Эдэр ийэ суһал көмөҕө наадыйар!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгин элбэх оҕолоох Латышевтар эдэр ыалга ыарахан күннэр бүрүүкээтилэр.

Бу туһунан Латышевтар ийэлэрэ Варвара Кононова иһитиннэрэр:

Улахан кыыһым Александра Латышева 5 оҕо ийэтэ. Бэйэлэрин оҕолоругар эбии  эпиэкэҕэ бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун иитэллэр.

Бу күннэргэ эдэр ыалга этиҥ эппитинии ыарахан түгэн үөскээтэ — эдэр ийэ ыарахан ыарыыга ылларда. Александра аҕыйах хонуктааҕыта саҥа оҕолонон тахсыбыта. Оҕоломмута ый да буола илик. Оҕом төбөтүгэр  искэн буллулар. Эпэрээсийэ оҥорор буоллулар.   Онно үтүмэн харчы наада буолла. Эпэрээссийэ кэнниттэн радиологиянан уонна химиотерапиянан эмтэниэхтээх. Саха үтүө дьоно, оҕолорбор көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүн. Маннык ыарахан кэмҥэ бэйэ-бэйэбитин өйөһүөххэ.  Кыра оҕолордоох эдэр ыал эһиги өйөбүлгүтүгэр наадыйар.  
Күтүөтүм суотабай нүөмэрэ: 89969159866. Латышев Николай Семёнович.
Каартатын нүөмэрэ: 4276760014190530

Александра балтын нүөмэрэ: 89841091290 — Устинова Элеанора Андреевна.
Каартатын нүөмэрэ: 4817760230588570
Баан аадырыһа:

Получатель: ЛАТЫШЕВ НИКОЛАЙ СЕМЕНОВИЧ
Номер счета: 40817810976000160476
Банк получателя: ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО СБЕРБАНК
БИК: 049805609
Корр. счет: 30101810400000000609
ИНН: 7707083893
КПП: 143502001
SWIFT-код: SABRRUMM

Үтүө санаалаах саха дьоно, Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгин 5 кыра оҕолоох эдэр ыалын ыарахан кэмигэр өйөбүл буолуохха, кырачааннар ийэлэрин туһугар ким туох кыахтааҕынан көмөлөһүөххэ!

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Варвара Кононова тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0