Генерал Карбышев — хорсун быһыы эталона
Тыыннаахтыы муус-пааматынньык буолуор диэри өстөөххө бэриммэтэх, Ийэ дойдутун, бойобуой доҕотторун таҥнарбатах генерал-лейтенант Дмитрий Карбышев дьоруойдуу хорсун быһыытын туһунан биһиги көлүөнэ — сэбиэскэй кэм оҕолоруттан ама ким сөҕө-махтайа, долгуйа аахпатах, кини курдук хорсун, кытаанах буолуом дуо, диэн ыйытык туруорунан, хайа эрэ түгэҥҥэ бэйэтин тургутан көрбөтөх киһи, ама, баара буолуо дуо?!..
Суоҕа буолуо дии саныыбын. Саарбахтаабаппын даҕаны. Ол курдук биһиги генерал Карбышевы үрдүктүк тутан, идеал оҥостон, дьиҥнээх дьоруойдуу хорсун быһыы эталонунан ылыммыппыт. Бүтүн көлүөнэлэр кини хорсун быһыытын холобуругар үүнэн-сайдан таҕыстахтара.
Соччонон, билигин биһиги сиэннэрбит тэҥэ оҕолорбут “Эдэр карбышевецтар” уопсастыбаннай хамсааһын көхтөөх кыттааччыларынан буолалларын киэн тутта бэлиэтиибит. Туох да диэбит иһин, биһиги көлүөнэ иитиитэ таах хаалбатах эбит!
Бу киэҥ далааһыннаах хамсааһын Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, инженернэй сэриилэр генерал-лейтенаннара Дмитрий Михайлович Карбышев аатын сүгэр уонна РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин инженернэй войскаларын иһинэн үлэлиир. Бу эмиэ ураты көстүү буолар.
1960-с сылларга төрүттэммит бу хамсааһын билигин дойду үрдүнэн 70 үөрэхтээһин, о.д.а. тэрилтэлэртэн уопсайа 20 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччини хабар. Байыаннай-патриотическай уонна сиэр-майгы, духуобунай өттүнэн үлэ салаа быһыытынан дойду 33 субъегар итиэннэ Беларусь, Казахстан уонна Киргизия өрөспүүбүлүкэлэригэр ыытыллар.
Быйыл саас, 2019 сыл кулун тутарыгар “ЮНАРМИЯ” (Москва к.) Киин дьиэтигэр, “ЮНАРМИЯ” ВВПОД уонна “Эдэр карбышевецтар” уопсастыбаннай хамсааһын икки ардыларыгар бииргэ үлэлэһии туһунан Сөбүлэһиигэ илии баттаһыы буолбута. “Эдэр карбышевецтар” Юнармейскай хамсааһыҥҥа киириилэрэ — бу Сөбүлэһиини түһэрсии биир дьоһуннаах ситиһиитэ!
Оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Эдэр карбышевецтар” Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы оҕо байыаннай-патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаата 2019 сыл тохсунньутуттан үлэлиир. Бу тэрилтэ оскуола үөрэнээччилэрин инженернэй-тиэхиньиичэскэй хайысханан, салгыы байыаннай сулууспаны РФ байыаннай күүстэрин инженернэй войскаларын кэккэлэригэр баралларыгар, онтон өссө инникитин, бу иҥэриммит билиилэрин, ылыммыт дьоҕурдарын өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын араас салааларыгар, бырамыысыланнаска уонна силовой структураларга туһанар кыахтаналлар.
“Эдэр карбышевецтар” хамсааһын Эрэгийиэннээҕи салаа салайааччыта, инженернэй сэриилэр подполковниктара Николай Андреевтыын бииргэ үлэлэһэллэр. Итиэннэ, бу саас кулун тутарга, РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин инженернэй сэриилэрин начаалынньыга генерал-лейтенант Юрий Ставицкайдыын Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Степан Саргыдаев, байыаннай комиссар полковник Демир-оол Артына, ДОСААФ бэрэссэдээтэлэ полковник Сергей Черных Сөбүлэһиигэ илии баттаспыттара улахан суолталаах түгэнинэн буолар.
Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 5 Карбышевскай байыаннай-инженернэй юнармейскай этэрээт баар: Дьокуускай куоракка, Эдьигээн, Таатта, Чурапчы улуустарыгар. Итиэннэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар сотору кэминэн тэриллэр.
Алтынньы 6-16 күннэригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин инженернэй сэриилэрин баазатыгар, кинилэр өйөбүллэринэн, Карбышевскай хамсааһын декадата ыытыллыбыта. Уон күнү быһа “Эдэр карбышевецтар” оҕолор байыаннай-патриотическай уопсастыбаннай хамсааһыннарын чилиэннэрэ войскалар араас хайысхаларын чугастык билсэллэригэр, оттон кинилэр салайааччыларыгар, оҕолору кытта үлэлэригэр, билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтинэллэригэр, сатабылларын сайыннаралларыгар ураты түгэн тосхойбута.
Бу улахан түмсүү муҥутуур суолталаах, эппиэтинэстээх тэрээһининэн саҥа үс Карбышевскай байыаннай-инженернэй юнармейскай этэрээттэри дьоһуннаахтык аһыы буолла – үөрэнээччилэр Юнармеец андаҕарын биэрдилэр уонна эдэр карбышевец эбэһээтэлистибэлэрин ылыннылар.
Бу декадаҕа, анаан-минээн ыҥырыллан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин актыбыыстара кытыннылар. Маннык састаабынан: “Эдэр карбышевецтар” хамсааһын Эрэгийиэннээҕи ыстаабын үөрэх-методическай чааһыгар начаалынньыгын солбуйааччы, урут РФ СК инженернэй сэриилэригэр сулууспалаабыт, сэрии сэбин утилизациялааһын бырагырааматыгар кыттыбыт, билигин ЯФЭК устуоруйаҕа, социологияҕа преподавателэ Святослав Николаев; Эрэгийиэннээҕи ыстаап начаалынньыгын байыаннай-инженернэй уонна анаан бэлэмнээһиҥҥэ солбуйааччыта, ИДьМ астаапкаҕа ыстаарсай прапорщига Нестер Нестеров; Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Д.М.Карбышев аатынан юнармеецтар Эдьигээннээҕи “Алмаас” этэрээттэрин салайааччы, эбии үөрэхтээһин педагога Сандал Иванов.
Номоххо киирбит байыаннай чааска
Дьэ, уонна, ааҕааччыларбытыгар кэпсиэхпитин олус баҕарар биир сүрүн түгэммит – Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Иван Михайлович Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын Карбышевскай байыаннай-инженернэй 12 киһилээх юнармейскай этэрээтэ, устуоруйа преподавателэ, этэрээт салайааччыта Василий Макаров буолан, оскуола дириэктэрэ Михаил Дьячковскай салалтатынан, бу тэрээһиҥҥэ толору састаабынан баран ситиһиилээхтик кыттан кэллэ!
Саха сирин оҕолоро маннык бөдөҥ тэрээһиҥҥэ кыттыылара – киэҥ уонна дириҥ суолталаах түгэн буоларынан, мин бу декада туһунан кэпсии түһэригэр, бастатан туран, “Эдэр карбышевецтар” уопсастыбаннай хамсааһын Ыстаабын начаалынньыга Анатолий Николаевич ХРАМОВТАН көрдөстүм.
—Карбышевскай хамсааһыны, Дмитрий Михайловиһы тус бэйэтин үчүгэйдик билэр, бииргэ үөрэммит, бииргэ сулууспалаабыт, кини салалтатынан үлэлээбит дьон, өссө 60-с сыллар саҕаланыыларыгар төрүттээбиттэрэ. Сыал-сорук дьэҥкэ – кини дьылҕатын, кини дьоруойдуу олоҕун эдэр көлүөнэҕэ тиэрдии. Генерал-лейтенант Дмитрий Карбышев куруутун чопчу позициялааҕа, бэйэтин билиитинэн, сатабылынан байыаннай-инженернэй чаастарга киллэрбит кылаата сүдү. Контузияланан, өйүн сүтэрэн сытан өстөөх билиэнигэр түбэһэн да баран, кини ньиэмэс фашистарыгар бэриммэт модун күүстээх санаата, Аҕа дойду иһин олоҕун толук ууруута, дьоруойдуу быһыыта байыастарга чаҕылхай холобур буолбута.
Мин бэйэм бу үлэм хайысхатын Саха сирин биир кыракый арктическай оройуонун патриотическай кулуубуттан саҕалаабытым. Онтон өрөспүүбүлүкэҕэ Ыччат парламенын париотическай үлэҕэ кэмитиэтин хас да сыл салайбытым. Юнармия өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаабын начаалынньыга буолбутум. Ол иһин, үлэ бу хайысхатыгар бэйэм тус көрүүлэрдээхпин диэххэ сөп. Саамай сүрүнэ — Карбышевскай хамсааһын кэҥээн, тэнийэн иһэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕолоро бу хамсааһыны өйүүллэрэ чахчы үөрдэр. Төһө даҕаны киин сирдэртэн ыраах, айылҕабыт усулуобуйата уустук буоллаллар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрэ олус үчүгэй таһымы көрдөрдүлэр. Саха сирин эдэр карбышевецтара өй-санаа, эт-хаан өттүнэн үрдүк бэлэмнээхтэр, тулуурдаахтар. Байыаннай үөрэх, строевой бэлэмнэнии, бастакы мэдэсиинискэй көмөнү оҥоруу, байыаннай дьиссипилиинэ төрүттэрин сөптөөх таһымҥа билэллэрин көрдөрдүлэр. Бары олус үчүгэй формалаахтар, ол иһигэр кадетскай, байыаннай-полевой. Карбышевскай хамсааһын бэлиэлэрдээхтэр… Быһатын эттэххэ, бу 12 үөрэнээччи Арассыыйа киин куоратыгар, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа кэлэн, ураты дьоһуннаах бырагырааманы иҥэриннилэр. Кинилэр көннөрү байыаннай чааска буолбакка, Норуоттар икки ардыларынааҕы противоминнай кииҥҥэ дьарыктанан, миинэни гуманитарнайдык суох оҥорууга туруоруллубут соругу ситиһиилээхтик толордулар, матырыйааллары кэлимсэ үөрэттилэр. Сирияҕа үлэтин кэнниттэн бу — номоххо киирбит байыаннай чаас буолар. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр буолбатах, чуолаан билиҥҥи кэмҥэ бу подразделение Бойобуой Кутузов Уордьанынан наҕараадаланна. Бэрэсидьиэн Владимир Путин бэйэтинэн уордьаны чаас Бойобуой Знамятыгар аста.
Бу Киини таһынан, оҕолор инженернэй сэриилэр атын чаастарыгар эмиэ сырыттылар. Холобур, Д.М.Карбышев аатынан Инженернэй сэриилэр Киин научнай-чинчийэр испытательнай үнүстүтүүттэрин билсистилэр. Манна инженернэй сэбилэнии уонна тиэхиньикэ саҥа көрүҥнэрэ оҥоһуллаллар уонна манна “Эдэр карбышевецтэр” хамсааһын ыстааба баар. Итиэннэ эдэр карбышевецтар, улаханнык интэриэһиргээн туран, дойдуттан бүттүүнүттэн түмэн, инженернэй сэриилэр эпписиэрдэрин уонна сержаннарын бэлэмниир, Николо-Урюпино бөһүөлэккэ турар инженернэй сэриилэр үөрэтэр кииннэригэр уонна 2017 сыллаахха тэриллибит, аан дойдуга атын ханна даҕаны суох инженернэй-маскировочнай полкаҕа, сырыттылар.
Биир саамай кэскиллээҕэ – маннык бэлэмнэниини ааспыт ыччаттар, армияҕа сулууспа кэнниттэн, холобур, Тюменнээҕи Үрдүкү байыаннай училищеҕа үөрэххэ киириэхтэрин сөп. Инженернэй-тиэхэньиичэскэй хайысха кэскиллээх. Байыаннай идэ эрээри, сэргэстэһэ гражданскай эмиэ буолар – анал тиэхиньикэ, суол оҥоруута, электрохааччыйыы, о.д.а. Бу үрдүк кылаастаах исписэлиистэр норуот хаһаайыстыбатыгар да олус туһалаах буолуохтара, ол иһин барыта тоҕоостоох!, — диэн сэһэргээтэ онуоха Анатолий Храмов.
Кини этэринэн, биир саамай көдьүүстээҕэ – ыччаттары кытта миэстэтигэр салгыы үлэлиир преподавателлэр, салайааччылар эмиэ кэлэннэр, быһаччы байыаннай чаастарга бэлэмнэниини ааспыттара, сатабыл, уопут ылыммыттара буолар. Бу – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэни тэрийээччилэр: Эрэгийиэннээҕи ыстаап начаалынньыгын байыаннай-инженернэй уонна анаан бэлэмнээһиҥҥэ солбуйааччыта, байыаннай-инженернэй дьыала кылаабынай инструктора, ИДьМ астаапкаҕа ыстаарсай прапорщига Нестер Нестеров, үөрэх-методическай өттүнэн бэлэмнэниигэ кылаабынай инструктор, ЯФЭК устуоруйаҕа, социологияҕа преподавателэ Святослав Николаев уонна Чурапчы улууһуттан буойун-учуутал И.М.Павлов аатынан орто оскуола дириэктэрэ Михаил Дьячковскай, хоту Эдьигээнтэн юнармеецтар этэрээттэрин салайааччы, эбии үөрэхтээһин педагога Сандал Иванов.
Буойун-учуутал аатынан оскуола
Мин Чурапчытааҕы И.М.Павлов аатынан орто оскуола дириэктэрэ Михаил Дьячковскайдыын эмиэ сэһэргэстим. Кини кэпсээнин оскуолатыттан саҕалаата.
—Иван Михайлович Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолата ааспыт үөрэх дьылыгар 15 сааһын бэлиэтээтэ. Бу кылгас кэм иһигэр оскуола улуус бастыҥ үөрэҕин тэрилтэтэ буола үүннэ. Быйыл 297 үөрэнээччилээхпит. Оҕолору дьиҥ идэлэрин толору баһылаабыт, айар дьоҕурдаах педагогтар үөрэтэллэр- иитэллэр. Ол түмүгүн, 19 оҕо оскуоланы көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Инникигэ хардыы” НПК 6 лауреата уонна финалистара туоһулууллар. Оскуола үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай таһымнаах араас олимпиадаларга, кэмпириэнсийэлэргэ, куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар.
2019 сылга федеральнай инновационнай былассаакка статуһун ылары ситистибит.
Үгүс өрүттээх үлэбитигэр биир сүрүннүүр хайысхабытынан чинчийэр үлэ, оҕолору байыаннай-патриотическай иитии буолар. Буойун – учуутал, үйэтитээччи Иван Михайлович Павлов олоҕун Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ийэ дойдуларын көҥүлүн көмүскүүр уоттаах сэриигэ олохторун толук уурбут, сураҕа суох сүппүт уонна Кыайыы кынаттаах дойдуларыгар төннөн кэлэн эйэлээх олоҕу тутуспут биир дойдулаахтарбытын үйэтитиигэ үгүһү үлэлээбитэ. Ол туоһутунан, кини кэнэҕэски көлүөнэ ыччакка кэриэс хаалларбыт 42 кинигэтэ буолар.
Бу ытык киһибит саҕалаабыт үлэтин кини аатын сүгэр оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара салгыыллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Павловскай ааҕыылар сыллата кыттааччыларын ахсаана элбээн, географията кэҥээн иһэр.
Бу үлэ чэрчитинэн, быйыл сааскыттан бэлэмнээн, Иван Михайлович тыыннааҕар ыра санаа оҥостубут Новгородскай уобалас Старай Русса оройуонугар Ытык Ильмен эбэтигэр фашистартан Ийэ дойдуларын босхолуур кырыктаах кыргыһыыга өлбүт 597 биир дойдулаахтарбытын кэриэстээн, үөрэнээччилэрбитин илдьэ кинилэр көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйүү, төрөөбүт алаастарыттан ийэ буордарын илдьэн ууруу уонна өлбүт буойуттар хас биирдиилэрин ааттаан, хаартыскаларын хомуйан, хотугулуу-илин фронт федеральнай мусуойугар туттарыы буолла. Бу дьаһалбытын тэрийиигэ көмөлөспүт СӨ Ыччат министиэристибэтигэр, миниистир Степан Саргыдаевка, СӨ Баһылыгын Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин Санк- Петербургтааҕы салаатыгар, “РИК- финанс” генеральнай дириэктэригэр, биир дойдулаахпытыгар Дмитрий Захаровка, Чурапчыбыт улууһун дьаһалтатыгар уонна Үөрэҕин управлениетыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Дьиҥнээх байыаннай сулууспа усулуобуйатынан…
—Бу дьыл алтынньы 6 -16 күннэригэр Москва уобалаһын Нахабино куоратыгар турар Норуоттар икки ардыларынааҕы противоминнай кииҥҥэ “Эдэр карбышевецтар” үөрэтэр- эрчийэр сбордарыгар 12 оҕону илдьэ сырыттыбыт. Оҕолор дьиҥнээх байыаннай сулууспа усулуобуйатынан сырыттылар. 10 хонук устата оҕолор байыаннай чаас казарматыгар олордулар. Инженернэй сэриилэр бойобуой дьарыктарын көрдүлэр. Сэрии уонна эйэлээх кэмнэргэ араас дэлби тэбэр миинэлэри, бэйэ оҥоһуута буомбалары утары үлэ ньымаларын үөрэттилэр, билистилэр. Аныгы армия инженернэй хааччылыытын научнай-чинчийэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа генерал-лейтенант Дмитрий Михайлович Карбышев аатынан үнүстүтүүт үлэтин билистилэр, лабораторнай эбийиэктэри көрдүлэр.
Үгүс байыаннай тиэхиньикэни билистилэр, армия устуоруйатын үөрэттилэр, байыаннай-историческай мусуойдарга, сэрии буолбут миэстэлэринэн Москва оскуолаларын оҕолорунаан походтарга сырыттылар. Москва оборуонатын бүтэһик кирбиитигэр Нефедьево дэриэбинэҕэ баар өйдөбүнньүккэ кэриэстэбил дьаһалыгар сырыттылар. Подольскайга Подольскай курсаннарын ааттарынан гимназияҕа сырыттылар. Курсаннар 1941 сыл алтынньыга Москва анныгар кыргыһыыгы хорсун быһыыларын кэпсиир мусуойу сиһилии көрдүлэр. 1941-1945 с.с. Аҕа дойду сэриитин мусуойугар, Кыайыы пааркатыгар Поклоннай хайаҕа үгүһү көрдүлэр-биллилэр. Биллиилээх байыаннай начаалынньыгы, ИДьМ миниистирин, эконэмиичэскэй наука дуоктарын, академик, армия генерала Анатолий Сергеевич Куликовтуун көрүстүлэр. Москваҕа, Биллибэт саллаат Умуллубат уотугар, Кириэмил бочуотунай караулун кытта сибэкки ууруутун долгутуулаах сиэрин толорустулар. Бу түгэни хаһан даҕаны умнуохтара суоҕа, — диэн санаатын үллэһиннэ Михаил Владимирович.
Дойдуларыгар кэлэр күннэригэр оҕолор РФ Сэбиэтин чилиэнэ, биир дойдулаахтара Егор Афанасьевич Борисовы кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай Бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ киэҥ саалатыгар көрүстүлэр. Дириҥ суолталаах, ис киирбэх кэпсэтии буолла. Егор Афанасьевич оҕолорго бу бэлиэ күн өйдөбүнньүк сувенирдары туттарда, аҕа көлүөнэ хорсун быһыытын кэриэстээн тэриммиттэрин хайҕаата уонна инникитин бу дьоһуннаах үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарда.
Ити курдук, “Эдэр карбышевецтар” кэккэлэрэ хаҥыыр. Ыччаттарбытын патриотическай иитиигэ биллэр-көстөр хардыылар оҥоһуллаллар. Ол гынан баран, биһиги ийэлэр, биллэн турар, бу билиилэрин-көрүүлэрин оҕолорбут түөрүйэ өттүнэн уонна эйэлээх олоххо тутталларыгар баҕарабыт.
Татьяна МАРКОВА.
Хаартыскалар “Эдэр карбышевецтар” уопсастыбаннай хамсааһын фотоархыыбыттан туһанылыннылар.