Эдэр режиссер Никандр Федоров: «Оҕо сааскытын ахтан-санаан ааһыҥ»
Муус устар 7 күнүттэн Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар көстөөрү турар “Оҕо саас” диэн киинэ режиссер Никандр Федоровка иккис улахан үлэтинэн буолар. Лоп бааччы биир сыллааҕыта, былырыын баччаларга Никандр “Миигин кытта үҥкүүлээ” киинэтэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыан ылбыта.
Ыспыраапка:
26 саастаах эдэр режиссер Никандр Федоров Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ бөһүөлэгиттэн сылдьар. 2017 сыллаахха А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура кэллиэһин “Социальная культурная деятельность” диэн салаатын бүтэрбит.
Никандр оҕо сааһын уонна киинэ эйгэтигэр бастакы хардыыларын бу курдук ахтар:
— Оҕо эрдэхпиттэн киинэни олус интэриэһиргиирим. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар тугу эрэ айыахпын-тутуохпун баҕарарым, ол эрээри актыбыыс буолбатах этим, бэйэбэр эрэлим суоҕа, мин сатыам суоҕа, кыайыам суоҕа диэн санаалааҕым. Улахан кылаастарга Иван Иннокентьевич Румянцев салалтатынан ВИА бөлөххө холонон көрбүтүм. Онно уһуйааччым гитаралыырга үөрэппитэ. Судургу даҕаны аккордары мин ый кэриҥэ үөрэтэр этим. Оннук сордоон-муҥнаан, тохсус кылааска кэнсиэргэ гитаралаах тахсан кэлбиппэр бары соһуйбуттара. Кэлин устудьуоннуу кэлэн баран дьон сатыырын тоҕо мин сатыа суохпунуй диэммин, сценарий суруйан саҕалаабытым. Онон бастакы тэттик киинэлэрбитин устубуппут. Кэллиэскэ маастар Саргылаана Ивановна Степановаҕа үөрэнэн билиибин-көрүүбүн хаҥаппытым, үгүһү сатыыр буолбутум. Онон бэйэм суолбун булунарбар бастакы уһуйааччынан буолбут Иван Иннокентьевичкэ уонна маастарбар Саргылаана Ивановнаҕа олуһун махтанабын.
«Миигин кытта үҥкүүлээ» киинэ:
https://www.youtube.com/watch?v=p68gmx3OcoQ&t=1s
Аармыйа блокнотуттан – Чувашия бэстибээлигэр
Никандр Федоров: “Үөрэхпин 2017 сыллаахха бүтэрэн баран аармыйалаабытым. Онно кыракый блокноппар “Миигин кытта үҥкүүлээ” киинэм сценарийын суруйбутум. Сулууспалаан кэлээт даҕаны, санаабын олоххо киллэрбитинэн барбытым. Аны үлэбит саамай үгэнигэр коронавирус пандемията турбута. Бу биһиэхэ көмөлөстө диэхпин сөп, тоҕо диэтэххэ киинэбитин эргитэн көрө-көрө сыыһаларбытын булан көннөрбүппүт. Баҕар, ыксыы-ыксыы бүтэрбиппит эбитэ буоллар, атын киинэ буолан тахсыа эбит. Бастакы киинэбит буолан кыра ымпыгар-чымпыгар тиийэ олус кыһаллыбыппыт”.
Кырдьык даҕаны, “Миигин кытта үҥкүүлээ” киинэ дьон болҕомтотун тутан, Чувашияҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр сценарий уонна киинэ түһүмэхтэригэр бастыҥынан ааттаммыта даҕаны элбэҕи этэр диэн суруйдахпытына сыыспаппыт буолуо.
Саҥа киинэҕэ пандемия мэһэйдээбэтэ
“2020 сылга пандемия быыһык кэмигэр “Оҕо саас” киинэ сценарийын чочуйан бүтэрбитим. Устар бөлөҕү, доҕотторбун – оператор Андрей Егоровы, мэхээньик Александр Шадрины кытта сайыҥҥы кэми куоттарбакка, саҥа киинэни устан саҕалыырга санаммыппыт. Манна диэн эттэххэ, эрдэ маннык сценарийдаах кылгас кээмэйдээх киинэ баара. Онно дьоруойдар устуоруйаларын эбэн, тэнитэн биэрбиппит”, — диэн Никандр эрэдээксийэҕэ ыалдьыттыы олорон сэһэргээтэ.
Никандр 2020 сыллаахха Бэйдиҥэҕэ оҕолорго анаан тыйаатыр уонна киинэ куруһуогун үлэлэтэн, испэктээктэри туруорбут, тэттик киинэлэри оҥорбут. Ол сылдьан оҕолоругар: “Сайын эһигини улахан үлэ күүтэр, киинэ уһулуохпут”, — диэн эрдэттэн бэлэмнээбит. Ол гынан саҥа тахсаары турар “Оҕо саас” киинэҕэ уонча оҕо уһулунна. Бары даҕаны олус кыһаллан, санааларын ууран үлэлэспиттэр. “Син биир оҕо-оҕо курдук сылайар, мэниктиэн баҕарар буоллаҕа. Онуоха кинилэри кытта биир тылы булан, биир уопсай үлэни оҥоро сылдьарбытын өйдөтөрбүт”, — диэн Никандр оҕолору кытта үлэтин кэпсиир.
Саҥа киинэҕэ режиссер доҕотторун уонна бэйэтин оҕо сааһыттан түмүллүбүт уопсай хартыынаны көрдөрбүт.
«Оҕо саас» киинэ трейлерэ:
«Оҕо сааска» ыҥырабыт
Киинэни оҥорон таһаарыы элбэх үбү эрэйэрин бары бэккэ билэбит. Киинэ устарга санаммыт уолаттар мантан толлон турбатахтар. “Оҕо сааһы” оператор Андрей Егоров уонна Никандр уоппускаларын харчыларынан устан саҕалаабыттар. Киинэни устуу саамай чэпчэки, ол кэнниттэн кэлэр үлэтэ элбэх сыраны-сылбаны, үбү эрэйэр. Бу үлэлэргэ өр кэмҥэ харчы булбакка, үлэ тохтоон турбут эбит. Онуоха балтараа сыл буолан баран, бырайыак “Синет” грааныгар тиксэн, саҥа киинэ силигин ситэн бар дьон болҕомтотугар тахсаары турар.
“Киинэҕэ кырачаан киһи эмискэ күөрэйбит кыра кыһалҕалары хайдах ааһарын, олоххо көрсөр бастакы уустуктарын туһунан көстүөҕэ. Киинэбитигэр саҥа сүүрээнинэн анимацияны киллэрдибит, ырыатын-тойугун оркестрга оонньоттубут. Бастакы холонон көрүүгэ үчүгэй түмүктээх үлэ буолла диэххэ сөп.
Мүччүргэннээх сырыылардаах саҥа киинэбитин ким баҕар, хас баҕар саастаах киһи көрөрүгэр аныыбыт. “Оҕо сааспытын” көрөөччү ылыныа дии саныыбыт. Олох оргуйар үөһүттэн, күннээҕи кыһалҕалар быыстарыттан сынньаныҥ, аралдьыйыҥ, оҕо сааскытын ахтан-санаан ааһыҥ”, — диэн Никандр Саха сирин олохтоохторун саҥа киинэтигэр ыҥырар.
Тустуук Вячеслав Карпов туһунан киинэ уһуллан эрэр
Эдэр режиссер саҥа киинэтинэн муҥурдаммакка, аны саха спортсменнарыттан бастакынан ССРС чөмпүйүөнэ буолбут, аатырбыт тустуук Вячеслав Карпов олоҕун көрдөрөр тустуук бэйэтэ суруйбут «Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы» уонна норуодунай суруйааччы Егор Неймохов “Хапсыһыы” кинигэлэрин сүнньүнэн киинэни оҥорон саҕалаата. Киинэни ыам ыйыттан Дьокуускайга уһулан саҕалыахтара.
“Бүдүрүйбүт көммүтүн туһунан дириҥ ис хоһоонноох киинэ буолуоҕа. Режиссер хараҕынан көрдөххө, атын тустууктартан кини олоҕо миэхэ быдан чугас эбит, матырыйаал быһыытынан киинэҕэ барсар. Онон ураты дьылҕалаах аатырбыт тустуукпут аатын үйэтитэргэ кылааппыт буолуоҕа”, — диэн Никандр Федоров кэпсэтиибитин түмүктээтэ.
Айтана Аммосова, edersaas.ru
Хаартыскалары Н.Федоров тиксэрдэ.