Аныгы уопсастыбаҕа киһи хараҕар быраҕыллар, араа-бараа саастаах таптаһар пааралары уулуссаҕа көрөн, кэннибитин хайыспыппытын билбэккэ да хаалабыт. Кыргыттар бэйэлэриттэн сүүрбэччэ (ардыгар өссө улахан) сылынан аҕа саастаах эр киһини кытары түөстэрин мөтөтөн, төбөлөрүн өрө көтөҕөн баран сиэттиһэн иһэр буолаллар.
Сылаанньыйа Сыллыыраба, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Дьиэ кэргэн илдьэ кэлбит сыаннастара уларыйан уонна орто саас кириисиһэ ыган-түүрэн, эр дьоммут саҥа олоххо, сонун ойоххо тарбачыһаллара баар суол. Туох да кыһалҕата суох, тугу барытын оруосабай ачыкынан көрөр эдэр дьахтары булсан, «Сааспытын уһатабыт, кырдьыахпытын баҕарбаппыт», – дэһээхтииллэр үһү. Чэ, буоллун, эр дьон атыыр аймалҕаннарын ким бопсуо баарай? Дьахтар оһоҕор тиийиэр диэри санаата хаста да уларыйар диэн сэтэриир курдук гыналлар да, эр дьон да онтон хаалсыбат эбит.
Оттон эдэр кыргыттар саастаах эр дьону кытары тоҕо куодарыһалларын үгүс киһи өйдөөбөт. Ордук кыргыттар биир саастыы уолаттара дьиктиргииллэр, оттон төрөппүттэр уонна эбээлэр-эһээлэр үөһээ эрэ тыынаахтыыллар. «Кырдьа барбыт эр киһи ханнык көһүйэ көмүһү илдьэ сылдьара буолла?» – диэн төбөлөрүн сынньаллар. Олоҕун иккистээн оҥосторго холонор саастаах эр киһи – олоҕун аҥаарын олорон кэлбит, кэккэ кыһалҕалаах, оҕолордоох, кэргэннээх. Доруобуйата да эҥкилэ суоҕа сэрэйиллэр. Ороҥҥо таптаһарга төһө «көхтөөҕө» буолла? Аны туран орто омурҕаныгар чугаһыар диэри бэйэтэ эрэ тутан кэлбит үгэстэрдээх, олоххо көрүүлээх буолар, ону хайдах да уларыппаккын. Дьэ, эдэркээн кыыс онно сөп түбэһиэн наада. Кинини кытары солуута суох күлэр-салар, доҕотторуҥ уонна бииргэ үөрэммит оҕолоруҥ түмсэр хампаанньаларыгар сиэтэн аҕалар уустуктардаах буолуо. Барытыттан матан, тэҥҥэ кырдьыахха сөп.
Төһө да эдэр кыргыттар өйдөрүн сүүйтэрбэттэрин туһугар өй уга сатаабыппыт иһин, эдэрдэр «ыстаабыттарын ыйыстан» эрэ баран төннөр санаалаахтар эбит. Тоҕус төгүл тоҕо тосхойор. Истэн сэргиэҕиҥ эрэ.
х х х
Маня: «Үгэс курдук, саастаах эр дьон олохторун бигэтик оҥостубут буолаллар. Баай-дуол мунньунар ухханыгар бүдүрүйэ кырдьыам суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, кини миэхэ сөптөөх баайдаах-дуоллаах, үптээх-харчылаах кэлэр буоллаҕа. Ыал буоларга төһө кэскиллээҕин, сөптөөҕүн таайа сатаан сордоммоппун, барыта сирэйигэр сурулла сылдьар. Дуоһунастаах – ол аата материальнай балаһыанньата туруктаах».
Оксаночка: «Кини киһи буоларга кииллийбит киһи. Элбэҕи билэр, ханнык да эйгэҕэ киирдэр, үөрүйэҕэ үгүс, обществоҕа анал туруктаах, бэйэтэ дьыалалаах буолар. Өйдөөх буолуон сөп. Онон кинини кытары олох олорор, бэйэҥ саастыылаахтаргын кытары тэҥнээтэххэ, олус интэриэһинэй».
Ольга: «Мин олоҕум аргыһа үрдүк дуоһунаһынан сүүйбүтэ. Статистика этэринэн, кыргыттар дьадаҥы эр киһини талаллара сэдэх. Кыахтаах эр киһи олоҕор тугу баҕарбытын ситиһэр, эдэр кэргэнигэр аан дойду кэрэтин барытын туһанарыгар суолу арыйар. Эдэр сылдьан тугу барытын боруобалыыр, аан дойдуну кэрийэр, күндү таҥаһы-сабы атыылаһар, омук массыынатынан сыыйылыннарар туох куһаҕаннаах буолуой. Бу барыта сааһырбытым эрэ кэннэ кэлэрэ туохха наадалааҕый? «Сарсын тугу аһыыбыт» диэн ыар баттыктаах утуйуохпун баҕарбаппын. Итинник санааҕа ыллара сылдьан, эрбинээн хаһан таҕылбытын ханнарабыт?»
18-таах кыыс: «Эр киһи уонна дьахтар икки ардыгар сыһыан үрүҥүн-харатын билэн кэллэҕэ. Киһи кэлэйэр алҕастарын оҥорбот, муударай. Кини тулуурдаах, мин хаппырыыспын уонна аҕала сатыы-сатыы атаахтыырбын тулуйар».
Наташа: «Сибээһэ элбэх, онон мин карьерабын оҥосторум туһунан санаабаппын даҕаны, барытын «бүлүүһэҕэ ууран» аҕалыа».
Агаша: «Кини мэлдьи мин кэрэбинэн киэн туттуо. Атын дьахтарга аралдьыйбат, мин эдэр буоллаҕым дии. Наһаа улаханнык этимиим: кэргэниттэн атын дьахтарга барбыт эр киһи уларыта охсорго үөрүйэх буолуон сөп».
Лиза: «Саастаах эр дьоннор таптаһар кыахтара мөлтүүр диэн этэллэр да, үгүс эр дьон өссө да «буорахтаах» буолаллар. Байылыаттык олорор эр киһи доруобуйатыгар уонна тас көрүҥэр кыһаллар. Ол да иһин, ороҥҥо кыайа-хото астыннарар. Кини дьахтары астыннарарга, «ырайга көтүтэргэ» сатабыла муҥура суох. Ороҥҥо араас «быһыыга-майгыга» киллэрэн, ууга-уокка түһэрэн ылара ама туохха тэҥнэһиэй?»
Вероника: «Саастаах эр киһини кытары бэйэҕин куруук оҕо курдук сананаҕын. Кини күүстээх санныгар тайанан, тобуллаҕас өйүгэр эрэнэн, бэйэбин дьиҥнээх дьахтар курдук сананабын».
***
Маннык санаалаах кыргыттар үгүстэрэ бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнэллэр, олохтон сүөгэйин, сүмэтин чэпчэкитик баһан ылар баҕалаахтар диэххитин сөп. Арай, кырдьык таптаһар буоллуннар? Ол гынан баран, киһини син биир тугун эрэ иһин таптыыгын эбээт. Таптаатахха, тайахтааҕы да батыһаллар диэн эмиэ баар.
Сылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА.