригэр нэһилиэнньэни олохсутарга бу биир көдьүүстээх миэрэ буолар. Дьиҥинэн, тыйыс усулуобуйаҕа олорор дьоҥҥо маннык ипотеканы сааһынан хааччаҕа суох биэриэххэ баара, ол эрэн, бастаан саатар, 40-гар диэри үрдэтиэххэ наада”, — диэн кини эппитэ.
Бу сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, кыттааччы ахсаана эбиллэн биэрэр. Оччотугар бырагыраама үбүлээһинэ эмиэ улаатыахтаах буоллаҕа. Билиҥҥитэ федеральнай бүддьүөттэн эбии үбүлээһин көрүллүбэт, тоҕо диэтэр, урукку көрүллүбүт үптэн барыахтаах. Ол эрээри, Арассыыйа 2021-2023 сыллаах бүддьүөтүгэр уларытыылары киллэрэн, бырагыраама үбүлээһинин улаатыннарыахтарын сөп.
Үбүлээһин – 4,3 миллиард солкуобай
“Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраамаҕа дойду үрдүнэн 220 тыһыынча дьиэ кэргэн кыттыһар. Ол эрэн, кинилэртэн 20%-ра эрэ көмөнү ылар кыахтаах.
Арассыыйаҕа, билигин сокуоҥҥа ыйылларынан, киһи 35 сааһыгар диэри эдэр диэн ааттанар. Итини субсидияны, көмөнү, о.д.а. ааҕарга туһаналлар. Холобур, Уһук Илиҥҥэ үлэлиир 2%-наах ипотека бырагыраамата 36-гар диэри саастаах эдэр ыалларга уонна гектар ылбыт дьоҥҥо туһаайыллар. Бу бырагыраама 2019 сылтан 2025 сылга диэри үлэлиэхтээх. Билиҥҥитэ сиһилии быраабылатын дойду бырабыыталыстыбата быһаара, оҥоро сылдьар.
2019 сыл 9 ыйын түмүгүнэн, дойду үрдүнэн номнуо 14,5 тыһыынча эдэр ыал субсидия ылбыт. Саамай элбэх субсидияны Киин (2977 ыал), Сибиирдээҕи (2681), Приволжскай (2656), Ураллааҕы (1616) федеральнай уокуруктарга биэрбиттэр.
Былырыын, 2018 сыллаахха эдэр ыаллар дьиэлэнэллэригэр көмөлөһөр субсидияны үбүлээһиҥҥэ судаарыстыба бүддьүөтүттэн 4,3 млрд солкуобай көрүллүбүтэ. Барыта 219,3 тыһыынча кыттааччы баарыттан, сыл аайы ортотунан 14 тыһыынча дьиэ кэргэн көмөнү ылар.
Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев эдэр ыалларга сэртипикээт туттарда.
Быйыл 500-чэ ыал ылыахтаах
Саха сиригэр 7 тыһыынчаттан тахса эдэр ыал олорор усулуобуйаны тупсарыыга наадыйар, кинилэртэн 3022 ыал уочаракка турар.
Үгүс эдэр ыаллар муспут үптэрэ, олорон эрэр дьиэлэрэ суох буолан, саҥа дьиэ ылыналлара ыарахан. Онон кинилэргэ дьиэ тутталларыгар, эбэтэр атыылаһалларыгар судаарыстыба көмөлөһөр.
Эдэр ыаллары өйүүр бырагыраама 2011 сылтан үлэлиир. 2016 сылга диэри федеральнай үбүлээһин суох этэ. Ол да үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ үбүлээн, сыллата 300-400 дьиэ кэргэн субсидияны ылара. 2017 сыллаахха саамай үгүөрү үп көрүллүбүтэ – 821 мөлүйүөн солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн – 361,2 мөлүйүөн солкуобай.
2019 сылга 250 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үбүлээһин көрүллүбүтэ. Онтон 230 мөлүйүөнэ федеральнай бүддьүөттэн киирэр, 20 мөлүйүөнүн өрөспүүбүлүкэ уйунар. 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйыл элбэх үп көрүлүннэ. Былырыын 425 ыал ылан, олорор усулуобуйаларын тупсарбыттара. Уопсайа ити сыалга 185,9 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. 2019 сылга 495 дьиэ кэргэн ылара былааннанар.
Сыл аайы 100-120 дьиэ кэргэн уочараттан туоратылларын вице-премьер Кирилл Бычков бигэргэтэр. Кини этэринэн, бу уларытыы туһалаах, элбэх ыал көмө ыларыгар, демографическай балаһыанньа тупсарыгар көдьүүстээх буолуохтаах.
Горнай улууһун эдэр ыалыгар дьоллоох түгэн тосхойдо.
Бырагыраамаҕа ким кыттар бырааптааҕый?
Кэргэнниилэр иккиэн 36 саастарын туола илик буолуохтаахтар. Аҥаардас төрөппүт эмиэ хапсар. Дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга наадыйар буолуохтаах. Ол эбэтэр, бас билэр дьиэлээх да буоллаҕына, кыараҕас кыбартыыраҕа, хаарбах дьиэҕэ олоруу, о.д.а. эмиэ аахсыллар. Кирэдьиити төлөһөр кыахтаах, эбэтэр уурунуу харчылаах буолаллара ирдэнэр. Сайабылыанньа биэрээччилэр Саха сиригэр түптээн (бастайааннай) олорор буолуохтаахтар. Оҕолоох буолаллара ирдэммэт. Ол эрээри, толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ уонна кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ омук дойдутун гражданина буоллаҕына, оҕолоох буолуохтаахтар. Субсидияны үйэлэригэр биирдэ эрэ ылар бырааптаахтар. Бу иннинэ олорор усулуобуйаны тупсарарга туһуламмыт субсидиянан туһамматах буолуохтаахтар (Ийэ хапытаалыттан ураты). Ийэ хапытаалын хаалбыт сууманы (дьиэ сыанатын 65-70%) сабарга туһаныахха сөп.
Субсидия кээмэйэ төһөнүй?
Дьиэ орто суоттаммыт сыанатыттан 30%-на – оҕото суох дьиэ кэргэттэргэ.
Дьиэ орто суоттаммыт сыанатыттан 35%-на – оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ.
Ол эрээри, дьиэ орто суоттаммыт сыаната атыыласпыт сыанаттан кыра буолар. Манна квадратнай миэтэрэ нормативнай сыанатын ааҕаллар. Холобур, икки киһилээх дьиэ кэргэн нуормата – 42 кв.м., улахан дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр нуормата – 18 кв.м. Хас биирдии квадратнай миэтэрэҕэ норматив быһыытынан, сыана быһыллар. Ол эбэтэр, дьиэни төһөҕө атыыласпыттарыттан тутулуга суох, 3 киһилээх дьиэ кэргэттэр бары тэҥ суумалаах субсидияны ылаллар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ “Олорор дьиэ” федеральнай бырагыраама иһинэн “Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” хос бырагыраамаҕа, билиҥҥи туругунан, 4 тыһыынчаттан тахса эдэр ыал уочаракка турар. Улуустарга бу бырагырааманан СӨ Тутууга, архитектураҕа министиэристибэтэ дьарыктанар. Оттон Дьокуускай куоракка “Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент” нөҥүө субсидия бэриллэр.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Cыыппара
Арассыыйа үрдүнэн:
219 тыһыынча эдэр ыал уочаракка турар.
14,5 тыһыынча ыал сыллата субсидия ылар.
Саха сиригэр:
3 тыһыынчаттан тахса эдэр ыал уочаракка турар.
400-495 ыал сыл аайы субсидия ылар.