Бүгүн өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ, Судаарыстыбаннай Сүбэһит Михаил Николаев 80 сааһын туолар үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн «Кэскил» оҕо хаһыатын эдэр кэрэспэдьиэннэрин уонна оскуолалар юнкоровскай постарын салайааччыларын кытта көрүстэ.
edersaas.ru
Уларыйыы-тэлэрийии, ыһыллыы-тоҕуллуу 90-с сылларыгар дойду үгүс регионугар оҕо хаһыаттара сабыллыбыттара. Оҕо бэчээтигэр олоҕун 50 сылын биэрбит, «Бэлэм буол»-«Кэскил», «Юность Севера», «Учуутал аргыһа»-«Учительский вестник» хаһыаттар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ, суруналыыс Нина Протопопова оччолорго Михаил Николаевка киирэн оҕо хаһыаттарын сайдыыларын туһунан олохтоохтук кэпсэппитэ. Ол түмүгэр оҕо бэчээтэ саҥалыы тыыннанан, сайдыы саҕаҕын тосхолун түстээбитэ.
Күн бүгүн «Кэскил» уонна «Юность Севера» хаһыаттар аныгы сайдыылаах үлэҕэ сонун сүүрээннэри киллэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ иһэр оҕо бэчээтин уорганынан буолаллар. Ойуурдаах куобах охтубатыныы, ханнык баҕарар хаһыат ааҕааччылаах буоллаҕына, сайдар кэскиллээх. Оҕо хаһыаттара бэйэлэрин кэрэспэдьиэннэрин кытта өрүү үлэлэһэллэр, кинилэргэ анаан араас ис хоһоонноох тэрээһиннэри тэрийэллэр. Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев үбүлүөйдээх күнүн көрсө, «Кэскил» уонна «Юность Севера» хаһыаттар сайдыыларыгар олук уурбут улахан салайааччыга махталларын биллэрэн, Оҕо бэчээтин кыһата эдэр кэрэспэдьиэннэргэ анаан «Бастакы Бэрэсидьиэнтэн ыйыт» диэн куонкуруһу тэрийбитэ.
Николай Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил»Оҕо бэчээтин кыһатын салайааччыта Анжелика Андреева «Бастакы Бэрэсидьиэнтэн ыйыт» диэн тэрээһини арыйарыгар эдэр кэрэспэдьиэннэргэ туһаайан:
— Бүгүҥҥү историческай түгэн эһиги олоххутугар хаһан да умнуллубат өйдөбүлүнэн буолуоҕар эрэнэбин. Эһиги Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнин кытта утары көрсөн олорон, бэйэҕит ыйытыыгытын биэрэҕит. Бу киһи аайы тиксибэт үөрүүлээх уонна суолталаах дьоро киэһэҕэ кытта олороргутунан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! — диэн туран, Судаарыстыбаннай Сүбэһит Михаил Николаевка «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын аатыттан худуоһунньук Николай Гольдеров Михаил Ефимович ийэтин кытта олорор хартыынатын бэлэх уунна.
Кырдьык, бу суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оҕолорго бүгүҥҥү күн олохторун биир умнуллубат түгэнинэн буолара саарбаҕа суох.
«Бастакы бэрэсидьиэнтэн ыйыт» бырайыак ааптара, «Кэскил» хаһыат суруналыыһа Жанна Леонтьева бу куонкурус туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Бу тэрээһини «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһата өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнин бибилэтиэкэтин ( сал. Наталья Капитонова) кытта тэрийдибит. Куонкуруска өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын эдэр кэрэспэдьиэннэриттэн 211 боппуруос киирбитэ. Ол курдук, анал хамыыһыйа Дьааҥыттан, Уус Маайаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Алдантан, быһата, бары улуустан киирбит ыйытыылары ырытан, бастыҥнарын талбыта. Боппуруостар ааптардара бүгүн «Арассыыйа — мин историям» диэн мультимедийнэй историческай пааркаҕа СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевы кытта көрсөн, бэйэлэрин ыйытыыларын биэрдилэр. Тэрээһин түмүгүнэн Судаарыстыбаннай Сүбэһит Михаил Николаев 13 бастыҥ боппуруоһу талан, ыйытыы ааптардарыгар бэйэтин кинигэлэрин автографтаан бэлэхтээтэ.
Ыйытыылары бастакынан кырачааннар саҕалаатылар.
Кэбээйи улууһун Мукучу орто оскуолатыттан сылдьар эдэр кэрэспэдьиэн Юра Левченко Бастакы Бэрэсидьиэнтэн: «Эн түргэнник ааҕарга үөрэммит бастакы кинигэҥ ханныгый?«, — диэн ыйытыытыгар, Михаил Ефимович:
— Биирдэ оскуолаттан киирээппин кытта ийэм: «Тоойуом, бу «Төлкө» диэн кинигэни дьон наһаа интэриэһинэй кинигэ дииллэр. Түргэнник ааҕар киһи миэхэ ааҕан кулу», — диэбитэ. Үөрэҕим, дьиэ үлэтин быыһыгар биир ыйы быһа бу халыҥ кинигэни ааҕан бүтэрбитим. Обургу оҕо ол онно түргэнник ааҕарга үөрэммитим, — диэн хоруйдаата.
Оттон: «Оҕо сылдьан ордук ханнык оонньууну сөбүлээн оонньуур этигиний?» — диэн ыйытыыга, Михаил Ефимович:
— Биһиги оҕо эрдэхпитинэ ордук «лапта» уонна «городки» оонньуулары сөбүлээн оонньуурбут. Үксүгэр уолаттар футболлуурбут. Хомойуох иһин, билиҥҥи курдук мээчик арааһа суоҕа. Мээчик оннугар саас-кыһын — тоҥмут, сайын-күһүн хаппыт ынах сааҕын тэбэн футболлуурбут. Мээчик 50-с сылларга үөдүйбүтэ, — диэн хоруйдаата.
Ити курдук, сыыйа оҕолор ууларыгар-хаардарыгар киирэн, араас ис хоһоонноох ыйытыылары биэрдилэр. Мин тэрээһин иннинэ улуустартан кэлбит эдэр кэрэспэдьиэннэртэн уонна кинилэр салайааччыларыттан Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ туох ыйытыыны биэрээри бэлэмнэнэн кэлбиттэрин ыйыталаспытым. Онуоха Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин гимназиятын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Айталина Сидорова метаноловай собуот тутуутун туһунан мөккүөргэ Михаил Николаевич санаатын билэр санаалааҕа.
Оттон Үөһээ Бүлүү Дүллүкү орто оскуолатын саха тылыгар учуутала Антонина Афанасьева:
— «Эрчим» эдэр корреспонденнар постарыгар 20-чэ оҕо сылдьан, оскуола олоҕун сырдаталлар. Оскуолабытыгар уонна нэһилиэккэ хаһыат таһаарабыт. Урут баһылыгынан үлэлээбит Иван Ан бэчээттиир оргтиэхиньикэни булан биэрбитэ. Онон олус улахан өйөбүлү оҥорбута. Билигин үлэлии олорор баһылыкпыт эдэр кэрэспэдьиэннэр нэһилиэккэ хаһыат таһаарыыларын салгыы өйүөҕэ диэн эрэнэбит.
«Бастакы Бэрэсидьиэнтэн ыйыт» диэн куонкуруска эрчимнэр бары кыттыбыттара. Ол эрээри кыайыылаахтарынан икки кыыс талыллан кэллилэр, — диэн кэпсээтэ.
Дүллүкү кэрэспэдьиэннэрэ ыйытыахтаах түөрт боппуруостарыттан мин ордук: «Саха сиригэр «Манчаары» оонньууларын курдук оҕолорго анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өбүгэлэр оонньуулара» диэн тэрээһини тэрийиэххэ сөп дуо?» — диэн ыйытыыны сөбүлээтим. Туһугар, «Азия оҕолоро» оонньуулар атын хайысханан сөргүтүллүөхтэрин сөп эбит ээ дии санаатым
… Ити курдук, «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын «Кэскил» уонна «Юность Севера» хаһыаттара тэрийэн ыыппыт бэрт дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэрэ бары оскуолаларга холобур буолан, сонун идиэйэҕэ сирдээтэ. Дэлэҕэ да, кэлэр сылга төрүттэммитэ 20 сылын бэлиэтиир Горнай Бэрдьигэстээҕин гимназиятын «Ай-тал» пресс-кулуубун салайааччыта Мария Ноева:
— Киһи интэриэһин тардар «Бастакы Бэрэсидьиэнтэн ыйыт» бырайыак-тэрээһин ыытыллар көрүҥүн олус сэргээтим. Уопут атастаһыыта буолла. Биһиги кэрэспэдьиэннэрбит улууспут биллэр дьонун кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиэхтэрин сөп эбит, — диэн санаатын тиэрдиэ дуо?
Үбүлүөйдээх 80 сааһын бэлиэтиир өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ, Судаарыстыбаннай сүбэһит Михаил Николаев өрөспүүбүлүкэ эдэр кэрэспэдьиэннэрин кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, санаатын сайа үллэстэн бэркэ астынан дьиэлээтэ. Онон»кэскиллэр» суолталаах тэрээһиннэрэ олус табылынна!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.